Сааскы кэм. Амма Аччыгыйа

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Сааскы кэм - Амма Аччыгыйа страница 37

Жанр:
Серия:
Издательство:
Сааскы кэм - Амма Аччыгыйа

Скачать книгу

сытыйбыт, тахсаҥҥын көр эрэ, ыт тугу үрэр? – уонна Микиитэни кыһытан, аргыый ботугуруур. – Эппэтэҕим дуо? Ыт үрэн туһалаатаҕа ити дии, эн курдук буолуо дуо?

      Саҥардыы «иитиллэ» кэлбит сэттэлээх-аҕыстаах тулаайах Бүөтүччэ куруук сынньыллар-мөҕүллэр эрээри, куруук күлэн, кэтит бөдөҥ тиистэрэ бөлтөрүттэ сылдьар. Кини эмиэ Өлөксөй курдук мааһайбыт суон быһыылаах, малайбыт кэтит сирэйдээх, ол гынан баран Өлөксөй курдук утары көрбөт чой кулут буола илик киһи, кини үлэ көлөтүн курдук хаһыы улаханынан, охсуу күүһүнэн түргэтээбэт, бэйэтэ туох эрэ санаалаах, үөрүүлээх-хомолтолоох, онуоха эбии кырдьаҕас тойону соруйан кыйахыыра чахчы биллэр.

      Тиэрэ мэтэрийбит төбөлөөх, дьалларыттыбыт айахтаах сүүнэ улахан этэрбэстэри хоруйа тэбиэлээн саллырҕайдаан хаҥас диэкиттэн кэлэн, Бүөтүччэ атах ороҥҥо ыттан тахсан түннүгүнэн одуулаһар уонна улахаҥҥа уурбатах куолаһынан, этэр:

      – Луха кэллэ дии.

      – Луха да? Итиригэ суох дуо?

      – Суохха дылы… Бэрт кыра итирик дуу…

      – Соҕотох дуо?

      – Соҕотоххо дылы… Иккиэлэр дуу… Ээ, иккиэлэр быһыылаах.

      – Бу кэрэдэк тылын истиҥ! Соруйан гынар ээ! Абам да баар эбит… доҕоро мааны киһи дуо?

      – Оччо мааныта суох… Мааны соҕус диэххэ да син.

      – О, дэриэтинньик, бэйэкэй! Ырҕайа сытыйбыат, ыл эн көр!

      «Ырҕайа сытыйбыт» Өлөксөй түннүккэ ойон кэлээт:

      – Ньукууһа Сыҕаайап, – диэн кэбиһэр.

      «Дэдэйэ сытыйбыт» Бүөтүччэ наһаа холкутук хаҥас диэки саллырҕайдыыр.

      – Хомуна охсуҥ! Бу Микиитэ суруксут, уҥа оронтон киэр бар, эйигиннээҕэр арыый ордук киһи кэлбит үһү дии.

      Тиэтэллээхтик хомунан суугунаһыы буолар. Олох мастары хаҥас быыс кэннигэр симэллэр, үс ордуктарын уҥа быыс ойоҕоһугар кэккэлэтэллэр, дьиэни миинньиктээн элэстэтэллэр, остуолтан сылабаары сулбу тардан илдьэллэр, чааскылары, тэриэлкэлэри барытын холбуу биир ырбаахы тэллэҕэр суулаан бараллар.

      Үөһэ-аллара тардынан бүтээт, тугу да билбэтэх-көрбөтөх дьон буолан кирийэн хаалаллар. Сүөдэр оронугар сытан улаҕа диэки хайыһаат, аргыый ынчыктаабытынан барар.

      Мааны ыалдьыт кэллэҕинэ түҥ-таҥ түһэр идэни билэр буолан, Луха атын соруйан наҕыллык баайан, дьиэ таһыгар тардыллар.

      Тиһэҕэр, эдэр тойон ыалдьыттыын киирэн кэлэллэр.

      – Ким киирдиҥ, доҕоор? – диир Сүөдэр, ынчыгын тохтото түһэн.

      – Лухабын.

      – Соҕотоххун дуу?

      – Иккиэбит.

      – Доҕоруҥ кимий?

      – Ньукууһа Сыҕаайап…

      – «Ньукууһа» да? Көр эрэ! – Оҕонньор наһаа үөрбүтүнэн олоро түһэр.

      Микиитэ үөрэҕин ырыттарар ынырык суолтан босхолонон таһырдьа тахсар.

      Муҥур үрүйэни түгэҕэ биллибэт халыҥ тыа иилээн турар. Тыа дьалкыс гынаат, үрүйэни саба ыпсан кэбиһиэх курдук. Тайҕа тыа ортотугар киирэн эрэр күн сардаҥалара тииттэргэ, хахыйахтарга,

Скачать книгу