Сааскы кэм. Амма Аччыгыйа

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Сааскы кэм - Амма Аччыгыйа страница 18

Жанр:
Серия:
Издательство:
Сааскы кэм - Амма Аччыгыйа

Скачать книгу

улахан буруйу оҥордо. Ханнык эрэ улахан бэчээттээх халыҥ кумааҕынан сиэртимэ хомуллан Буута Болтоойоп уол үөрэнэригэр көмөлтө харчы киирэр. Биирдэ остуорас эмээхсин уола уонна Ханаайап киниттэн харчы албынныырга сүбэлэстилэр. «Өрөбүлгэ дьиэтигэр бардаҕына аара ситэн ылан, «Эйигиттэн учуутал харчы иэс көрдөтөр» диэххэ. Кини эрэбил биэриэҕэ уонна учууталтан иэстиэ суоҕа» диэн ньыманы эттэ Уйбаан. Биирдэрэ сөбүлээтэ. Ол сүбэлэһиини Микиитэ соҕотоҕун иһиттэ уонна кистээн Болтоойопко эттэ.

      Онтон ыла Ханаайап Микиитэни наһаа атаҕастыыр, араастаан муҥнуур буолла.

      Онуоха эбии Микиитэ бэйэтэ да көнтөрүгэ олус. Тэтэрээтигэр чэрэниилэни тоҕон баран, ыга куттанан уруучука ньаалбаанын көҥдөйүн учууталга көрдөрө-көрдөрө: «Мантыата… мантыахатыттан тоҕунна» диэн ааспат, умнуллубат элэккэ барда.

      Оҕолор күн аайы охсуһаллар-этиһэллэр. Этиһэн баран охсуспакка хаалыллыбат. Этиспэккэ эрэ охсуспутунан барыы элбэх. Уйбаан Ханаайап уонна кини саастыыта остуорас уола: «Мин киһим бу» дэһэн оҕолору ананан баран, охсуһуннаран көрүлүүллэр. Бөрүө оонньуута, хаарты оонньуута, эрэлээҥки, сакылааттаһыы кинилэргэ кэмэ суох. Саамай дэлэгэйдик туттар үптэрэ – «балабыына буорсуйа». Микиитэ өлүүтүн аҥаарын мэлдьи сүүйтэрэр.

      Дьиэлэриттэн сылдьааччылар үөрэх кэмигэр эрэ оҥорбуттарын туһугар буруйданаллар. Мөссүйүөҥҥэ олорооччулар ону таһынан бэйэлэрин олохторугар буруйданаллара үгүс. Киэһэ хараҥа муннукка турар баар – ынырык суол! Уйбаан Ханаайап уоттаах чоҕу ытыран, уотунан тыынан кэлэн, эбэтэр куһаҕан сону бүрүнэн кэлэн араастаан куттуур. Оҕолор кэпсэтиилэрэ бүтүннүү абааһы туһунан буолар.

      Буруйданыы олус үгүс. Сорҕотугар буруйа да суохха.

      Биир хараҥа киэһэ дьиэттэн тахсар ааҥҥа Бүөтүр Сүөдэрэп уонна Микиитэ Лэглээрин сүүстэриттэн иҥниһэ түстүлэр. Иккиэн ыарыйдылар. Ким ордук буруйдааҕа кыайан быһаарыллыбата, онон… таһырдьа үтүрүһэн тахсан охсуһуу буолла. Тымныы сырылас кулгаахтарын саба харбаммытынан иккиэн ытаһан киирдилэр да учууталга түбэстилэр, тэҥҥэ «Кини!» диэн хардарыта ыйса түстүлэр. Учуутал уолаттары окумалларыттан харбаталаан ылан, хараҥа кылааска анньыталаан кэбистэ. Кини тахсарын кытта, уолаттар ыгыта куустустулар уонна күүскэ таптаһалларын, чахчы доҕордууларын туһунан сибигинэһэ турдулар.

      Биирдэ учуутал суоҕуна эргэ холуоһатын хас да оҕо кэтэ оонньоотулар. Учуутал уруута Соня кыыс Микиитэни соҕотохтуу үҥпүт. Ситэ хараҥатыйа илигинэ, Микиитэ боруҥуй муннукка турда. Муннугуттан босхолонон тахсан иһэн Соняны көрсө түһэн: «Суонньай-куонньай, хобуоччуо!» – диэн ботугураан ааста. Энньэрэҥнии титирээн тахсан, уокка көхсүн ититэн эрдэҕинэ, учуутал хаачырҕаччы үктэнэн кэлэн Микиитэни окумалыттан бобо харбаан тэлэкэччитэн илдьэн, кылаас түгэх муннугар анньан кэбистэ.

      Сотору түҥ хараҥа буолла. Микиитэ икки илиитин түөһүгэр ыга туттубутунан, тоҥон, куттанан салҕаластыы турда. Муус сыбах дэлбэритэ тоҥор, дьиэ үрдүттэн буор тохтон сурулуур, кумааҕы бытархайын кутуйах

Скачать книгу