Даайыһым, эрэлим. Степан Марков

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Даайыһым, эрэлим - Степан Марков страница 6

Жанр:
Серия:
Издательство:
Даайыһым, эрэлим - Степан Марков

Скачать книгу

таптыырын, дьиэтигэр биир туспа хостооҕун, соторутааҕыта киниэхэ компьютер биэрбиттэрин, онно саҥа үөрэнэн эрэрин, олус астынарын суруйбут этэ. Оҕолор барахсаттар ол суругу илииттэн илиигэ уларсыһа сылдьан аахпыттара. Кинилэр оҕолуу ис санааларыгар туох иэйии киирбитин ким билиэ баарай? Кыргыттартан ким эрэ «дьоллоох да кыыс эбит, эчи хаарыаны» диэн чуумпутук үөһэ тыынан ылбыта оҕолор кистэлэҥ баҕарар ыра санааларын таарыйарга, күөдьүтэргэ дылы гыммыта.

***

      Биир үөрэх сыла эмиэ түмүктэнэ охсубута. Даайыс кылааһын үчүгэйинэн бүтэрбитэ. Бэйэтэ да олус элэккэй, оҕолорго, улахан дьоҥҥо сыстаҕас буолан, бэйэ киһитэ буола түспүтэ. Биир сайыҥҥы күн, күнүс оҕолор дьиэ таһыгар сибэккилэргэ уу кута сырыттахтарына, эдэрчи соҕус бэрт дьоһун көрүҥнээх дьахтардаах эр киһи, аан таһыгар сылдьар оҕолортон: «Дириэктэргит баар дуо?» – диэн ыйыталаһа-ыйыталаһа, сэрэммиттии туттан дьиэҕэ киирбиттэрэ. Оҕолортон биир сытыы тыллаахтара: «Хайа эрэ дьоллоох оҕону илдьэ барар дьон кэллилэр быһыылаах», – диэн тыл ыһыгынна. Оҕолор иһиттилэр да, ким да тугу да саҥарбата.

      Сотору соҕус буолан баран ити сылдьан барбыт дьон эмиэ тиийэн кэлбиттэрэ. Бу сырыыга дириэктэр Александра Иннокентьевна кинилэри бэйэтэ батыһыннара сылдьан оҕолор утуйар, ааҕар, дьарыктанар хосторун, саалалары уонна остолобуойу кэпсии-кэпсии көрдөртөөбүтэ, ол быыһыгар кэлбит дьон сорох оҕолору кытта кэпсэтэн ылаллара. Омос көрүүгэ бу үрдүкү тэрилтэлэртэн оҕо дьиэтин бэрэбиэркэлии, көрө-истэ кэлбит дьон курдуктар этэ. Оҕолор да оннук санаабыттара быһыылааҕа.

      Остолобуой куукунатын кэтит остуолугар хас да обургу кыыс поварга көмөлөһөн хаппыыста кырбыы туралларын кэлбит дьон таас быыс нөҥүө таптыы, хайдах эрэ сонурҕаабыттыы одууласпыттара. Кыргыттар, төбөлөрүгэр кыра былаат баанан, бары баартыктаах туран, түргэн-түргэнник туттан үлэлииллэрин киһи эрэ астына көрүөх курдуга. Кэлбит дьон харахтара оҕолортон биир хороччу улаатан эрэр кыыска хатанна. Ити кэмҥэ Александра Иннокентьевна бэрт түргэнник поварга киирэн таҕыста, ол кэмҥэ ыалдьыттар бэйэлэрин икки ардыларыгар кэпсэтэн, тугу эрэ быһаарса охсон ыллылар. Итиннэ тугу санаабыттарын Александра Иннокентьевнаҕа тута эппэтилэр уонна бэлиэтии көрбүт оҕолорун аатын да ыйыппатылар. Бу куукунаҕа үлэлии турар кыргыттартан биир чороччу улаатан эрэр оҕо номоҕон тас көрүҥүн, ис киирбэҕин кинилэр хайдах эрэ чугастык бэйэлэригэр ылыннылар уонна кинилиин билсэн, кэпсэтэн көрүөхтэрин баҕардылар. Оттон кинилэр манна сорук оҥостон кэлбит сыаллара-соруктара да ити этэ эбээт: харахтара сөбүлүү көөрбүт кыыстарын билсэн, кэпсэтэн, оҕо сөбүлэһэр буоллаҕына, бэйэлэригэр сыһыаран, иитэ ылыахтаахтар этэ.

      Дириэктэр хоһугар маннык кэпсэтии буолла:

      – Борис Гаврильевич, Мария Николаевна, биһиги олохпутун-дьаһахпытын көрдүгүт-биллигит. Дьэ, туох дии санаатыгыт? Биир эмэ оҕону сөбүлүү көрдүгүт дуо? – диэтэ директор Александра Иннокентьевна уонна хоруй кэтэһэн долгуйан турда.

      Ыалдьыттар

Скачать книгу