Ийэлэриэм, мин кэллим!... Арчылан
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Ийэлэриэм, мин кэллим!.. - Арчылан страница 6
– Ээ, эдьиэй, дьон этэн, нэһилиэк сэбиэтиттэн туоһу кумааҕы ылбыппыт.
– Арба, оннуктаах этибит дуу… Үйэ уларыйда этэ дуу… – Эдьиий Даайа чэйиттэн сыпсырыйан истэ, чочумча олоро түстэ. – Оҕо бөҕөтө өлөөхтөөбүтэ… Оттон кини, Айыыһыта харыстаан, хороҥ оттон тардыһан тыыннаах хаалбыта…
– Мэхээс биһиккигэ ыарахан даҕаны күннэр-түүннэр ааспыттара… Онтон ол этин ыһан кэбиспит итиигэ, хараҕын көйө сылдьар ириҥэтэ ааһыахча курдук буолан эрдэхтэринэ, аны туран, ойоҕостоппута. Этэ суоһаан өйүкү-төйүкү барара… Мин, оҕом оронуттан харыс даҕаны халбарыйбакка, аҕылыы тыынаахтыырын маныырым… Туох баар билэр мэлииппэбин барытын аахпытым. Оттон оҕом тыынара ыараатар ыараан, этэ-сиинэ уотунан суоһаан, умайбыт хардаҕас тобоҕун курдук хараара өһөн иһээхтиирэ… Мин «киһи буолбат буолла…» диэммин күн-түүн хараҕым уутунан суунарым… Ол мин, акаары дьахтар, тыыннаах оҕом үрдүгэр кэбилэнэр буоллаҕым үһү?! Оо, айыым-таҥарам, муммут сордооҕу баалыы санаама даа!.. – Мотуруона кириэстэнэн сапсынна, онтон Эдьиий Даайаны махтаммыт хараҕынан көрдө. – Онтон эн кэлбитиҥ дии, эдьиэй…
– Онно мин Хойгуолаахтан кэлэн иһэммин таарыйбытым. Уһун Уйбааннаахтан. Хойутаан ыҥырбыттар этэ… Кийииттэрин уонна саҥа төрөөбүт сиэннэрин кыайан өрүһүйбэтэҕим… – удаҕан халыйан кэлбит ыар санааҕа баттатан ах барда.
Балаҕан иһигэр чочумча уу чуумпу сатыылаата.
– Онтон эһиэхэ тоҕо эрэ туораан тахсыбытым. Ким эрэ, туох эрэ биттэммитигэр дылы. Олус санаарҕаан испитим, «идэбин тохтоторум дуу, ол сатаныа дуо…» диэн толкуй бөҕөтүгэр түспүтүм…
– Тыый, оччоҕо, дьэ, биһиги хайдах буолуох этибитий… – Мотуруона чахчы бааччы куттанан сибигинэйэ былаан саҥарда.
– Хотуой, сүрэҕиҥ чарааһа бөҕөтө! – Эдьиий Даайа барбах мүчүйдэ. – Ол мин санаам-оноом оонньообута диэхтээн, үөһэттэн үөтүүлээх, айыылартан айдарыылаах удьуор идэбиттэн си-дьүгээр босхоломмот хотун сырыттаҕым буолуо ээ…
– Оо, мин онно эн киирэн кэлбиккэр олус даа үөрбүтүм, – Мотуруона эгди буола түстэ. – Эн көрбүтүҥ-истибитиҥ, эмп-томп биэрбитиҥ кэннэ, Тоҥсуо, уоскуйан, лип курдук утуйан хаалбыта. Оттон эн утуйаргар кини нэлэкэтин сыттыгыҥ анныгар уктубутуҥ уонна сарсыарда үөрэн ахан уһуктубутуҥ. Итиэннэ: «Кураанахха, куһаҕаны ыраланан ытаама, уолгут этэҥҥэ буолуоҕа, кини – дьоло-дьолуота үрдүк», – диэбитиҥ. Ону мин итэҕэйбитим, ытаабат буолбутум. Уолбут чахчы үтүөрэн барбыта. Ол түгэни олус дьэҥкэтик өйдүүбүн. Онтон сааһыары эмиэ охтон хаалбыта. Иэрийэ-иэрийэ сөтөллөрө… Бопторон ылара… Муннунан хаана барара… Сирэйэ, кытара сатаан баран, көҕөрөн хаалара. Мэхээс, атын көлүйэн, эйиэхэ барбыта. Оттон мин, бу сырыыга ытаан ньолҕоруйбакка, уолбун көтөҕөн баран: «Кини – дьоло-дьолуота үрдүк!..» –