Сааскы кэм. Амма Аччыгыйа
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Сааскы кэм - Амма Аччыгыйа страница 34
Уол тыаһа суох ньылбыйан таһырдьа таҕыста уонна Амма мууһунан дьиэтин диэки сиэлэ турда.
Икки ыйтан ордук ыарыйда ол оҕус, үгүс кутталлаах хонугу аһарда, элбэх эрэйи таһаарда. Амма сыырын өрө дабайан элбэхтик кырынан уу баһан таһааран уулаталлар. От дулҕаны буһаран баран быһаҕынан хайа баттаан буруолаппытынан оҕус тобугар баайан угуттууллар. От саамай ньамчытынан, сэбирдэҕинэн аһаталлар. Оҕус атахтаммата.
Дөрүн-дөрүн Сэмэнэп кыбыыга сылдьан ааһар, балаҕаҥҥа киирбэт.
– Хайа, Байбаал, тугу иһиттиҥ? – диэн баран, Дьөгүөрдээн мичээрдээбитэ буолан, бэрт аҕыйах тиистээх айаҕын ньамньыччы туттар уонна килбигийэн, эрбэҕин көхсүнэн муннун туора сиэлийэн соттумахтаан өрүтэ сыҥсыйар.
Сэмэнэп «тугу истибитин» туһунан кэпсэппэт, кинилэр да «тугу истибиттэрин» кэрэхсээбэт, оҕуһун диэки супту хааман бааһарыйан иһэн ордоотоон ыйытар:
– Хайа, оҕуос?
– Оҕус арыычча буолуох курдукка дылы ээ, – диир Дьөгүөрдээн сүрдээх улгумнук.
– «Курдукка дылы!» – Байбал дьаҕырыйа үтүктэр.
Оҕуһун таһыгар сото кэбиһэн, быар куустан дьиппинийэн турар. Лэглээриннэр кини сирэйин-хараҕын одуулаһаллар, тугу этэрин кэтэһэллэр. Ол курдук балачча турбахтаан баран, эргичис гына түһэр да, Байбал кыбыы айаҕын диэки хаампытынан барар.
– Хайа, Байбаал, хайыахха баҕайыный? – диэн хаалар Дьөгүөрдээн.
Байбал кыбыы сүллүгэстэрин быыһынан тахсан махчарыс гынаат, сарыы биристээҥкилээх илиитинэн үөһээ сүллүгэһи харбыыр, аллараа сүллүгэскэ аҥаар атаҕын тумсунан үктэнэр уонна бардьыгыныыр:
– Хайаары гынаҕын?! Сиэ!
Ыҥыыр атын сүр чэпчэкитик миинэн баран быһа кымньыылыыр.
Кини оҕуһун төлөтөн хаамтарыах буоллар, үҥэн хаайыыга уктарыах буоллар, өлөрөн сиэри соруйан оҕус атаҕын дэҥнээбиккит диэн баайыллан ыктар-түүрдэр барыта «сиэр быһыыта» буолуо этэ. Ол суоҕа ордук суостаахха, ынырыкка, таайтарыылаахха дылы.
– Дьэ өлүү да буолар эбит… – диэн баран, Дьөгүөрдээн үөһэ тыынан кэбиһэр уонна оҕус кутуругар иилистибит салаа оту сыыйа тардан ылан быраҕар.
Сөдүөччүйэ уу баһан таһааран ыаҕаһын оҕус иннигэр уурар уонна этэр:
– Мэ, нохоо, чэ үтүөрбэхтээ, өлөрөөрү гынныҥ ээ…
Оҕус күөҕүнэн күлтээриччи көрөр: өйдүүргэ, аһынарга дылы гынар.
– Байбал кэлэн барда эбээт, – диир Микиитэ ийэтигэр.
– Тугу эмэ саҥарда дуо?
– Суох.
– Дьэ өлүү, доҕоор, тоҕо тугу эмэни саҥарбат киһи буоллаҕай…
Онтон оҕус улам-улам дугунар буолан истэ, Лэглээриннэр харахтара сырдаан истэ. Бэрт өр дьиэ кэргэнигэр бүтүннүүтүгэр ыарыылаппыт оҕус көөһөччү уойда. Кыратык да доҕолоҥнообот буолтун кэннэ тойоҥҥо көрдөрөн, көҥүллэтэн, күөх толооҥҥо сиэтэн илдьэн, имэрийэн-томоруйан ыытан кэбистилэр уонна үөрэнэн хаалан, оҕустарын өргө дылы суохтуу, ахта сырыттылар.
– Оҕуспун бүгүн арҕаа алааска көрдүм.