Сааскы кэм. Амма Аччыгыйа

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Сааскы кэм - Амма Аччыгыйа страница 27

Жанр:
Серия:
Издательство:
Сааскы кэм - Амма Аччыгыйа

Скачать книгу

Мэхээлэ сахсарыс гына ойон тиийбитигэр Даайыс дьигис да гыммата, өссө хайдах эрэ мичээрдиэх курдук туттан баран сүрдээх холкутук эттэ:

      – Сынньыаххын саныыгын дуу? Мин үтүө киһи бэргэһэлээх ойоҕобун ээ, оҕо буолбатахпын.

      Мэхээлэ ити тылтан улаханнык салынна, сиэрин эрэ ситэрэн хотоойута суохтук айдаарбахтаан баран таҕыста.

      Сарсыҥҥытыгар Дьөгүөрдээн икки уолун батыһыннаран бэйэтин эбэтигэр Дулҕалаах хочотугар оттуу киирдэ. Кинилэр ходуһаҕа үс хонон баран ыкса киэһэ таҕыстылар. Арай балаҕаннарын өһүөтүн устатын тухары туос сылгылар саайыллыбыттар. Ол сылгылар араастаан туттан, сиэллэрэ-кутуруктара охсуллубуттар. Сорохторо сиэлэн тамаһыйан эрэллэр, сорохторо туоруу хаамаллар, күөлэһийээри сытан, төбөтүн ньолбоччу туттан эрээччи эмиэ баар, сорохтор тугу эрэ ыйытар курдук бэттэх диэки туора хайыспыттар. Сылгылар ойоҕосторугар сымса кулуннар күөххэ көрүлээн бырдаҥалаабыттар.

      – Даайыс Эрдэлиир Миитэрэйи кытта сибилигин Таатталаата. «Эрэ эккирэтиннэриэм» дии сытар үһү. Даайыс эһигини көһүтэ сатаан кэбистэ. Бүгүн күнү быһа ити сылгылары кырыйан саайталаата: «Оҕолорго бэлэхтиибин», – диир. Арыый эрдэ да соҕус кэлээхтээбэккин, – дии тоһуйда Сөдүөччүйэ.

      – Кини барарын биһи хантан билиэхпитий… – диэн хомойбуттуу саҥарбытынан Дьөгүөрдээн туос сылгылары одуулаһан өрө хантайан турар уолаттарыгар барда. – Букатын тыыннаах курдуктар… Дьэ нарын тарбах!

      Тааттаҕа ыраах уруута дьадаҥы дьахтарга Даайыс аҕыйах хоммут. Кини ханна эрэ барбыт. Биир кэпсээнинэн, көмүс үлэтигэр Бодойболообут. Иккис этэринэн, хаама сылдьар нууччаны батыһан куораттаабыт. Ханнык эрэ оскуолаҕа остуорастыыр курдук эмиэ этэллэр.

      «Киһи буолбатах киһийдэх» дэһиспэхтээн аҕыйах хонукка ньамаарыһан баран, Даайыһы умнан кэбистилэр. Арай Молоох уола Дьөгүөрдээннээх өргө диэри өйдүү, дьонтон сураһа сырыттылар. Даайыс сүттэ.

      ИККИС ТӨГҮЛЭ

      ЭРГИЧЧИ ЭРЭЙ

      Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбат.

      Саа

      Субуруччу кураан дьыллар буолуталаатылар. Амма сааскы уута хочоҕо, күөл онно ходуһаҕа улаҕата көстүбэт килиэ халаанынан тэлгэммэтэ. Дьөгүөрдээн ыарытыган буолла. Лэглээриннэр олохторо кытаатан истэ.

      Кыһын баайдарга «көһөннөр» хамначчыт буолаллар. Сайыныгар баайдар «бэдэрээттэрин» оттуу-оттуу, бэйэлэрин буор сыбахтаах быыкаайык балаҕаннарыгар олороллор. Саамай дьоллоох кэмнэрэ буолар. Микиитэ эбэтэ, хараҕынан арыччы боруттар даҕаны сүрдээх баабый үлэһит, Баһыахтыыр Балбаара кыһыннары-сайыннары баай хотонуттан тахсыбат.

      Куобах наһаа мэнээктээтэ.

      Күһүҥҥү сарсыарда Дулҕалаах хочотун дэлэй дулҕаларын быыстара туртаҥнас куобах буолар. Бөлөх-бөлөх күрүстээн ойон мохоолоон иһэн куобахтар олоро түһэллэр. Атын бөлөх ситэн ааһар уонна тэйиччи баран эмиэ олоро түһэр, уһун сымса кулгаахтарын чөрөҥнөтөр. Ол кэмҥэ үһүс бөлөх ситэн ааһар. Ол курдук бөлөхтөһө наардаһан бары ханна эрэ илин диэки көһөллөр. Илин диэки

Скачать книгу