Ийэлэриэм, мин кэллим!... Арчылан

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ийэлэриэм, мин кэллим!.. - Арчылан страница 10

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Ийэлэриэм, мин кэллим!.. - Арчылан

Скачать книгу

хоһоон суруйаҕын… – Баһылай кэтэҕин тарбанна.

      Биирдэрэ чараас уоһун мүчүҥнэттэ.

      – Миигин өссө отут түөрт сыллаахха дойдум дьоно артыал суотчутунан талбыттара. Ол кэмҥэ мин түөрт кылаас эрэ үөрэхтээҕим. Сэттэ кылааһы кэлин бүтэрбитим.

      – Мин эмиэ уон икки сааспыттан дьоммун кытта холкуоска үлэлээн барбытым. Сайын. Аҥаар үлэ күнүгэр. Оҕо диэн оҕо буоллаҕа дии. Ол да буоллар, миэхэ икки оҕуһу туттарбыттара. Олорбун сиэтэн, сир хорутарбыт, бурдук ыһарбыт. Ийэбин уонна Дабыыты кытта, бары холбоон, сылга тыһыынчаҕа тиийэр үлэ күнүгэр хамнас аахсарбыт. Уон түөрпэр хайыы үйэ аты ыҥыырдыы, көлүйэ үөрэммитим. Онон окко улахан киһи курдук үлэлээн барбытым. Мин чэрдээх илиибин көрөн, ийэм барахсан үөрээхтиир да этэ. Уола үлэһит буолбутуттан чахчы дьоллоноро.

      – Ийэлэр барахсаттар оннук дьон буоллахтара-а, – Миитэрэй этиитин бүтүүтүгэр унаарыта саҥаран мичийбитигэр ыйааччы барбыт быһыылаах хойуу хара хаастара көтөр кынатыныы өрө даллах гынан ыллылар. – Эн, Баһылай, олус үчүгэйдик кэпсиигин, санааҕын сааһылаан этэҕин. Мин Сангаартан Даркылаахха диэри устан кэлэрбитигэр сэргээн ахан иһиттим. Дьокуускайга даҕаны, хомуйар пууҥҥа Өлөөнтөн кэлэр борохуоту күүтэн сыттахпытына, айаҕыҥ адьас хам буолбата дии, – Миитэрэй доҕорун диэки бэрт эйэҕэстик көрдө.

      Чахчы, кинилэр иккиэн, тоҕо эрэ, бэркэ тапсан ирэ-хоро кэпсэтэллэр. Дьиҥэр, саастарынан да арыттаахтар.

      Итиэннэ кэбээйилэр, Сунтаартан, Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Бүлүүттэн хомуллан иһээччилэргэ холбоһон, Сангаарга икки баарса соһуулаах борохуокка олорон, икки сүүстэн тахса буолан устан кэлбиттэрэ, оттон билигин бу биэс сүүсчэ буолан взводтарга, оруоталарга тыырыллан ыга симиллэн айаннаан истэхтэрэ, инньэ гынан, кэпсэтиэххэ диэтэххэ кэпсэтэр, билсиэххэ диэтэххэ билсэр ыччат баар ахан. Ол эрэн, халлааҥҥа сулустар алтыһаллара туох эрэ кистэлэҥнээҕин, таабырыннааҕын курдук, киһи киһиэхэ чугаһыыра, истиҥ доҕор-атас буолара эмиэ туох эрэ ураты дьиктилээх быһыылаах.

      – Бэйи эрэ, доҕоор, биһиги тоҕо да турдахпытый? Оол олорорго үчүгэй сир баар эбит. Онно барыахха, – Миитэрэй, сүгэһэрин санныгар быраҕынан, халтаҥ сонун тутан, борохуот ортотугар, капитан рубкатын иннинэн, дьааһыктар туралларын ыйда. – Манна үөһэ салгыҥҥа үчүгэй. Аллараа палубаҕа симсэн олорор курдук буолбатах.

      Баһылай эмиэ сүгэһэрин ылан кэнниттэн батыста.

      Өбүгэлэрбититтэн тиийэн кэлбит «айан аргыстаах, суол доҕордоох» диэн уос номоҕо баар. Чахчыта оннук, айаҥҥа-суолга сылдьан киһи киһини кытта ордук түргэнник бодоруһар. Бу аҕыйах хонукка Баһылай Миитэрэйи убайын курдук саныыр буолан хаалла. Дьиҥэр, хайалара даҕаны улуустарын дьонун кытта ордук тутуһуохтарын сөбө даҕаны…

      Кинилэр оннуларын булан, соннорун тэлгэнэн олордулар уонна кэпсэтиилэрин салҕаатылар.

      – Мин оскуолаҕа туох баар үөрэхтэн ордук төрөөбүт суругу-бичиги сөбүлүүрүм. Этэргэ дылы, саҥаран баран кэлээр диэбит ыччаттара буоллаҕым. Оттон нуучча тылыгар уонна литэрэтиирэтигэр кэлэммин ыыны-ааны араарбат баллыкы

Скачать книгу