Ситтэрбэти ситээри…. Михаил Иванов-Чуона Мэхээлэ

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ситтэрбэти ситээри… - Михаил Иванов-Чуона Мэхээлэ страница 3

Ситтэрбэти ситээри… - Михаил Иванов-Чуона Мэхээлэ

Скачать книгу

Мигалкин Чуона Мэхээлэни поэт быһыытынан үрдүктүк сыаналаабытын толору ылынабын. Чуона Мэхээлэ поэзиятыгар айылҕа тыыннааҕымсытан ойууланара үгүс: курус күһүн өксүөн тыалга мэ-ҥэстэн кэлэр, хатыҥнар халадаай ырбаахы кэтэн чараҥҥа мусталлар. Хайдах курдук киһи хараҕар холустаҕа түспүт тэҥэ хатанан хаалалларый, маннык тыл күүһүнэн таҥыллыбыт хартыыналар:

      «Сырдыкка, аал уокка тиэтэйэн

      Отчуттар тыылара кылбаҥныыр,

      Солбуһа эрдиилэр күөрэҥнээн

      Салбахтар хоптолуу дайаллар.

      Куукуйдаах үрэҕин үрдүнэн

      Күөх туман наҕыллык айанныыр,

      Аастыйбыт баттаҕын долгутан

      Киэһээҥҥи Бүлүүлүүн куустуһар.

      Сардаҥа утаҕа умуллан

      Уҥуоргу сис хайа дьааһыйар,

      Түлүк уу сабардыы халыйан

      Уйаҕас долгураҥ сатыылыыр».

(«Сүлдьүкээр киэһэтэ»)

      «Күн тиит мас мутугар олорон

      Көмүс ый тахсарын кэтэһэр,

      Күөл уутун сиэркилэ ньууругар

      Кып-кыһыл сирэйин көрүнэр».

(«Сүрэҕим үөрүүнэн угуттуур»)

      «Сүрэхтэн тахсар тылларынан» «ньургуһуну иккиһин тылыннарар», «ситтэрбэти ситэ» сатыыр поэт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх юриһа, Российскай Федерация суутун систиэмэтин Бочуоттаах үлэһитэ Михаил Егорович Иванов-Чуона Мэхээлэ инникитин даҕаны маннык үтүө айымньылары суруйа туруо, саха литературатын байытыһыа дии саныыбын.

Галина Фролова,поэт,Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун солбуйааччы бэрэссэдээтэл

      Хоһооннор

      Чорооннуу чочуйуом

      Хомоҕой тылынан

      Хоһоону хоһуйуу…

      Чочуонай быһыылаан

      Чороону чочуйуу!

      Тыллары сырсаҥҥын

      Түүн-күнүс мөхсөҕүн…

      Чоруун мас көрдөөҥҥүн

      Чээл тыаны батаҕын.

      Дьүөрэ тыл булаҥҥын

      Иэйиигин этэҕин,

      Оһуору тиһэҥҥин

      Дьол маһын кыһаҕын.

      Хоһооҥҥун ааҕаҥҥын

      Сүрэҕиҥ манньыйар,

      Чорооҥҥун көрөҥҥүн

      Хараҕыҥ уоттанар!

Ыам ыйа, 2015 с. Дьокуускай к.

      Саха балаҕана

      Саханы Саха омук дэппит

      Туруорбах балаҕаны көрөбүн,

      Халадаай ырбаахытын кэппит

      Саха эмээхсинигэр холуубун.

      Саха мааны эмээхсининии

      Ыалдьыты сүрдээҕин кэтэһэр,

      Баарынан-суоҕунан маанылыа —

      Ол онтон дуоһуйан мичийэр.

      Киһиэхэ эрэлин бэлиэтэ —

      Хаһан да хатаммат халҕана,

      Көмүлүөк аал уотун күлүмэ —

      Сылаас сыһыанын сыдьаайа.

      Саха балаҕана барахсан

      Аас-туор аргыарын кыйдыаҕа,

      Сылайбыт-элэйбит айанньыт

      Сынньаныа, сылаатын таһаарыа.

      Кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга

      Холумтан сылааһа ириэрэр,

      Сайыҥҥы

Скачать книгу