Сааскы кэм. Амма Аччыгыйа

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Сааскы кэм - Амма Аччыгыйа страница 31

Жанр:
Серия:
Издательство:
Сааскы кэм - Амма Аччыгыйа

Скачать книгу

элбэх сылгы сүүрэр туйаҕын тыаһа тибигирээтэ, ханна эрэ сүүнэ улахан таҥаһы тыалга сахсыйан күлүбүрэттилэр. Микиитэ дьиибэргээн, арыы талах иһиттэн сүүрэн тахсаат, хомуйбут маһын тоҕо ыһыктан кэбистэ…

      Кини отуута умайан, кутаа уот кынаттарынан өрүтэ сапсынан, киэҥ халлаан оройугар уһуутаан эрэр эбит. Сүүрдэ… Охто-охто, сүүрдэ.

      Кыһыл, араҕас, маҥан үөрбэ уоттар өрүтэ уунаҥныы-уунаҥныы төбөлөрө иэҕиллэн ойоҕосторун саламмахтаан ылаллар, бэйэ-бэйэлэрин быһыта хадьырыһа-хадьырыһа тэйсэллэр, эмиэ холбоһо-куустуһа түһэллэр. Отуу ойоҕосторуттан, аллараттан, сүүһүнэн кыракый кыһыл кыымнар быгыалаһаллар, сүүрэкэлэһэллэр, уот чиэрбэлэр түрдэҥнэһэн-чиккэҥнэһэн бырдаҥалаһаллар. Отууну тула тыһыынчанан уот үрүмэччилэр дьиримнэһэ көтөллөр. Дьэс алтан, кыһыл көмүс, үрүҥ көмүс кыырпахтара ыһыллаллар. Ол икки ардыгар отуу өндөйдөр өндөйөн, чоҥойох көлүйэни үрдүнэн күрүлүү көтөн барыах курдук, нэлим кынатынан киэҥ халлаан өрөһөтүн халты охсуталыах курдук.

      Микиитэ, охто-охто, сүүрэн иһэр.

      Икки киһи уулаах чаанньыктарга сүүмэх оттору уган ыла-ыла, отууттан тэйиччи, күөх кэнчээри бүөлүү үүммүт хадьымалыгар сахсыйаллар.

      «Отуу ойоҕосторун тиэритэ хаһыйталаабаккалар», – дии саныыр Микиитэ сүүрэн иһэн…

      Отуутугар сүүрэн кэлбитэ, кини бумаһыай болтуота умайан мөхсө сытар эбит. Тыыннаах курдук… Часкыйбытынан эһэ тардан ылла да көлүйэ уутугар ыстанан кэбистэ. Түөһүн тылыгар диэри ууга туран, күлүбүрүү умайар болтуотун уу иэнигэр таһыйар… Уу иэнэ килэриччи тоҥон кытааппыт курдук. Хара көмөрдөр ыһыахтаналлар…

      Ким эрэ отуута умайар. Тугу эрэ дьон кэпсэтэллэр:

      – Уол акаарыта! Итиччэ уол! – дэһэллэр.

      Муруннара, айахтара, харахтара барыта булкулла сириттибит сирэйдэр өҥөҥнөһөллөр, кэтит тиистэр килэҥнэһэллэр.

      – Бачча бэдик! Акаарыта тугун сүрэй!

      – Бу үлүгэри көрдүгүт дуо, доҕоттоор! – диэтэ Дьөгүөрдээн саҥата.

      Уол өйдөнө түстэ. Аҕата атырдьаҕы туора кыбынан турар эбит.

      Чохчойбутунан өлбүт ханнык эрэ сүдү кыыл кур дьардьаматын курдук, отуу кэриэрбит мастара атыгыраан хаалбыттар. Чооруос уоттар ол мастары өрүтэ хааман догдороҥноһоллор. Ордон хаалбыт оллооҥҥо быыкаайык алтан солууччах оргуйан эйэҥэлиир.

      Микиитэ ньылбы сытыйан баран, болтуотуттан ордон хаалбыт биир сиэҕи хаҥас харытыгар биллэҕи ууран турар эбит…

      – Уол куһаҕана! Итиччэ уол! – дэһэ-дэһэ, үс-түөрт киһи ыраатан мадьардаһа-кыпсыҥнаһа турдулар.

      Киппирийээн Дьөгүөрэп ойоҕо Харытыана диэн эдэр дьахтар утары мылаллан олорор эбит. Кини төп-төгүрүк маҥан сирэйигэр төгүрүк хара харахтара – чааскы бүлүүссэтин түгэҕэр икки хара буруону үҥкүрүҥнэппит курдуктар.

      Харытыана ааттаах тыллаах, наһаа күлүүк. Үөһээ уоһун киэр үтүрүйэн туора үүнэн тахсыбыт ордьоҕор тиистээх этэ. Күлэрэ үксэ эмиэ бэрт, ордьоҕоруттан саатара эмиэ олус. Онон, Харытыана хаҥас

Скачать книгу