Биһиги сахалар…. Туруулаһыы. Ульяна Алексеевна Винокурова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Биһиги сахалар…. Туруулаһыы - Ульяна Алексеевна Винокурова страница 15

Биһиги сахалар…. Туруулаһыы - Ульяна Алексеевна Винокурова

Скачать книгу

киһи сөптөөх көмөнү оҥордоххо, тиллэр, чөл туругар түһэр кыахтаах. Дөйө тоҥмут илиини-атаҕы, атын да миэстэлэри, тугунан эмит суулаан эрэ баран, сылаас дьиэҕэ киллэриллэр. Оччоҕо били мууһурбут эт-хаан туга да алдьаммакка улам ирэр, килиэккэлэр убаҕастара ууллан чөллөрүгэр түһэллэр. Ол саҕана сылаас сиргэ киирбит киһини итии аһылыгы аһатан, убаҕаһы иһэрдэн, ис уорганнарын үлэлэрин күүһүрдүллэр. Оччоҕо киһи бэйэтин иһиттэн сылаас хаана били тоҥмут илиигэ-атахха сүүрүгүрэн киирэр кыахтанар. Дьэ ол эрэ кэнниттэн, эт-сиин бүттүүнэ итийбитин билэн баран, хамсатаҕын-имсэтэҕин, эрчийэҕин, имэрийэҕин-томоруйаҕын. Барыта 6 чаас устата барар. Мууһура тоҥмут тарбахтары, атахтары тутатына имитэн, хамсатан көрөр, күүскэ тутар-хабар букатын бобуулаах! Үлүйбүт дьоҥҥо суһал көмө быһыытынан өссө маннык ньымалары туттуохха сөп:

      – Илиилэргитин, атахтаргытын иккиэннэрин (биирэ үлүйбэтэх да буоллун) 20-22 С° кыраадыс сылаас ууну бааннаҕа, тааска кутан баран, онно угуохтааххыт, сылытыахтааххыт. Уугут температуратын улам 40 С° диэри үрдэтиҥ.

      – Үлүйбүт атаххытын, илиигитин 37-40 С° итии ууга уонна хос иһигэр турбут температуралаах ууга олбу-солбу уган ылаттыыгыт. Үлүйбүт лабааларгытын аллараттан үөһэ, уһугуттан саҕалаан илиигитинэн тутаҕыт-хабаҕыт, массажтыыгыт. Эмсэҕэлээбит киһи үлүйбүт атахтарын, илиилэрин туох эмэ үрдүккэ ууран сытара наада. Итини барытын сатаан оҥордоххо, үлүйүүттэн эмсэҕэлээһин аччыыр, эт-хаан салгыы алдьаныыта тохтоон, чөлүгэр түһүүтэ арыый түргэнник барар.

      Үлүйбүт кулгааҕы, муруну, иэдэһи сылаас илиинэн сэрэнэн хам тутан эбэтэр сымнаҕас таҥаһынан сабан сыыйа сылытыллыахтаах, ол кэнниттэн испииринэн сотон баран, кириэминэн уҥунуохтаныллыахтаах. Оччоҕо үлүйбүт сирдэргэ хаан сүүрүгүрэр кыахтанан чөллөрүгэр түһэллэр. Оччоҕо хаан эргиирэ үлүйбүт сирдэргэ күүһүрүүтэ, өлүктүйбүт килиэккэлэр тиллиилэрэ тэҥҥэ баран, улахан бааһырыы тахсыбат. Оттон үлүйбүт сири уонна чугаһатан, итии оһоххо сыһыаран сылыта сатааһын буортуну эрэ аҕалар. Итинник ньымаҕа өлүктүйбүт килиэккэлэр кыайан тиллибэттэр, хата эбии тарҕанан бараллар.

      Поэт Владимир Маяковскай суруйан турар: «Землю, где воздух как сладкий морс, бросишь и мчишь, колеся. А землю, с которою вместе мёрз – вовек разлюбить нельзя». Ити курдук Сахабыт сирин айылҕата, күнүн-дьылын хардыыта, туруга уйаны-хатаны тургутар туруга төһөнөн уустук да соччонон күндү, ураты уйан тыыннаах буолан олохсуйарга, олох олорорго, силис-мутук тардарга кытаанах, чуолкай, дьэҥкэ ирдэбиллэрдээх.

      Айылҕа моһоллорун үмүрүтэргэ өркөн өйдөөхтөрбүт, амарах санаалаахтарбыт булбут-талбыт, айбыт ньымаларын киэҥник туттарга суолу айарбыт булгуччулаах уонна кыаллар хайысха.

      Маны таһынан, өссө информационнай эйгэҕэ өтөн киирдэхпит ахсын, саҥа тургутуулар тыаһа-ууһа суох өйү сүүйэр угаайыларыгар үктэнэр, киэҥ көҕүһү кыаратар ньымалар тарҕанан эрэллэр. Ол манипулятивнай технологиялар! Ордук сурук-бичик, көрдөрөр-иһитиннэрэр ситимнэр киһи үксэ билиэн-көрүөн, истиэн, сонун

Скачать книгу