Сааскы кэм. Амма Аччыгыйа

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Сааскы кэм - Амма Аччыгыйа страница 24

Жанр:
Серия:
Издательство:
Сааскы кэм - Амма Аччыгыйа

Скачать книгу

барытын мунньан биэртим үрдүгэр өссө үөҕэҕин! Уоллуун-кыыстыын хоргуйан барыам дуо? Бу арыыны биэрбэппин… – Хайа аспыт арыытын аҥаарын харбаабытынан үгэх диэки дьулуста.

      Мэхээлэ кууруссаны күөйэрдии, икки илиитин быластаан, күөйэ турунна уонна бокулдьуйа-бокулдьуйа, этэн аҕыластаата:

      – Һок-һок-һок! Бу дьахт… Ээ… Тугун сүрэй, доҕор! Бэйи, тохтоо. Арыыны аҕал. Суох, маны, маны… Оттон итэҕэһи кэнники төлөһүөхпүт буоллаҕа. Хайыахпытый…

      Иккиэн уоскуйдулар. Хайдыбыт арыыларын самсыы тутаннар иккиһин ыйаатылар. Муунта аҥаара итэҕэс буолан таҕыста.

      – Арыы итинник, – диэтэ Мэхээлэ. – Элбэх бытархайы холбоотоххо ыйааһына үксүүр. Биир улаханы бытарыттахха кыччыыр.

      – Кырдьык оннук эбит, – диэтэ Сөдүөччүйэ уонна, арыы сыстан хаалбыта буолаарай диэбиттии, ытыстарын көрбөхтөөтө. – Хайыппыкка итиччэ кыччаан таҕыста дии.

      – Һок, биэбэккэм, доҕоччугум, Сөдүөччүйэм! «Дьахтар» диэн алдьана сыстым дии, кыыс оҕо барахсаны!.. – Дьөгүөрдээн диэки чыпчылыйбахтаан кэбиһэн баран, арыыны сыарҕатыгар таһан өкчөрүйдэ.

      Барбытын кэннэ Сөдүөччүйэ сирэйэ бүтүннүү сырдаан мичээрдээтэ уонна дьоно бары истэр гына сибигинэйэн эттэ:

      – Доҕоттоор, үс-түөрт муунта арыыны умуһахпар кистээн хааллым ээ…

      Бары үөрэ түстүлэр, ийэлэрин хайҕаан аймаластылар. Үс-түөрт муунта арыылаах биэс-алта кэргэн биир кыһыҥҥа туох буолуохтарай!

      – Чэ, бу уолаттар улааппахтааҥ! Баай кыргыттары ойох ылыҥ. Арай байдахха сатаныыһы. – Баай ордугун сибилигин сабыс-саҥа өйдөөн таһаарбыт курдук Дьөгүөрдээн күөдьүйэ түстэ.

      Кини дьадаҥытынан хаһан да муҥатыйбат. Кыһаннар эрэ хаһан баҕарар байар кыахтаах киһи курдук туттар.

      – Ханнык баай кыыһын эн уолаттаргар биэрэр? – диэн Сөдүөччүйэ соһуйа түстэ.

      Онуоха Дьөгүөрдээн лыкыччы туттан кэбиһээт, сүр кистэлэҥнээхтик, кылгас-кылгастык сапсыйбахтаан кэбистэ.

      – Саҥарба, ханнык баҕарар биэриэҕэ. Сатыыр быраап. Биһиги уолаттарбытын кыргыттар, ытыы-ытыы, бэйэлэрэ эккирэтиһиэхтэрэ. Ону илдьэн бэргэһэлээн «тап» гыннаран кэбиһиллиэ да, бүтэр! – Ытыстарын «тап» гына охсоот, киэҥник быластаан нэлэйэн кэбистэ, хотуулаахтык тула көрбөхтөөтө. – Бүттэҕэ ол.

      Дьахтартан өлөрдүү өһүргэнээччи Өлөксөй кытара түһээт, таһырдьа ыстанна. Микиитэ кэнниттэн эккирэтэн кэлэр баай кыыһы илдьэн «бэргэһэлээн тап гыннарар» ньыманы дьүүллэһэ хаалла.

      Былдьаһыктаах сырыыларга барытыгар убайа соҕотоҕун түбэһэрин билэн, Өлөксөй киирэн кэллэ уонна дьүүллэһиигэ кыттыспытынан барда. Кини ийэтиниин ол сырыыга араас көрүдьүөс мэһэйдэри туора быраҕаттыыллар. Микиитэ аҕатыныын ол мэһэйдэри араастаан хотор ньымалары булаллар.

      Сырыытын таптахха кырдьык да баай кыыһын күрэтэр оччо уустуга суохха дылы. Таҥара дьиэтэ да чугас. Аҕабыыкка биэрэр үс солкуобай да көстүөххэ дылы… Күлэллэр, үөрэллэр. Үгүс баайдардааҕар кинилэр үөрүүлээхтик олороллор. Быыкаайык

Скачать книгу