Өтөх иинэ оспот. Татьяна Находкина
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Өтөх иинэ оспот - Татьяна Находкина страница 13
Маарыйа былырыын күһүҥҥүттэн ыла 15 ынаҕы ылан ыанньыксытынан үлэлиир, бэйэтин соҕотох хаалбыт ынаҕын холкуос хотонугар туруорар. Күнүскү ыамын кэнниттэн окко көмөлөһөрө. Оччолорго: «Отчут, хас биир бугулуҥ – өстөөх үрдүгэр түһэр буомба!» – диэн ыҥырыы уос номоҕор киирбитэ. Маарыйа оту охсоот, өтөххө киллэрэн куурдара уонна мөлтөх ньирэйдэригэр сиэтэрэ. Оччоҕо ньирэйдэрэ туран кэлэллэрэ. Аны кыһын төрөөбүт ынахтарбар «эмп» курдук сиэтиэм диэн сайыны-күһүнү быһа өтөххө күөх от хаһааммыта. Ийэ барахсан төһө да күннээҕи түбүккэ үтүрүттэрдэр, биллэн турар, саныыр санаата оҕолоругар уонна кэргэнигэр этэ.
Миитээлээх Баһылайа сэриигэ этэҥҥэ сылдьалларыттан үөрэр. Миитээтэ Ураллааҕы байыаннай уокурукка 102‐с станцияҕа тиийбит. Хайыһар биригээдэтигэр түбэһэн, сэрии үөрэҕин эриирин-мускуурун, саллаат ыарахан олоҕун этинэн-хаанынан билбитин туһунан суруйар. Хас суругун ахсын кыыһын Маасыҥканы уонна Кыра Ыстапаан уолун сураһар.
Онтон Ыстапаанын саастаах киһи диэн Забайкальскай фроҥҥа сэриигэ ыытар аттары көрүүгэ-харайыыга хаалларбыттар этэ. Онон билиҥҥитэ Ыстапааныгар санаата бөҕөх. Кыра Ыстапааныгар кулун тутар ыйга хара сурук кэлбитигэр аһыытыттан киһи аатыттан ааһа сыспыта. Хата, ону кыракый Өстүөпүскэ олоххо төнүннэрбитэ. Саҥа төрөөбүт кыракый уолу илиитигэр көтөхтөрөн кэбиспиттэригэр, ытаан бэбээрэр сиэнин сирэйигэр Кыра Ыстапаанын мөссүөнүн омоонун көрөн, уйа-хайа суох ытыырын быыһыгар түөһүгэр ыга кууспута. Нэһиилэ уоскутан оҕону араарбыттара. Сарсыҥҥы күнүгэр таастыйбыт сирэйдээх, биир таммах хараҕын уутун түһэрбэккэ, кыра уолун Баһылайы сэриигэ атаарбыта.
Кинилэр бөһүөлэктэригэр хайыы-үйэ хас да ыалга «хара сурук» кэлэн, дьон-сэргэ сүрэхтэрэ хаанынан ытаата. Дьон Мачыана буостаны аҕалбытын иһиттэҕинэ, сугулааны тумна хаамар буолла. Кини даҕаны харах уутуттан кэһэйэн хаалан, сэбиэккэ туттаран иһэр. Бастаан өйдөөбөккө илдьэн биэрэн, олус айманалларыттан, кинини буруйдуу көрөллөрүттэн саллан хаалбыт. Кини ыанньыксыттыырын таһынан, кыһыннары-сайыннары ыйга иккитэ буостаны таһар. Ахсынньы-тохсунньу ыйдарга, торулуур тымныыга саҕынньах кэтэн, оройуоннар биэрбит улахан баҕайы хаатыҥкаларын анньынан айанныыра. Биир хоноро. Сарсыҥҥы күнүгэр, сымнаҕас баҕайы аттааҕын биллэр да суолга моһуогуруохтара диэн, Уйбаанчык барахсан, кэлэр кэмин учуоттаан, хайаан да утары барара. Дьон ону билэрэ да саҥарбата. Уйбаанчыктаах Мачыана