Буулдьа суола. Май Емельянов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Буулдьа суола - Май Емельянов страница 5

Жанр:
Серия:
Издательство:
Буулдьа суола - Май Емельянов

Скачать книгу

Онтон бэрэдэбиэстэри ыҥыртаан ыйыталаспыппыт. Түүн суоллаан, маҕаһыын күлүүһүн тылын суолтан булбуппут. Бастакы кэлбит баһаарынайдар көрдөрүүлэринэн аан хатыылаах, түннүктэр бүтүттэр үһү. Онон дьиэ иһиттэн умайыы тахсыбыт курдук.

      – Холуобунай ирдэбил сыала-соруга – буруйдааҕы булуу. Туохтан баһаар таҕыста? Онно ким буруйдааҕый? Баҕар, уоттаабыттара буолуо? Ити эһиги соруккут. Баһаары умуруоруу – аналлаах дьон эбээһинэстэрэ. Алексей Прокопьевич, инникитин быһылаан буолбут сиригэр бэйэҕит тустаах үлэҕитин бастаан толорор буолуҥ, – начальник үөрэтэрдии эттэ.

      Онтон тутан олорор кумааҕытын остуолга ууран баран, харахтарынан чыпчырыҥнаан ыла-ыла, салгыы саҥаран барда:

      – Министиэристибэттэн суһал көмө кэлээри бэлэм олорор. Борокуруор, Дьокуускайтан эксперт кэлэ илигинэ, маҕаһыыҥҥа көрүүнү оҥорору көҥүллээбэтэ. Бүгүн, өрөбүл күн буолан, сөмөлүөт көтөрө саарбах. Прокопий Васильевич, дьыаланы көбүтэн маҕаһыын таһын көрдүгүт ини?

      – Көрөн. Миэстэтин көрүү түмүгэр хас да түннүк алдьаммыта көһүннэ. Баһаарынайдар алдьаппыт буолуохтарын сөп. Сылдьыбыт дьону барыларын доппуруостуу сылдьабыт. Дьыаланы онуоха-маныаха диэри дьалаҕайтан диэн көбүттүм. Күлүүс тылын илдьэ сылдьыбыт бэрэдэбиэс Петрова көрдөрүүтэ халбаҥ. Кинини хаайарым буолуо. Төһө хоромньу тахсыбытын ааҕарга хамыыһыйа анаттым. Быһылаан буолбут сирин көрүүнү оҥоро охсуохха баар этэ. Тит Николаевич, ити боппуруоска өссө төгүл Афанасий Гаврильевиһы кытта кэпсэтэриҥ буоллар.

      – Сөп. Дьокуускайтан дьон кэлэ илигинэ көҥүллүүрэ саарбах да буоллар, ыйытан көрүөм. Атыыһыттары эрэ буолбакка, кинилэр билсиилээхтэрин кытта доппуруостуохха наада. Элэктэриичэстибэ ситимин хаһан тардыбыттарын чуолкайдыахха. Софрон Васильевич, ол-бу сүппэтин наадатыгар дьуһуурустубаны салгыы тэрийиэххэ наада.

      Ити күн сөмөлүөт кэлбэккэ туһата суох ааста. Нөҥүө күнүгэр сарсыарда кэлэн барда, министиэристибэттэн ким да кэлбэтэ. Үһүс күнүгэр борокуруор А.Г. Парфенов сарсыардаттан көрүү оҥорорго сорудах биэрдэ. Сонно тута силиэдэбэтэл И.Е. Петров маҕаһыын кэлин ааныттан көрүүнү саҕалаата. Кини иҥэн-тоҥон туран, боротокуолу суруйар. Мин кэрэһиттэри кытта кэмнээн биэрээччи буоллум. Инньэ гынан, эбиэт саҕана маҕаһыын ортотун эрэ диэки тиийдибит. Онно намыһах хаптаһынынан эргитиллибит хоско хаасса аппараата турара. Ол туһунан Иван Ефремовичка этэ-этэ, иһирдьэ киирдим. Иван Ефремович кэрэһиттэри батыһыннара сылдьан барытын боротокуолга тиһэн истэ. Онно көрө түспүтүм, муостаҕа эргэ таҥастар сыталлар: ыстаан, истээх сон, бэргэһэ, тэстибит хаатыҥка, хаһан да сууллубатах ис таҥастар. Ол иһигэр кир-хох иҥэн хаалбыт, өҥө да кыайан быһаарыллыбат буолбут, көрөн олох билэр сибиитэрэм баар.

      – Бай! Кэлиҥ эрэ, «бич» таҥастара сыталлар дии, – диэтим.

      Дьонум биирдэ баар буола түстүлэр. Кимин саныы сатаатым да, төбөбөр киирбэтэ. Силиэдэбэтэл боротокуолга киллэрбитин кэннэ таҥастары милииссийэҕэ илдьэ бардым.

Скачать книгу