Ийэлэриэм, мин кэллим!... Арчылан

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ийэлэриэм, мин кэллим!.. - Арчылан страница 12

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Ийэлэриэм, мин кэллим!.. - Арчылан

Скачать книгу

хааллыбыт. Онон, бэһиэ буолан, биир дойдулаах устудьуоннар, дьон сүбэлээн, кыттыһаммыт кунгаас атыыласпыппыт. Үс мөһөөх алта уон солкуобайга. Биэс киһини холкутук уйар, куормалаах улахан оҥочо. Уонна соннук эрдинэн Сангаарга тиийбиппит. Эдэр, эрчимнээх буоллахпыт. «Эбэбит эйгэтэ, сири-дойдуну, айылҕаны көрүөхпүт, уу, салгын!» – дэспиппит баара. Ол да буоллар, сүүрүк хоту буолан эрэ санаммыппыт. Аны туран, омуммутугар, ыксалбытыгар буолан, үтэбитин даҕаны үчүгэйдик тэриммэтэхпит. Аара Кыраап Биэрэгэр тиксэн, Намҥа тахсан килиэп, аһылык булуохпут дэспиппит баара. Бастаан дохсуммут дьикти – эрдиилэрбитин кынат курдук даллатан, сүүрүктээх ууну көҥү охсон кэбистэхпитинэ, алтан солуур иһин курдук чөҥөрүйэн, кэннибитигэр хаалан иһэр. Санаабытыгар, оҥочобут иннин диэки кынаттаах курдук өрө дайар. Кытыл ото-маһа биир кэм элэҥнэс. Эбэбит «эһиги кэлэр кэскилгит мин курдук киэҥ-куоҥ, уһун үйэлээх буоллун!» диэххэ айылаах нэлэһийэн арылыннар арыллан иһэр. Күөх сыта, уу сөрүүн салгына сүрэххэ-быарга сайа охсон киирэр, күүс-уох эбэргэ дылы. Оннук өрүс хаҥас өттүгэр үтэн киирбит тумул көһүннэҕин аайы: «Оо, Кыраап Биэрэгэ!» – дии-диибит түллэ-түллэ тардан биэрэн истибит. Оттон Кырааппыт Биэрэгэ кэллэр кэлэн биэрбэтэ, атынтан атын арыылар, туспа тумуллар буолан истилэр. Түүҥҥү сөрүүн түһэн истэҕин аайы, көтөр-сүүрэр саҥата чуумпуран, биһиги көрдөөх-нардаах кэпсэтиибит, мөккүөрбүт эмиэ мөлтөөтөр мөлтөөн, аҥаардас эрдиилэр эрэ тыастара тилиргиир буолан барда. Солбуйсар кэммит быыһыгар утуйа-утуйабыт, эртэр эрдэн, ырааттар ыраатан бардыбыт… Дьэ, айанньыттар эбиппит ээ… – Миитэрэй кэлэйбиттии саҥарар. – Кытаанах айан этэ, доҕоор. Кырааппыт Биэрэгин ааһа түһэн хаалбыт этибит. Туруйа Оппуоһа диэн сиргэ, биһиги дьолбутугар, Баһыкка диэн оҕонньор сайылаан олороругар түбэһэммит, кини аһатан, үтэлээн, сүбэлээн, ыйан-кэрдэн Сангаарбытын булбуппут. Итигэннэ айылҕа барахсан туран биэрбитэ. Силлиэҕэ, балхааҥҥа түбэспэтэхпит… Бээ, бу мин тимэҕим туох ааттаах төлө барда, ээ? – Миитэрэй эмискэ, сытыы хараҕынан Баһылайын тоһоҕо курдук тобулута көрөөт, бэйэтэ бэйэтиттэн көрдөөхтүк ыйытта. – Айаҕым хам буолбакка арамааным биир бэлэм түһүмэҕин ыһа-тоҕо кэпсээн кэбистим дии. Ол омуммар атын бэрт кэрэхсэбиллээх түһүмэҕин мүччү тутаары гынным. Оо, дьэ, халлаан киһибин! – күлэн кыччыгынаата. – Чэ, эн кэпсээ-кэпсээ, туохха эмэ быһа түһэ олордомуй, арамаана суох хаалаары, – диэн эбэн биэрдэ, чараас уоһун сэгэтэн, эйэҕэстик мичээрэн, «чэ, саҕалаа, мин сэҥээрэн истэргэ бэлэммин» диэбиттии тутунна.

      Оттон Баһылай Миитэрэй кэпсиирин наһаа сөбүлээн истэр. Тыла ууһун-уранын, лоп бааччытын, кэпсиирэ-сэһэргиирэ утумнааҕын-ситимнээҕин, бииртэн биирэ сиэтиллэн тахсан иһэрин сөбүлүүр. Аны туран, билэрэ-көрөрө киэҥэ, элбэҕэ сөхтөрөр. Онтунан киэбирбэт, судургу. Аҕа саастаахпын да диэн убайымсыйбакка, аатырбакка сэһэргиир. Бу даҕаны сырыыга оҥочонон хайдах айаннаабыттарын туһунан кэпсиирин Баһылай истэ олоруох эбит. Кини бу Элиэнэ курдук улуу эбэҕэ оннук эрдиилээх мас тыынан айаҥҥа туруоҕун өйө соччо-бачча хоппот… Баҕардар, ыччаттары кытта кучуһан уонна дойдутугар-дьонугар тардыстан,

Скачать книгу