Кырыыстаах кылаат. Данил Макеев

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кырыыстаах кылаат - Данил Макеев страница 3

Жанр:
Серия:
Издательство:
Кырыыстаах кылаат - Данил Макеев

Скачать книгу

оҥостон олорунан кэбистэ.

      – Ээ, дьэ, кырдьык, ол киһи саҥа ойбону алларара саарбах. Хайа, Соня киирэ илик дуу? Аһыы охсон баран Махачкала массыынатын оҥоро барыам этэ.

      – Махачкала диэн Дьөгүөрэп Сэргэйи ааттыыгыт дуо?

      – Ээ, кинини. Махачкалаҕа сулууспалаабытым диэн кэпсэнэрин иһин аат иҥэрэн кэбиспиттэр.

      – Ол массыыната эмиэ көтүрү сытыйбыт дуо? Соторутааҕыта оҥорор курдук этигит дии.

      – Ээ, бэрт кыра. Арааһа, көрбүрээтэрэ хаппырыыстыыр быһыылаах. Бөтүөхтээн ылар диир.

      – Чэ, оччоҕо остуолгун тарда тур. Суонньа билигин киирэр ини, – дии-дии, Ыстапаан сиһин имэринэ олордоҕуна, күүлэҕэ атах тыаһаата. – Дьэ, ити кэллэ.

      Аһылыкка ийэлэрэ остуолга кэллэ. Ыстапаан эрдэттэн былааннаабыт санаатын этэн, Маайа сарсын балыыһаҕа киирэн сыта түһэн тахсар буолла.

      Сарсыҥҥытыгар Киэсэ Махачкала массыынатынан ийэтин балыыһаҕа киллэрэн кэлбитин кэннэ, Ыстапаан уолун ыҥыран ылла. Бэрт ырааҕынан эргитэн, эһэтэ Хонооһой кистээбит көмүһүн туһунан кэпсээбитигэр Киэсэ балачча өр сөҥөн олордо, онтон ойон туран хоһугар киирэн магнитофон тутан таҕыста. Аҕатын таһыгар кэлэн олорон баран:

      – Аҕаа, эһэм көмүһүн ханна, хайдах сиргэ кистээбитин өссө сиһилии кэпсээ эрэ, магнитофоҥҥа уһулуом этэ, – диэтэ.

      Ыстапаан маҥнай хайдах эрэ мух-мах барыах курдук буолан иһэн, өссө биирдэ сиһилии кэпсээн баран:

      – Билигин ити көмүһү киһи туһаныа дуо? – ьдиэбитигэр:

      – Толкуйдуохха наада, толкуйдуохха, – дии-дии, уола тарбахтарын лачыгырата-лачыгырата, төттөрү-таары хаамыталаата. Ыстапаан уолун сирэйэ-хараҕа хайдах эрэ уларыйан хаалбытын дьиксинэ көрдө. Кэпсээбитин кэмсинэ санаан эрдэҕинэ Киэсэ:

      – Аны сааскыга диэри бириэмэ баар. Эн биһикки итини өссө үчүгэйдик сүбэлэһиэхпит, – диэн баран аны эһэтэ Дьааҥыттан хаһан, хайдах, ханан кэлбитин туоһуласта.

      Ыстапаан аҕата Дьааҥыттан күһүн, муус турбутун кэннэ, Тукулаан үрэҕин таҥнары батан, билигин Түүлээх нэһилиэгин киинэ буолан турар сири көрбү-түнэн Алдаҥҥа түспүтүн, онтон дойдутун булбутун туһунан кэпсээбитигэр, Киэсэ аҕыйах сыллааҕыта икки уол мунан сатыы биэс уонтан тахса хонук айаннаан кэлбиттэрин туһунан хаһыаттар суруйбуттарын өйдөөн кэллэ… Түүлээх бу кинилэр олорор сирдэриттэн аҕыс көс курдук буолуохтаах. Аҕатыгар мунан кэлбит уолаттар тустарынан кэпсээн эрдэҕинэ оҕонньор: «Аахпытым. Эн эһэҥ даҕаны ити суолунан киирбит буолуохтаах. Былыр айаннарын суола итинэн буоллаҕа дии», – диэтэ. Уоллаах аҕа итинтэн салгыы Дьааҥыга хаһан, хайдах тиийиэххэ сөбүн сүбэлэстилэр. Киэсэ самолетунан айанныыры тута сөбүлээбэтэ. Ким да билбэтинэн баран кэлиллиэхтээх. Онон сааһа кырдьык ордук буолсу диэн санааҕа кэллилэр. Түүлээххэ тиийэн, өрүс эстиэн иннинэ Алданы туораан, Тукулаан үрэҕин өрө бардахха тиийиэххэ сөп. Арай сааскы халаан уута, кыыл-сүөл эрэ моһуоктуо. Аттаах, ыттаах, саалаах-сэптээх киһи үчүгэйдик сырыттаҕына

Скачать книгу