Өтөх иинэ оспот. Татьяна Находкина

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Өтөх иинэ оспот - Татьяна Находкина страница 12

Жанр:
Серия:
Издательство:
Өтөх иинэ оспот - Татьяна Находкина

Скачать книгу

үчүгэйдик тэрийэн ыытыахтаахпын. Кыра Ыстапааным, оҕом сыыһа, бырастыы гын, эн сырдык мөссүөҥҥүн ахтан-санаан, ытыыр-соҥуур миэхэ бүгүн көҥүллэммэт. Оҕом сыыһа, бырастыы, бырастыы… Эн умнуллубат кэрэ бэйэҥ тыыннааҕым тухары мин сүрэхпэр тыыннаах сылдьыаҕа. Быраатыҥ Баһылайы харах уулаах атаарбатахпына табыллар. Хомойуо.

      Ийэ оҕотунаан бырастыылаһардыы, хараҕын быһа симэн, саҥата суох сөҥөн олорбохтуу түһээт, күүһүнэн сыҥаланан туран, уолун окумалыттан тутуһан аһыыр сиргэ таҕыста. Остуолга ытаан сирэйдэрэ салбаҕырбыт Мачыана, Вера уонна Бүөтүр Бөтүрүөбүс олороллор.

      – Онтон Киристиинэ… тоҕо суоҕуй? – Маарыйа Киристиинэ суоҕун көрөн, куолаһа эйэҥэлээн ылла.

      – Кыайан кэлбэтэ. Ийэтинээн хаалла. Сытар. Кэлиэҕэ, – Бүөтүр Бөтүрүөбүс аҕыйах тылынан быһаарда.

      Бары Кыра Ыстапаан аһыытыгар сөҥөн, саҥата суох олордулар, куолайдарыгар ас да барбат курдуга.

      – Ийээ, хайыыр да кыах суох. Убайым Ыстапаан туһугар тиһэх хааппыла хаан хаалыар диэри өстөөҕү үлтүрүтүүгэ сэриилэһиэм, – диэн Баһылай бэйэтэ ньамньыраан олорор ийэтин эбии уйадыппыта.

      – Ийээ, наһаа айманыма, Ыстапааммытын төнүннэрэр ханнык да күүс суох. Аҕабытын, уолаттаргын Миитээни, Баһылайы санаа. Сиэниҥ Мааһыҥкаҥ туһугар күүстээх санаалан, – Вера саҥарарын быыһыгар сиэнин көтөхтөрө биэрбитигэр, эбэтин ньилбэгэр эккирээн күүскэ тирэнитэлээбитигэр – остуолга олорооччулар сирэйдэригэр мичээр толбоно түстэ.

      Мачыана харах уулаах олорон, төһө кыалларынан туттуна сатыы-сатыы, дьүөгэтин сэргэхситээри ону-маны кэпсии олордо.

      – Мин Тэрэнтэйим Челябинскай уобаласка биир ыйдаах байыаннай бэлэмнэниини баран, Ийэ дойдуга бэриниилээх буоларга бирисээгэ биэрбит. Бирисээгэ кэнниттэн, Волга өрүс кытыытыгар аҕалбыттар. Билигин Сталинград куорат иһин кырыктаах кыргыһыыга сылдьабын диэн суруйбут. Сордооҕум киһиэхэ этэн суруйтарбыт. Билиҥҥитэ этэҥҥэ. Ньукулай Торговкин кэргэнэ Аанча кыра кыыһын убайын кэргэнигэр, саҥаһыгар, ииттэрэ биэрбит. Үс оҕону кыайан иитэр кыаҕым суох, сүрүнэ, этэҥҥэ эрэ сырыттын диэн санаанан салайтарбыт. Саҥаһа оҕото суох, онон көрө сатыа, аччыктатыа суоҕа, ол кэриэтин бэйэтэ аччыктыа.

      – Оннук. Сөпкө гыммыттар. Баһылайбытыгар, Ийэ дойдутун көмүскүү барар киһибитигэр, этэҥҥэ сулууспалыырыгар, кыайыы-хотуу кынаттанан кэлэригэр баҕарыаҕыҥ, – Бүөтүр Бөтүрүөбүс уолга анаан үгүс истиҥ тыллары эппитэ. – Саалаахтан самныма, охтоохтон охтума, ытык иэскин чиэстээхтик толорон, төрөөбүт төрүт буоргар, кыайыы аргыстанан этэҥҥэ эргиллээр, – диэн алгыс тылларынан этиитин түмүктээбитэ.

      – Оҕом, Баһылайым, куттаныма, ытыам суоҕа. Оҕом, үчүгэйдик сырыт, суруйа тураар. Үлэһит буолан боруонньа ылла диэн үөрэ санаабытым. Ол ханна баарый? Таҥара баар буоллаҕына, эһиги этэҥҥэ эргиллэн кэлэргит туһугар, үҥэн-сүктэн көрдөһүөм, – ийэ оҕотун бэйэтигэр сыһыары тардан, «ыытыам суоҕа» диирдии, ыга кууспута.

Скачать книгу