Булумньу оҕо. Татьяна Находкина
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Булумньу оҕо - Татьяна Находкина страница 7
Оттон билигин арыгыһыт убайыттан ордук аттыгар кимэ да суох. Стасик уһуну-киэҥи эргитэ саныы сытан, чэйэ оргуйан, чаанньыгын хаппаҕа лабыгырыырыттан ойон туран, икки ыстакааҥҥа харата суох кылыгыр ууну кутта. Кураанах килиэби кытта итии уутун сыпсырыйа олордоҕуна, убайа айакалаан-дьойоколоон остуолга кэлэн олордо. Куруутун пии-бэлиириттэн бэйэтэ хара киһи сирэйэ эбии хараарбыт. Стасик өйдүүрүнэн, дараҕар сарыннаах улахан киһи этэ, билигин санна холбойон, аччаан хаалбыт курдук.
– Игнатьевтар чахчы мин аймахтарым дуо? – Стасик убайыттан быһаччы ыйытар.
– Ким инньэ диирий? – Мэхээлэ ахсарбатах курдук туттан олорон хардарар.
– Дьон барыта этэр. Эн эрэ кырдьыгынан кэп-сээбэккин… – Стасик убайын хотон ылар.
– Дьэ, билбэтим. Хас көссүү оҕотун барытын аймаҕырҕаан истэххэ киһи барыта уруу-аймах буолар ини. Булумньу оҕо элбэх буоллаҕа, – убайа бөлүһүөктүүрүн сөбүлүүр. ¥өрэхтээҕэ буоллар орто сүһүөх салайааччыта буолуох киһи хааллаҕа.
– Уруй буоллун, улуу дьоҥҥо! – Ника үөнүгэр чиэс биэрбитинэн чиккэлдьийэн киирэн кэллэ. Бүгүҥҥү күннээҕи үлэтэ саҕаланнаҕа.
– Улуу пиибэһиттэргэ диэххин, – Мэхээлэ аһыы утахтарын булар-талар табаарыстара кэлбититтэн үөрбүтүн кистии барбат.
– Убайым абырахха наадыйа олороҕун быһыылаах да, бүгүн булар-талар күүс-сэниэ суох, сиэп кураанах, илии татым, дьоҥҥо-сэргэҕэ хаһыытыыр харчы суох, пенсия мэлигир. Хата, биир соһулла сылдьар үчүгэй сонуннаахпын. Бэҕэһээ киэһэ мантан баран иһэн социальнай үлэһити Вера Иннокентьевнаны көрсүбүтүм. Ыаллар уһаайбаларын, кыбыыларын ырааста-таары, хортуоппуйдарын олортороору гыналлар эбит. Ону улаханыттан-кыратыттан көрөн 300-тэн 500-кэ диэри сыана быспыттар. Биһиги үһүөн, Колябытын ылан, биригээдэ тэриммэппит дуо? Харчы диэн ити буоллаҕа, – Ника кэпсиир сонунун дьоно интэриэһиргээн истэллэриттэн астынан, эбии тэптэн, хараҕын өрө көрөн кэпсиир.
– Кимнээх ыраастаталларын