Сааскы кэм. Амма Аччыгыйа
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Сааскы кэм - Амма Аччыгыйа страница 20
Учуутал көмүскэстэ быһыылаах. Иккис сылыгар учууталлаах аҕабыыт кырылас өстөөх дьон буоллулар. Кылаас сурунаалыгар кыһытыһыылаах суруктары суруйсаллар. Хардарыта араас моһуоктары оҥорсоллор. «Таҥара уруогар» соҕотох оҕо малыыппа ааҕарын ууратан, аҕабыыт кылааһы бүтүннүү ыллатан күйгүөнү таһаарар, учууталы «тарбаан» араас кыһыылаах тыллары этэр. Учуутал буоллаҕына, аҕабыыт уруогун кэмигэр бэйэтин хоһугар дьону мунньан гитаралыыр, хомустуур, ыллыыр, айдаарар. «Учуутал соруйан айдааран уруогум куһаҕаннык барда» диэн аҕабыыт сурунаалга бэлиэтиир. Биир буукуба алҕас суруллубутун булан сарсыҥҥытыгар учуутал сүүнэ улахан «я» буукубанан көннөрөн баран, ойоҕоһугар: «Кылаас сурунаалын алҕас суруйуунан марайдыыр сатаммат», – диэн суруйар. Учуутал суругун аҕабыыт тырыта сотон кэбиһэр. Аҕабыт суругун учуутал эмиэ сотор. Куораттааҕы тойотторугар үҥсэн дьыала ыраатта. Хардарыта: «Мин хотон эрэбин», – диэн оҕолорго кэпсииллэр.
Үҥсүүгэ биирдэ учуутал хотто. Аҕабыыт «таҥара үҥүүтүгэр түбэспит» аатырда. «Киһиэхэ иини хаһыма, онно бэйэҥ түһүөҥ» дии-дии, таҥара дьиэтигэр кини «бүрүкүөт» аахта. «Учууталбытын кыраата» диэн дьон аҕабыыкка өстөннүлэр. Буруйун толуйа куоракка биир ый буолан баран, аҕабыыт былҕаччы уойан таҕыста. Эмиэ моһуоктаспытынан барда.
Күрэстэһии үтэһэтэ биир сарсыарда туолла.
Ол сарсыарда учуутал тоҕо эрэ өргө дылы утуйда. Оҕолор сааскы дьиэ таһыгар оонньуу сырыттылар. Аҕабыыт нэлэстэнэн кэллэ да, «Кылаас!» диэн хаһыытаата. Учуутал төһө да хойутаатар «таҥара уруога» буолара ыраах этэ, оҕолор, саараан, тэпсэҥнэһэ турдулар. «Кла-асс!» диэн хаһыытаан бытарытта ыксаабыт аҕабыыт. Тигинэһэн киирбиттэрэ, көрүдүөртэн кылааска киирэр аан иһиттэн хатааһыннаах эбит. Аҕабыыт икки ытыһынан баттаҕын имэриммэхтии түһээт, күлүүһү көтүрү тардан кэбистэ. Малыыппалара бүтэн, саҥардыы үөрэнэн эрдэхтэринэ