Сааскы кэм. Амма Аччыгыйа
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Сааскы кэм - Амма Аччыгыйа страница 19
– Оо, таһаар-таһаар! Сор эбит дии!..
Улахан кинээс Уйбаан Сыҕаайап сиэнэ Вася учууталга олорор. Кини эмиэ быйыл оскуолаҕа киирбитэ. Кини бастыҥ мааны таҥастаах, килбэлдьигэс саппыкылаах. Даллаҕар кулгаахтаах, кыһыл сирэйин тириитин түрдэҥнэтэн, тиэрэ-маары үүммүт бөдөҥ тиистэрэ көстө-көстө, икки илиитин сиэптэригэр уктан баран, оҕолору ортолорунан чоноҥноон ааһар, оҕолор силэллэн биэрэллэр. Кини олоҕо суох мэник харахтарынан сиргэммиттии, мэлдьи сэнээбиттии көрөн чалаппаччыта сылдьар. Вася охсуһарга төрүөт көрдөөн, саннынан анньан ааһар, хатыйан хаалар, киһи бэргэһэтин туура тардан ылан өрүтэ тэбиэлиир. Бары дьулайаллар киниттэн, дьиҥэ, кини эһэтиттэн, дэлэй хара бытыктаах кинээс оҕонньортон. Вася куһаҕаннык үөрэнэр, талбытынан сылдьар. Оҕолор кинини, кистээн, «Буҕаатай» диэн ааттыыллар, ол ааттан кини өлөрдүү өһүргэнэр.
Биирдэ оҕолор уот кытыытыгар чөмөхтөһөн олордохторуна, ыкса киэһэ Вася таҕыста. Киниэхэ көхсүнэн олорор доҕоругар Арамааҥҥа Микиитэ: «Буҕаатай таҕыста», – диэн сибигинэйдэ. Истибитэ дуу, сэрэйбитэ дуу, икки илиитин сиэптэригэр уктан баран, кырыытынан соҕус туттан Вася чугаһаан тааталдьыйан кэллэ, сирэйэ улам кытара-кытара, тонолуппакка одуулаһан турда. Оҕолор бары ах баран кэтэһэн олордулар. Турбахтаан баран, тииһин быыһынан сыыйан нүһүөр куолаһынан ыйытта:
– Туох диигин, доҕоор?
– Туох да диэбэтэ… Саҥарбата, – дэһэн оҕолор аймаластылар.
Вася ааһыах курдук гынан эрдэҕинэ, Уйбаан Ханаайап кинигэ ааҕа олорон өндөс гынан эттэ:
– «Буҕаатай» диэтэ, мин иһиттим.
Вася далас гынна да, Микиитэни кулгаахха охсон саайда. «Көр!» диэн айхаллыы түстэ Ханаайап. Микиитэ кулгааҕын саба туттубутунан ойон турда. Вася саппыкылаах атаҕынан искэ тэптэ. Ханаайап: «Баар!» диэн уруйдаата. Сүрдээх холкутук, дьоһуннаахтык туттан, соругун толорбут киһи быһыытынан, ыараханнык үктэнэн Вася хоһугар киирдэ. Микиитэ ытыы хаалла. Икки-үс оҕо аһынан төбөтүн имэрийэ турдулар. Ханаайап соруйан хабарҕатынан күлэн кырдыргыы олордо.
Аҕыйах хонон баран Вася сөмүйэтин төбөтүн тугунан эрэ дьөлө аспыта таммах хаан быкпытын түннүк сырдыгар тутан Микиитэҕэ көрдөрдө.
Баайдары «ыраас хааннаахтар, үтүө хааннаахтар» дииллэрин Микиитэ истэр этэ.
– Тыый, тоҕо үчүгэйэй? Көр, эн баай буолаҥҥын хааныҥ бу курдук сырдык ээ, – диэн биһирээн өҥөлдьүйдэ.
– Эйиэнэ хайдаҕый?
– Миэнэ хап-хара, хоп-хойуу… Мин кыра киһи оҕото буоллаҕым дии…
– Мэ, сиэ! – Вася сөмүйэтин хаанын Микиитэ уоһугар сотон кэбистэ.
Тибиирбэхтии түһээт, Микиитэ кыыһыран, хоргутан туора хаамта. Вася ойон кэлэн кинини моонньуттан кууһан ылла уонна эргилиннэри тардаат: «Уураһыахха эрэ!» – диэтэ. Доҕордуу мичээрдээбит. Микиитэ кыыһырбыта ханна да суох буолан хаалта, сүрдээх улгумнук: «Чэ!» – диэт уураһаары уунаҥнаата. Онуоха Вася ньүрүс гына түһээт, Микиитэ сирэйигэр силлээн «чалк» гыннарда. Микиитэ барыны умнан кэбистэ,