Хотун Куо. Ойуур Уйбаан

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Хотун Куо - Ойуур Уйбаан страница 8

Жанр:
Серия:
Издательство:
Хотун Куо - Ойуур Уйбаан

Скачать книгу

сүрэҕин уулларыахтааҕа ээ. Уруккуттан сөбүлээн туттар тактиката бу сырыыга табыллыбата. Кыраһаабысса дириэктэрин «тылгар турбатыҥ» диэн сирэйин саатырда сатаата. Үүнэн-сайдан бардаҕына дьаһаллаах, сытыы хотун буолсук. Өссө кини кириэһилэтигэр олороору былдьаһан туруон сөп. Оччотугар туората оҕустахха ордук буолсу.

      Күннэй иэдэскэ бэрдэрбит тэҥэ сананна. Валерий Никитич кинини сэниир, кыахтаах өйүүр киһитэ суох диэн атаҕастыан баҕарар эбит. «Үтүө сүбэбин ылыммат буоллаххына, атын үрдүк хамнастаах үлэтэ булан бар!» – диирэ олус кыһыылаах. Ааспыт Учуонай сэбиэтин мунньаҕар «Кэскиллээх эдэр учуонайдары үүннэрэр сыалтан, Саргылаана Семеновнаны уоппускаттан кэллэҕинэ научнай сотруднигынан үлэлэтэр былааннаахпын. Ити курдук, мантан ыла эдэр, дьоҕурдаах ыччаттарбытыгар болҕомтолоохтук сыһыаннаһар буолуохпут», – диэн араатардаан долгуппута, үөрдүбүтэ. Онто көҥдөй тыл эрэ буолан тахсан кэлэттэ. Икки сирэйдээх салайааччы кинини сорудаҕы толорооччу эрэ оҥостон илдьэ сылдьыан баҕарар. Утарыласта да, «үлэтэ булан бар!» диэн үтүрүйэн-хабырыйан, ыгар-түүрэр.

      Күннэй санаата алдьанан, кыайан үлэлээбэтэ. Матвей Николаевич уонна Клара дириэктэр быһаарыныытын сибикилээн билэ охсубуттар быһыылаах. Тоҕо эрэ санаалара көтөҕүллүбүт аҕай. Кинини институттан үүрдэрэн эрэллэриттэн үөрэн эрдэхтэрэ. Арай Люция Күннэйи көрөөт, сирэйиттэн-хараҕыттан сэрэйдэҕэ буолуо, көрүдүөргэ ыҥыран таһаарда, туох буолбутун сиһилии туоһуласта.

      – Суох, мин итини таах хаалларыам суоҕа. Учуонай сэбиэккэ туруорсуом. Бэйэбит иитэн таһаарбыт эдэр учуонайбытын үүрэр буоллаҕына, кинини бэйэтин түҥнэри көтүөхпүт. Эн куттаныма, санаарҕаама. Барыта үчүгэй буолуо.

      Күннэй ыарахан түгэнигэр дьүөгэтэ көмөҕө илиитин ууммутуттан үөрэ түстэ. Санньыйбыт, муунтуйбут дууһата чэпчииргэ дылы буолла. Өйөбүллээх, тирэхтээх курдук сананна.

      5

      Күннэй дириэктэриттэн хомойбут санаата нэдиэлэ устатын тухары ааһан биэрбэккэ эрэйдээтэ. Ыксаан сэбиэдиссэйигэр Данил Тарасовичка: «Младшай научнай сотрудник штатыгар туруорус эрэ», – диэн көрдөспүтүгэр, арааһа, суолтатыгар эрэ улгумнук сөбүлэстэҕэ буолуо уонна тугу да быһаарсыбакка, нэдиэлэни быһа тэйбэҥнии сырытта. Өссө үс күн устата кэтэһэн көрөн баран туоһуласпытыгар: «Ыксаама, тоойуом, сыыйа бэйэтэ оннун булуоҕа», – диэн баран кыра оҕону албынныырдыы амаҕаччылаан, кэпсэтиини атыҥҥа көһөрө охсон кэбиспитэ. Эрэлэ суох киһи, дириэктэргэ киирбэтэҕэ да буолуо диэн сүрэҕинэн сэрэйэр. Кинини Люция эрэ көмүскэстэ, истиҥ дьүөгэтэ буоларын дьиҥ-бааччы көрдөрдө. Дьиҥэр, быдан аҕа саастаах, кэргэннэнэ сылдьыбыт, институкка өр үлэлээбит учуонай буоллаҕа дии. Саҥалыын-иҥэлиин, тутта-хапта сылдьарынан, уустук боппуруостары бэрт судургутук быһаара охсорунан да киниттэн таһыччы ордук. Эр дьон бэлэмигэр бэһирбэт, барытын бэйэтэ булар-талар билиилээх-көрүүлээх учуонай эрээри, көннөрү дьахтар дьолунан олорорго дьулуһара дьикти, өйдөммөт. Оттон Күннэй былааска дураһыйар, бэйэтин кыаҕынан, муҥ саатар тэрилтэ салайааччыта буолуохтаах. Ону улахан

Скачать книгу