Буолар да эбит. Огдо

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Буолар да эбит - Огдо страница 14

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Буолар да эбит - Огдо

Скачать книгу

да бастакы миэстэҕэ турбатаҕа. Детдомнар бука барыларын дьылҕата биир кырапаанан кумааҕыга ыйыллыбыт этэ: кыргыттар иискэ, аска сыстыахтаахтара, уолаттар ол-бу тутааччы, силиэсэр, собуот оробуочайа эҥин…

      Итинник, кыһамньылаах судаарыстыба аатыттан, сокуон быһаарбытынан дьылҕаланан, үлэлэнэн, тулаайаҕым иһин биэрбит саарбах соҕус хааччыллыылаах уопсайдарыгар олорон, үлэлээн испитим. Онтон, өлүөх быатыгар, эдэр саас романтикатыгар оҕустаран таптаабытым, узбек уолунуун холбоһоору гыммыппытын кини кыахтаах, төрүттээх-уустаах дьоно туорайдаспыттара.

      Салгыы… табыллыбатах таптал, ытааһын-соҥооһун, бэйэҕэ тиийинэ сатааһын, онтон сылтаан арыгы, үлэттэн барыы, түбэһиэх доҕоттору кытта итэҕэйсии, дьүөгэлэр таҥнарыылара… Быһата, дьэбэрэҕэ түһүү, атыыланыы, аһыыр туһуттан быстахха, кимиэхэ баҕарар сөбүлэнии, бэйэни сэнэнии, саамай ынырыга, эдэркээн сааска инники олоххо туох баар эрэли барытын сүтэрии…

      Ити кэмҥэ эдэр учуонай буолаары сылдьар уол оҕото Петя түбэһэ түһэр. Хайдах диэ. Кини «социологическай опрос» диэнигэр милииссийэни, гостиницалары кытта биллибэтинэн син биир баар бордель-притон курдуктары кэрийтэлиир, чинчийэр түбүктээх. Науката ирдиир буоллаҕа эбээт. Биһигини, ол аата түүҥҥү лыаҕы санатар дьэбэрэ дьарыктаах кыргыттары кытта бүппэт бэсиэдэлэрэ, ырытыһыылара саҕаланар. Кырдьыга даҕаны, ким онуоха сөп диэн сөбүлэниэй, иннинэн буолан дьиҥнээх чахчыны этэн биэриэй? Ити ханна баҕарар хомуллубут-тиһиллибит чинчийиилэр дааннайдара барыта икки өрүттээх, үксэ быһа холуйан, сымыйа! Оттон Петя киэнэ – дьиҥнээх. Тоҕо диэтэр, мин… кинини тугун эрэ сөбүлээн, баҕар, баччаҕа кэлиэм өппүтэ буолуо, биир тылынан баҕа өттүбүнэн көмөлөспүтүм. Кини миэхэ эмиэ көмө буолбута, харчылаабыта, аһаппыта, утуппута, сылаастаабатаҕым өр да буолаахтаабыт сордоох олус да сынньаммытым…

      Ити, кини наукатын туһугар бодоруһуубут түмүгэр, мин эрэ-эмискэ сахалыы үөрэтэн барбытым. Казахтыы тылы истэ улааппыт буолан маарыннатан, букатын ыарырҕаппатаҕым. Кини онтон соһуйбута. Олус соһуйбута. Онуоха эрэ кэлэн, мин дьоҕурдаахпын, киһилии эбитим буоллар, мин эмиэ «наукаланыахпын» сөбө хаалбытын, син өйдөөбүтэ ээ. Аһыммыта быһыылааҕа. Уонна оччолорго эдэрэ, чиэһинэйэ сыттаҕа.

      Петя оҥорбут үлэтин олус сөхпүттэрэ, үрдүктүк сыаналаабыттара. Тоҕо диэтэххэ, ханна да, ким да, хаһан да булбатах чахчыларын кинилэр иннилэригэр ыраас илиискэ ууран биэрбитэ. Ол мин, тоҕо эрэ ол үлэҕэ кыттыгастаах курдук сананарым туоһута, эрэйдээх-муҥнаах олоҕум суола, сырыым, сорум-муҥум ис хартыыната этэ… Кини миигиттэн элбэҕи билбитэ, ырыппыта, түмүктэри оҥортообута. Ол иһин миэхэ махтанар санаалааҕа өйдөнөр буоллаҕа. Биирдэ ыйыппыттаахпын ээ. Петя, тоҕо бачча өйдөөх уол, ыал буолбаккыный диэн. Онуоха мунаара да барбакка кини олоҕо наука эрэ бас билиитигэр баарын быһаарбыта, онтон атыны сэҥээрбэтин, сыаналаабатын итэҕэппитэ. Ол иһин мин, кини Сахатын сиригэр баран хааллаҕына букатын да буорайарбын билэрим оҕото сыттаҕа, синим биир диэн баран, этии киллэрбитим. Миигин кэргэн ыл, аскын астыам, таҥаскын көрүөм, дьиэҕин дьаһайыам, наада буоллаҕына

Скачать книгу