Буолар да эбит. Огдо

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Буолар да эбит - Огдо страница 13

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Буолар да эбит - Огдо

Скачать книгу

просто Марго… – дьахтар эмиэ мичээрдээтэ. – Миигин бука бары итинник ааттыыллар, киһи соһуйара суох, – диэтэ.

      – Сөп, Марго. Эппитин мин бысталыам эрээри… ханна уурабытый?

      – Эппитин… бу манна, – дии-дии, сип-синньигэс, хап-хачаайы Марго, ыскаабын үөһээ өттүгэр тиийэ сатаан, көтөр оҕотунуу даллаҥнаата да, тиийбэтэ. – Олег… Дмитриевич, итиннэ, үөһэ… селедочница баара, ылан кулу эрэ, – диэтэ.

      Олег ыскаап үөһээ өттүн арыйбыта иһит-хомуос толору. Ол быыһыттан ньолбуһах быһыылаах, ортотугар сордоҥ ойуулаах дьоҕус тэриэлкэни сулбу тардан таһаарда.

      – Сити-сити… маладьыас баҕайыгын дии. Мин Петюнчикпар эттэххэ, сэттэ да наука учуонайа буоллар, букатын булуо суоҕа этэ! – Марго күлбүтэ, аны, лыҥкынаан иһилиннэ.

      – Тоҕо… «сэттэний» науката? – мунаарбытын дьайҕардаары Олег ыйытта.

      – Һы-мм-м, оттон, Петюнчик бэйэтин тыла ээ, кини төбөтө сэттэ да науканы батарар кыахтаах…

      – Ээ! Инньэ диэ! Оннук да буолуо ээ! Петр Егорович олус талааннаах учуонай, чахчы да кини кыайбата диэн суох буолуохтаах, – Олег, туох туһунан этиллибити, дьэ, долоҕойугар тириэрдэн, дьахтар тугу диирин, син өйдөөтө.

      – Баар… баар буолбакка? Кылаабынай науканы кини… баһылыыр кыаҕа суох… – Марго харахтара күлүктэннилэр.

      Ити икки ардыгар Олег этин сип-синньигэс гына бысталаата, балыкка да ананнар, синньигэс ньолбуһах быһыылааҕын аанньа, хаһаайка ыйбыт тэриэлкэтигэр кэчигирэччи тэлгэттэ.

      – Ол ханнык науканый? – илиитин сууна туран кини хардары ыйытта.

      – Дьахтары сатаан дьоллуур наука баарын биир да эр киһи билбэ-эт, билэ да сатаабат! Киниэхэ таптыыр науката баар буолла да бүттэҕэ о-ол… – диэт, үрдүк хобулугар холкутук дугунан, тоҕо эрэ бу сырыыга сымса баҕайытык туттан, куукунатыттан тахсан барда.

      Баччааҥҥа диэри сэниэтэ суоҕунан унаарыччы кө-рөн, нэһиилэ сибигинэйэ былаастаан саҥарар курдук Марго эмискэ уларыйбытыттан соһуйан Олег, инчэҕэй илиитин куурдаары соттор булбакка, кыраанын таһыгар туран хаалла…

      Ити билсиһии бастакы киэһэтэ этэ. Мантан ыла Петр Егорович бырааһынньык аайы уонна олоҕор туох эмиэ бэлиэ түгэн таҕыстар эрэ кинилэри дьиэтигэр ыҥыртыыр буолбута. Ардыгар Олегы бэйэтин эрэ, сороҕор, сөптөөх соҕус түгэҥҥэ диэн сөбүлэстэҕинэ, Марина да кэлсээччи. Ол эрээри учуутал киһиэхэ чуҥкук соҕус кэпсэтиилээх итинник түмсүүлэри кэнникинэн кини сэҥээрбэт-сөбүлээбэт буолан үксүн аккаастанар. Оттон Олег барбата сатаммата, Петр Егоровичтыын кини олус сылаас сыһыаннамматаллар да, бу дьиэ тугунан эрэ кинини угуйар буолан барбыта…

      Ол төрүөтэ, арааһа, Марго быһыылааҕа. Олег, хас кэллэҕин аайы, бу боростуой курдук эрээри, ыарыһах уонна олус элбэҕи бэрсиэх айылаах билиилээх дьахтарга убанан испитэ. Туга ыалдьара биллибэт Марго, ардыгар санаарҕабыл саарыстыбатыттан тахсыа суох курдук саппаҕыран көрсөрө. Сороҕор, сууламмыт саал былаатын быыһыттан күн сардаҥата чаҕылыс гыммытыныы,

Скачать книгу