Хотун Куо. Ойуур Уйбаан
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Хотун Куо - Ойуур Уйбаан страница 9
Күннэй сэрэбиэйдэтэн баран өһүргэнэ сыспыта. Хата кыл-мүччү туттуммута да үчүгэй эбит. Кыыһырсыбыта буоллар, кини туһугар ким да түбүгүрүө суох эбит. Киэбирбит дириэктэр үлэтиттэн тааҕы-таах үүрүөн сөбө. Люция сокуон хараҕар сөп түбэһиннэрэн, тойону кытта тэҥҥэ аахсар. Кини эппитэ барыта оруннаах, кырдьык кыайыылаах-хотуулаах буолан иһэр.
Дьүөгэлиилэр санаалара көнньүөрэн күлэ-сала чэйдии олордохторуна, Люция худуоһунньук хабалыара холуочук киирэн кэллэ. Арыгытын сытын биллэримээри дэлби одьукулуоннаммыт, эбиитин ыас ыстаан ынньарыҥнатар.
– Сатана уола, эмиэ иһэн кэллиҥ дуо?! – Люция киһитэ холуочугун эндэппэккэ таайар буолан, хаһыытыы көрүстэ.
Мишка буруйун билинэн, биир сиргэ тэпсэҥнээтэ, сирэйин кистии тутунна. Куттаммыттыы кылап-халап көрдө. Охсуо диэбиттии кирис гынан ылла. Хас холуочуйдаҕын ахсын мөҕүллэн-этиллэн, кэһэйбитэ бэрт буолаахтыа. Ол да буоллар өсөһөн, ньоҕойдоһон аахса, бурайса сатаабат. Ийэтиттэн дьарыллар курдук ылынар быһыылаах. Төһөнөн күүскэ түүтүн үргэтэр да, оччонон күүскэ таптыыр курдук буолан ылар, дьикти ыччат.
6
Остуоруйа дойдутунуу маҥан хаарынан бүрүллүбүт Дьокуускайга түптэлэс туманнаах тымныы түстэ. Күннэй күһүҥҥү кууркатын кэтэ сылдьар буолан тоҥон-хатан буорайда, таһырдьа таҕыстар эрэ: «Ыччу-у!» – диэн саҥа аллайбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалар буолла. Куруутун да кэмчи харчытын дуома ичигэс, үчүгэй саҕынньах атыылаһарыгар тиийбэккэ ыксаан, хат буолан уоппуска ылан, дойдутугар бараары сакаастаабыт такситын кэтэһэ олорор дьүөгэтиттэн иэс көрдүүргэ күһэлиннэ. Люция эргинэр-урбанар буолан өрүү харчылааҕын билэр эрээри, хайдах эрэ сатамньыта суоҕуттан кыбыстан, саҥата кыайан тахсыбата. Хата, дьүөгэтэ халтаҥнык таҥна сылдьарын көрөн: «Хайа, ыалдьан хаалаары хайдах баччааҥҥа диэри куурканан сылдьаҕыный?!» – диэн саҥа аллайбытыгар эрэ:
– Дьонум дойдубуттан кыһыҥҥы таҥаспын таксинан ыыппыттарын кимнээх эрэ уоран ылбыттар, баһаалыста, харчыта иэһээ эрэ. Кытай ырыынагыттан сон атыылаһыам этэ. Ый бүтүүтэ хайаан да төлүөҕүм, – диэн кыайан быһаарбакка сылдьыбыт кыһалҕатын этэн, хайдах эрэ санаата чэпчээбиккэ дылы буолла.
– Бай, тоҕо эрдэ көрдөөбөккө кыбыстаҥныы сылдьаҕыный, ээ?! – Люция түргэн үлүгэрдик көмпүүтэр ылаары хаһааммыт харчытын ылан биэрдэ. – Бүгүн же үчүгэй сонно, бэргэһэтэ атыылас! Иэскин ыксаппаппын, кэлин харчыланнаххына төлөөр!
Сүүһүн аннынан сүргүччү көрөн турбут Күннэй сирэйэ-хараҕа сырдыы түстэ. Сабыс-саҥа тыһыынчалаах солкуобайдары илиитигэр ылан, санаата көнньүөрэн үөрэн