Буулдьа суола. Май Емельянов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Буулдьа суола - Май Емельянов страница 2

Жанр:
Серия:
Издательство:
Буулдьа суола - Май Емельянов

Скачать книгу

ортолоох, нэһилиэк биир тутаах үлэһитэ киһи, доруоп саатынан кэргэнэ дьиэ иһигэр суоҕар ытынан өлбүт. Олус иллээх ыал диэн дьон билэр эбит. Ким ытыан, кимниин өстөһүөн таайа сатаабыттар да, оннук киһи баара көстүбэтэх. Туох да суругу хаалларбатах. Онон дэриэбинэ дьоно улахан санааҕа-онооҕо ылларан хараастан олороллоро.

      Оҕолор ол кэмҥэ кулуупка сылдьыбыттар, кэргэнэ хотоҥҥо ынахтарын ыы тахсыбыт. Эр киһи оронугар сытан хаалбыт. Саа тыаһаабытыгар туох түстэҕэй диэн дьахтар соһуйан, хотонуттан киирэн кэргэнэ өлө сытарын булбут.

      – Кини ытынар туох да төрүөтэ суох этэ. Хотоммор тахсарбар сынньана оронугар сытан хаалбыта. Ытыммыта буоллар, саатар, сурук хаалларыа этэ, – диэн кэргэнэ Маарыйа ытыыр, айманар.

      Кэргэнэ кэпсээнинэн, ытымматаҕа чуолкай курдук. Ол аата өстүһэр киһилээх буолуон сөп дии санаатыбыт. Ити сабаҕалааһыны учаскуобай Ким Ир Сен бэрэбиэркэлээбитинэн барда. Мин көрүү боротокуолун суруйааччы буоллум. Ыалларыттан икки киһини кэрэһит гынаары ыҥыттаран ыллым. Ити кэннэ өлбүт киһи ханна, хайдах сытарыттан саҕалаан суруйан бардым.

      Биир айахтаах, таһынан сомуоктаах, сомуога түспүт саа орон аттыгар сиргэ сытара. Дьиэлээх дьахтар кэргэнин саата буоларын бигэргэттэ:

      – Күһүн куобахха сылдьан баран оронун үрдүгэр тоһоҕоҕо ити сааны ыйаан турбута…

      – Оттон сүгэр быата ханнаный? – хаһаайкаттан суруйа олорон ыйытабын.

      – Быаланааччыта суох. Итинник сулумах санныгар ууран уоһуттан тута сылдьааччы, – Маарыйа кэргэнэ булка сылдьарын үчүгэйдик билэр буолан, чуолкайдык эппиэттиир.

      – Оччоҕуна эркиҥҥэ хайдах ыйанан турбутай? – ыйытыы биэрэбин.

      – Мэлдьи дуҕатыттан ыйааччы, – ытыырын быыһыгар Маарыйа хардарда.

      Сааны ылан бүк туппутум, эстибит тимир ботуруон сылдьара. Ол туран өйдөөн көрбүтүм, элбэрээгин кэннигэр быыла суох, оттон биир өттө быыллаах. Ону болҕойон көрүүгэ биир сиринэн кыратык быыл сотуллубут эбит. Сомуога тура сылдьар балаһыанньатыгар кэннэ быыла суох. Атын сирэ быыллаах. Сомуогун түһэрдэххэ, ол чуолкайдык көстө сылдьар.

      Кэрэһиттэри, кэргэнин ыҥыран, үһүөннэригэр итини барытын көрдөрөн биэрдим. Саа уоһугар өссө күһүҥҥүттэн иитиилээх ботуруон хаалбыта, өссө сомуога туруоруллубутунан тоһоҕоҕо ыйаммыта көстөн кэллэ. Боротокуолу суруйан бүтэн баран бары истэн олордохторуна:

      – Иван Николаевич алҕаска суорума суолламмыт. Саатын тоҕо эрэ ылан көрөөрү, алҕаска элбэрээгин тоһоҕоҕо таарыйбыт. Саа иитиилээх турбут. Ону бары көрдүгүт. Быраабыла быһыытынан күһүн бултаан баран сууйан-сотон, хааҕа уган тэйиччи ууруллубута буоллар, бу иэдээн тахсыа, атын дьон уорбаланыа суох этилэр.

      – Оҕолорбут, эһиэхэ махтал. Үлэҕитигэр үтүө суобастаахтык сыһыаннаһаҥҥыт, хата, таба көрөн, ыар санааттан, буруйтан-сэмэттэн өрүһүйдүгүт, таптыыр аҕабыт сырдык аатын эргиттигит… – Маарыйа ытыырын быыһыгар биһиэхэ махтана хаалла.

      Саппыкы суола

      Бүлүүтээҕи

Скачать книгу