Сааскы кэм. Амма Аччыгыйа
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Сааскы кэм - Амма Аччыгыйа страница 21
Бэһиэлэйэптэр аҕалара – нэһилиэккэ кинээстээбит, таҥара дьиэтигэр ыстаарыһалаабыт кырдьаҕас, өҥөҥнөөбүт Өлөксөй оҕонньор дьиэттэн тахсыбат, үксү саҥарбат, сытар да олорор. Бэрт мааны ыалдьыт кэллэҕинэ аан маҥнай кини: «Тугу иһиттиҥ, доҕоор? Эһиги диэки хайдах олороҕуот?» – диир. Үлэтэ итинэн бүтэр. Кини эмээхсинэ Бороскуобуйа, ыыс араҕаһынан чөрбөччү көрбөхтүүр, барыттан соһуйан-өмүрэн хабыаланар, тэлгэҕэ тэлээрбэхтиэр диэри эрчимнээхтик эргичиҥниир. Ол курдук күүдэпчилэнэ туран, саҥаран эрэр саҥатын эмискэччи быһан, таһырдьа ыстанан хаалар. Кини мэлдьи тиэтэйэ сылдьар.
Эдэр тойон куурбут-хаппыт, өкчөһүйбүт Мэхээлэ уонна мөдөөттүк мылаарыйбыт Өрүүнэ сыл аайы төрөтөр оҕолоро өлөн иһэллэр.
«Оҕону сиир» абааһыны Бэһиэлэйэптэр араастаан албынныы сатыыллар. Оҕо биһигин тула эһэ тыҥырахтаах ытыстарын сараччы баайаллар. Оҕоҕо араас «куһаҕан дьон», араас «кэриим нууччаларын» ааттарын биэрэллэр. Уол оҕону кыыстыы таҥыннараллар. Оҕо төрүүрүн кытары түннүгүнэн ылан, кэннилэринэн хааман илдьэн, ханнык эмэ дьадаҥы эмээхсиҥҥэ күрэтэллэр.
Оҕолор өлөн иһэллэр.
Кинилэр чугас аймахтара Сүөдэр Бэһиэлэйэп соҕотох уола, били Даарыйа эмээхсин «Сыллай Луха» диэн аат иҥэрбит киһитэ, кэлэн хас да хонукка олорон барар. Уонча мааны ыалга, Бэһиэлэйэп аймахха Сыллай Луха соҕотох ыччат. Барыларытар «уларсыкка», ыҥырыыга сылдьар, улахан үөрүүнэн көстөр уон алталаах-сэттэлээх бэдик. Кини баай оҕото бардам, тот оҕото дохсун, ити аҕыйах сааһыгар бу күн аннын бары үлүскэннээх дьаллыктарын билэ охсубут. Нэһилиэгин иһигэр тустан, мас тардыһан тэҥнээҕин булбат буолан эрэр. Баҕыстыгас сирэйэ, үрбүт хабах курдук, үллэ кытаран, дириҥник тимиччи олорбут ыыс-араҕас хараҕа төгүрүйэн баран дьону соруйан булан этиһэр, ииссэр, уолуктаһар. Сыллай Луха күүһэ, кини өйө аатыран эрэр. Кини сэлиик атынан сундулутан тиийэн кэллэҕинэ, балаҕантан ампаарга төттөрү-таары сүүрэкэлэһии буолар. Биэс-алта сыл үөрэнэн, Сыллай Луха икки группаны бүтэрэн баран уурайбыт, үөрэҕэ да суох аҕатын, аймахтарын баайдарыгар олороо ини диэн буолар.
Мэхээлэ Бэһиэлэйэптээххэ биир иитиэх кыыс баар. Иирэ талах курдук имигэс, уон түөрдэ-биэһэ буолбут, кэрэ-нарын дьүһүннээх Даайыс кыыс. Кини быыс буоллар эрэ хомуһунан оонньуур, бурдук отунан, күөл хомуһунан «кырыымпа» оҥостон араас ырыалары ыллыыр. Туоһу кырыйан араастаан дьохсооттоһон турар сылгылары, сиэлэн атаралаан эрэр тайахтары, табалары оҥортуур. Үтүөкэн майгыннаах кэрэ кыыс оҕо.
Кинини оччо сынньан-мөҕөн атаҕастаабаттар. Ол эрээри, кырдьаҕас хотун «Туораах сиэнээ!» диэн кини дьиҥнээх эһэтин, «куһаҕан киһини» өйдөппөхтүүр. Оччоҕо Даайыс. «Ээ, арба, иитиэх кыыс этим дуу», – диэбиттии курус гынар, уоһун ньимиччи туттар, имэрийиэхтии сымнаҕас толбоннордоох киэҥ хара харахтарын таҥнары көрөн барар.
– Ынахтарыа! – диэн эмээхсин чоргуйар.
Хочо саҕа талахтарын быыстарыгар үүнэр «күрдьүтэс күрүөтэ» окко мэччийэ сылдьар ынахтар диэки Даайыс хааман, кылгас сиидэс ырбаахытын тэлгэҕэ тэлбиҥниир.
– Хамсаамахтаа!