Ситтэрбэти ситээри…. Михаил Иванов-Чуона Мэхээлэ
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Ситтэрбэти ситээри… - Михаил Иванов-Чуона Мэхээлэ страница 2
Поэма тыла-өһө сааһыламмыта, чиҥэ ааҕыллымтыа оҥорор. Тылынан ойуулааһын киһини өссө умсугутар, сэргэ турар алааһыгар, ол аата өбүгэ тыынын эйгэтигэр киллэрэр:
«Былыргы өтөххө кэлэммин
Хойдубут чуумпуну аймаатым,
Аастыйбыт салгыны ыймахтаан
Хас да сүүс саастаахтыы сананным».
Дьон-сэргэ биллибэтэҕэ ыраатан, салгын «хойдубут», бэл, «аастыйбыт», сэргэлээх былыргы тэлгэһэ эйгэтин салгына хойдон-хойдон, таастыйан, киһи санаатын да утаҕа кыайан киирбэт буолбата буоллар дии саныыгын… Поэт дууһалаах киһи «үйэлэр быылларын оймоон, ситтэрбэт номоҕу сырсар».
«Очуостуу дьиппиэрбит сыллартан
Кырыарбыт илдьити мин туттум», —
диэн поэт эппитэ – аастыйбыт салгын анараа өттүттэн «айаннаан» кэлбит кырыарбыт «илдьити» ааҕааччыга чугаһатан, киһи хараҕар илэ көстөн кэлэрдии оҥорор. Бу – санаа күүһүн тылынан киһи уйулҕатыгар тиэрдии күүһэ!
«Кыргыһыы сэмнэҕин санатар
Кыа хаанныы кытарар эмэхтэр
Кыдыйсар кыдьыктаах сахтартан
Кырыыстаах үйэни кэпсииллэр»,
– диэн, кырыыстаах кыргыс үйэтин хартыынатын бу түөрт строка ууран биэрэр.
«Арай дьон хаалларбыт мэҥэтэ
Тэлгэһэ сэргэтэ тураахтыыр —
Ааспыт кэм им-дьим кэрэһитэ
Саҥата суох элбэҕи кэпсиир».
Поэт сэргэ уобараһын инникилээх, кэскиллээх оҥорор. «Былыргы быраман дьыллартан күн тохтуур биир ытык күнүгэр», ол аата ыһыах күн, «Аар Кудук Чэрчи Мас чыпчаалын үөһээҥҥи айыылар булаллар». «Урааҥхай олоҕо ойууламмыт сиэдэрэй оһуордаах сэргэ» таһыгар сылгылар кистииллэр, халлааҥҥа тойон кыыл элиэтиир. Ол эрэн «арҕааҥҥы аргыарга үрдэрэн, дохсуннук айанныыр олох эрдиитэ суох оҥочо курдук дагдаҥныыр», туох да тохтоппот тэтимнээх олох айаныгар «быыппастар маҥан ат миҥэлээх алаас сайыһан далбаатыыр». Олох тэтимин дохсун долгунугар, алаас, сэргэҕэ баайыллыбыт Дьөһөгөй оҕото көмүскэл, харысхал буолуохтара диэн поэт сырдык, эрэл санааны саҕар.
Чуона