Булумньу оҕо. Татьяна Находкина

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Булумньу оҕо - Татьяна Находкина страница 6

Жанр:
Серия:
Издательство:
Булумньу оҕо - Татьяна Находкина

Скачать книгу

сотору-сотору пиибэлээн оскуолаттан тохсуһунан тохтообута. Витяттан икки сыл аҕа. Наар баппат, күлүгээн аатыран, Игнатьевтар бэйэлэрин уолларыгар чугаһаппат эрэ баҕалаахтар. Кэлин кинилэр уолларын булар буолла. Кимтэн эрэ аймахтыыларын истэн, соруйан бөппүрүөктэһэн гынара буолуо дуо? Кырдьыгы кистээбэккин, хаан-уруу аймаҕы өрүс да уутунан сууйуллубат, кумаҕынан да аалыллыбат. Ийэтэ эрэйдээх эмискэ өлөн, тугу да эппэккэ бараахтаабыта, бырааккын көрө сырыт диэхтээҕэ буолуо да, оннук кэриэс этэр киниэхэ кыаллыбатаҕа. Ийэтэ бүтэһик сылларыгар кыһынын киниэхэ олорбута эрээри, дьиэлээх хаһаайка курдук тэҥ бырааба суоҕун, дух-дах туттарын сөбүлээбэтэ, чуҥкуйара, дьиэтин суохтуура. Муус устар бүтэһик күннэригэр дьиэтигэр көһөөрү хомуммутунан барара, оттон сэтинньи ыйга соҕотоҕун олорор кыаҕа суоҕуттан, кыһалҕаттан, көһөн кэлээхтиирэ. Онтон Сэмэн 45 сааһыгар диэри бырааттааҕын билбэтэх-көрбөтөх курдук сырытта. Дьон саҥарбат эрээри, сэмэлииллэрэ чуолкай. Стасик ийэтэ Инна арыгыһыт, эбиитин содур киһиэхэ түбэһэн, олоҕор табыллыбакка, иккис оҕотугар хаана тоҕо баран өлбүтүн туһунан сурах иһиллибитэ. Кэнники кэмҥэ наар Стасик баппатын айдаана: хас субуота ахсын кулуупка охсуспута, сайынын матасыыкыл угоннаабыта, уулуссаҕа итирик дьонтон пиибэлэрин былдьаабыта бииртэн-биир «үтүө» сурах иһиллэ турар. Ол аайы нэһилиэнньэ Сэмэн Сэмэнэбиһи бу-руйдаабыттыы көрөр курдуктар. Баҕар, санаатыгар буолуо. Убайа Мэхээлэ иһэриттэн ордон урууга-аймахха улаханнык бэһирбэт буолуохтаах, онон Стасикка наһаа этэ-кигэ сылдьыбата ини. Алевтиналыын ханнык эмэ сүбэ-ама буллахха табыллыыһы. Ити уол кини аҕатын көрбүтүнэн төрөөбүт киһи. Тиэрэ бырах, умса уур – аҕата аҕатынан. Дьиҥинэн, сыыспыт эбит, кыра эрдэҕинэ соҕотох уолугар ханыы оҥостубута буоллар, туох куһаҕаннаах буолуо этэй?

      – Утуй эрэ, өрүтэ уһуутааҥҥын киһини утуппаккын. Күндү бэйэлээх бырааккын саныы сытаҕын дуу? – Алевтина хаҕыс саҥатыттан сиһин ороҕунан тымныы сүүрээн билиннэ. Итинник дьэ, киһини өһүргэтэр гына куруубайдык саҥардаҕына табыллар. Биирдэ эмэ киһилии сымнаҕастык кэпсэтэр кэлиэ дуо, суох буоллаҕа. Эмискэ-эмискэ тэһэ биэрэн саҥарыахтааҕар саҥарбатах ордук. Кэргэнин хас саҥатыгар суолта биэрэн, аахсан истэҕинэ, ыал буолан олох олорботторугар тиийэллэр. Онон билигин да аахса барбакка, кэргэнигэр көхсүн көрдөрөн, истиэнэ диэки хайыһан суорҕанын саба тардынна.

III

      Стасик, минньигэс баҕайытык утуйа сытан, киһи хардьыгыныырыттан уһуктан кэллэ. Түргэн үлүгэрдик ойон тураат, оронугар тиэрэ түһэн сытар убайын ойоҕоһунан эргитэ тарта, иннигэр суунар тааһы чугаһата аста. Куруутун итинник, хаһан эрэ хотуотугар тумнастан өлөрө буолуо. Пенсията кэллэҕинэ, бүтүөр диэри, тохтообокко пиибэ иһэр. Өссө кини пособиетыттан, опекун буоллаҕа буолан, кытта тардыалаһар. Пиибэттэн ыалдьар, уйбат буолан баран тоҕо иһэрэ буолла? Күн ахсын кинини кэтиэххэ наада. Куу-хаа диэн бүттэ быһыылаах, идэтинэн эмиэ кэтэх тардыстан дьиэ үрдүн

Скачать книгу