Кырыыстаах кылаат. Данил Макеев
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Кырыыстаах кылаат - Данил Макеев страница 1
Ыстапаан бэйэтэ оҕо эрдэҕиттэн холкуоска оҕус сиэтэн, кэлин биригэдьиирдээн, сопхуоска кыладыапсыктаан пенсияҕа тахсыбыта. Эмээхсинэ маҥнай өр кэмҥэ ыанньыксытынан үлэлээбитэ, кэлин оҕо саадыгар ньээньэлээбитэ. Кинилэр саастыыта дьонтон билигин бөһүөлэккэ тарбахха баттанар киһи хаалла. Сэрии кэминээҕи сут-кураан, холкуос, сопхуос ыар үлэтэ үйэлэрин кылгаттаҕа буолуо ээ. Ыстапаан даҕаны сэрии саҕана бэрт элбэхтэ аччыктыыр иэдээнин билбитэ, үгүс эрэйи-муҥу көрбүтэ.
Аҕата Хонооһой кыһыл, үрүҥ буолан кыргыһыы саҕана убайа Өлөксөйдүүн кутуу чэй, хамса табах иһин үрүҥнэргэ холбоһон куораты сэриилээн ыла киирэн баран, Никольскайдааҕы кыргыһыы кэнниттэн нэһиилэ тыыннарын тэскилэтэн, быстах баандаҕа холбоһон, Дьааҥы диэки түспүттэр этэ. Кыайтаран кыыллыйбыт тойотторо аара баай-дьадаҥы диэн араарбакка аҥаар кырыытыттан халаан-талаан, субай хаанынан суунан, алдьархай бөҕөнү тардыбыттара үһү. Балачча өр оннук, кинилэри эккирэтиһэр кыһыллар этэрээттэриттэн мүччү-хаччы түһэ сылдьан баран, Дьааҥыга тиийэн биир таас үрэх баһыгар талаабыт көмүстэрин, түүлээхтэрин кистээбиттэр. Ол күнтэн ыла бэйэ-бэйэлэрин кыыл курдук көрсөр буолан барбыттар.
Оннук буолуохтааҕын сэрэйэн Хонооһой Өлөксөйдүүн адьас кэтэнэ-манана сылдьыбыттар. Атыттар кими да эрэммэт буолан быстыбыттара диэн аҕата биирдэ быктаран ааспыта. Көмүстэрин кистииллэрин саҕана сэттиэ буолан хаалбыттар: Хонооһой биитинээн Өлөксөйдүүн, Мэҥэ атыыһытын уола Испирдиэнэп-Хабыр Хабырыыс, Таатта кинээһин күтүөтэ, суруксут Ньукулаайап-Кур Уйбаан, Дьааҥы атыыһыта Сэмэн Силэпсиэп-Кыбытыы Харах, Сүллүгэс Сүөдэр уонна оҕо, дьахтар, оҕонньор, эмээхсин диэн аһынар санаата суох, тойотторо тугу эппиттэрин тук курдук толорор Сэттэ Быһах. Көмүстэрин кистээтэхтэрин үһүс күнүгэр Өлөксөй Сүллүгэһи уонна Сэттэ Быһаҕы кытары табаларын көрдүү бараары туран:
– Биһиги барааппытын кытары уу баһабын диэн үрэххэ киирээр, – диэн Хонооһойго сибис гыммыт. Хонооһой дьоно хотоолго киирэн көстүбэт буолааттарын кытта уу баһардыы туттан үрэххэ киирбит. Уутун баһан ураһаҕа тахсан истэҕинэ убайа Өлөксөй бу аҕылаан-мэҕилээн кэлбит:
– Сүллүгэстээх Сэттэ Быһаҕы сайылаатым. Аны тойотторбутун дьакыйыахха наада, – диэт ураһа диэки дьулуруйбутунан барбыт. Хонооһой хаҥас илиитигэр саатын, уҥа илиитигэр солуурун туппутунан батыһан истэҕинэ Өлөксөй:
– Эн ураһаҕа кииримэ. Мин бэйэм… – диэн сибис гыммыт. Тиийэн диэли тэлэйэ баттаат, иккитэ ытаатын кытары иһирдьэ бэстилиэт тыаһа баһырҕаабыт.
Өлөксөй саатын төлө тутан кэбиһэн баран, иһин түгэҕин харбаммытынан кэннинэн тэйэн тахсан иһэн умса хоруйбут. Хонооһой туора ыстанаат, ураһаны курдары ытыалаан сигийбит. Балачча өр кэтэһэн сыта түһэн баран, Өлөксөйү сүгэн үрэх диэки сыыллыбыт. Киһитэ уоһа кубарыйа өһөн, өйө суох сытан хараҕын көрөн кэлбит.
– Көмүһү атын сиргэ уларытан кистээр. Кэлин бэйэҥ билэргинэн туһанаар, – диэн баран нукус гынан хаалбыт. Хонооһой биитин үрдүгэр саҥата суох ытаан, санна титирэстии-титирэстии, бэрт өр олорбут. Онтон ураһаҕа үөмэн тиийэн, иһиллээн көрө-көрө, сэрэниин-сэрэнэн киирбитэ – Кур Уйбаан уонна Кыбытыы Харах тиэрэ түһэн, оттон Хабыр Хабырыыс уҥа илиитигэр наганын туппутунан ойоҕоһунан түүрүллэн өлө сыталлара үһү.
Малын-салын хомуйан, өлбүт дьону биир сиргэ мунньан ураһа тириитинэн, тааһынан-маһынан сабыта быраҕан баран, түөрт табаны тутан аҕалан биитэ Өлөксөйү ындан көмүһү кистээбит сирдэригэр тиийбит. Көмүһү, түүлээҕи хостоон, ол оннугар Өлөксөйгө уҥуох тутан баран бу иэдээннээх сиртэн тэйэн, өссө биир арҕас хайаны нөҥүө түһэн Олдьо диэн үрэх кытылыгар көмүһүн, түүлээҕин кистээбит. Хаһан эрэ эргиллэн кэлиэм диэн бэлиэ сири тала сатаабыт. Үрүйэ соҕуруу саҕатыгар уҥуоргу сис хайаттан уулуу киирэн иһэн, булчут бэргэн буулдьатыгар таптаран сөһүргэстии түспүт аарыма буур тайаҕы санатар көһөҥө таас баара үһү. Сааскы хаар,