Саха аныгы ыалын сандалыта. Валентина Семенова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саха аныгы ыалын сандалыта - Валентина Семенова страница 2

Жанр:
Серия:
Издательство:
Саха аныгы ыалын сандалыта - Валентина Семенова

Скачать книгу

буһарабыт. Буһарар кэмҥэ тохтоло суох булкуйа турабыт. Саламаат үрдүгэр кэлимсэ арыыта таҕыстаҕына, буһарыыны тохтотобут.

      Саламаат

      Састааба:

      200 г ынах арыыта,

      120 г бурдук,

      5 ыстакаан уу.

      Ынах арыытын хобордооххо уулларабыт уонна бурдугу сырдык саһархай өҥнөнүөр диэри булкуйа-булкуйа буһарабыт. Оргуйа турар кэмигэр арыыта үөһэ устан таҕыстаҕына – саламаат бэлэм.

      Күннээҕи аһылык

      Халбаһылаах тиэстэ

      Састааба: 2 сымыыт, 3 остолобуой ньуоска бурдук, ¼ ыстакаан үүт, 1 чаайынай ньуоска мас арыыта, 100 г сүөгэй, ону кытары 500 г варенай халбаһы.

      Халбаһыны чараас гына быһабыт. Блины тиэстэтинээҕэр хойуу, алаадьы тиэстэтинээҕэр убаҕас гына тиэстэ охсобут. Халбаһыны биилкэнэн ылан, тиэстэҕэ уган баран, итии хобордооххо ыһаарылыыбыт.

      Саҥыйахтаах килиэп

      Үүккэ хас да сымыыты эбэтэр сымыыт бороһуогун, бурдугу, тууһу кутан, алаадьы киэнинээҕэр убаҕас тиэстэ оҥоробут. Килиэби чараас гына быһан баран, тиэстэҕэ уган ыла-ыла арыыга ыһаарылыыбыт.

      Минньигэс омлет

      Састааба:

      1 сымыыт,

      ыстакаан үүт ¼, 1,5 чаайынай ньуоска мааннай куруппа,

      чаайынай ньуоска ½ ынах арыыта

      (сливочнай арыы).

      Мааннай куруппаҕа итии үүтү (үүт ¾ чааһын) кутабыт, кыратык туруоран үлүннэрэн баран, ууллубут ынах арыытын уонна ордубут үүтү кытта булкуллубут сымыыт уоһаҕын кутабыт. Сымыыт үрүҥүн миксеринэн үлүннэрэн баран, булкуйа-булкуйа эбэбит. Бэлэм тиэстэни арыынан сотуллубут итии тимир лиискэ кутабыт, духуопкаҕа буһарабыт.

      Быар баахыла

      Баахыла тиэстэтин охсобут уонна 1 «Магги» кубигы, эриллибит быары, бэйэ көрүүтүнэн чеснок, эриэппэ луук, туус кутабыт. Үчүгэйдик булкуйан баран, төгүрүк быһыылаах баахыла халыыбыгар (форматыгар) кутан буһарабыт.

      Астаах алаадьы

      Алаадьы тиэстэтин охсобут уонна эриллибит эти, хортуоппуйу, түөркэлэммит моркуобу, дьаабылыканы, кубиктыы кырбаммыт халбаһыны, өрүс балыгын искэҕин кутан, араас амтаннаах алаадьыны буһарабыт.

      Кокурка

      Састааба:

      6 буспут сымыыт,

      200 г сүөгэй,

      2 ыстакаан бурдук,

      1 чаайынай ньуоска туус.

      Сүөгэйгэ тууһу, бурдугу кутан тиэстэ мэһийэбит, бэрэскигэ курдук кыра төгүрүктэргэ араарабыт, сымыыты суулуубут уонна духуопкаҕа буһарабыт.

      Оруоса дьөрбөтө

      Састааба:

      1 хаа (паачыка) хотуобай слоенай тиэстэ, 300—400 г ветчина эбэтэр хопчуонай халбаһы, 150—200 г сыыр.

      Ветчинаны төһө кыалларынан чараас гына быһабыт, халбаһы төгүрүктэрин аҥаардыыбыт уонна сыыр куһуоктарын эмиэ кинилэртэн арыый кыра, чараас гына быһан бэлэмниибит. Слоенай тиэстэни биир хайысханан бөлүөгүнэн чарааһатабыт. Түөрт муннук буолбут улахан тиэстэни 3 см

Скачать книгу