Сааскы кэм. Амма Аччыгыйа

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Сааскы кэм - Амма Аччыгыйа страница 23

Жанр:
Серия:
Издательство:
Сааскы кэм - Амма Аччыгыйа

Скачать книгу

Бэһиэлэйэп, аҥаардыы дьабадьытын ыттах гыннара-гыннара саҥаран дьабдьыгыратар, өкчөһүйбүт хатыҥыр киһи, наһаа сүүйтэригэс хаартыһыт. Кини төрүт табыллыбатах киһи. Былыр, күннэрин саҕана, улуус бастыҥ баайа Уйбаан Сыҕаайап кинээс балтын, Дарыбыан кулуба соҕотох кыыһын, ойох ыла тахсыбыт. Сурах бөҕөтө, күтүөтү көрбөккө сылдьан, кулуба сөбүлүөх курдук эбитэ үһү. Бэрт айхалынан көрсүбүттэр. Сымса харахтарынан дьэргэлдьиччи көрөн, түргэн саҥатынан дьабдьыгыраччы кэпсэтэн, күтүөт оҕо моҥохтоох собону сиэн хоммут.

      Сарсыарда туран Дарыбыан кулуба булгуччу аккаастаан тиэрэ түһэн кэбиспит. Сааты-сууту кытта Мэхээлэ дойдутугар төннүбүт. Дарыбыан кулуба күтүөтү сирбит төрүөтүн дириҥ кистэлэҥ сураҕа кэмниэ кэнэҕэс биллибит. Үс суолунан сирбит эбит: хараҕа олоҕо суох – дьэргэлдьигэс, саҥата астыга суох дьабдьыгырас уонна, собулҕаны тоҥсуйар суорга дылы, собону көхсүттэн сиир. Бары билгэтиттэн көрдөххө: дьоло суох киһи буолсу.

      Онтон ыла Мэхээлэ дьоло суох киһинэн ааттанар.

      Хаартыга балыйсан баран, кини омун муҥутаан, урут охсор. Мөлтөҕө бэрт, хотторуулаах мэлдьи кини. Киһи анныгар сытан мөхсөн булумахтана-булумахтана: «Турдарбын эрэ сэрэн!» – диир. Анарааҥҥы киһи турдаҕына, Мэхээлэ өрө хатаастан турар да, эмиэ охсуһан кулупаайдаспытынан барар. Эмиэ аллара буолар, эмиэ: «Турдарбын эрэ сэрэн!» – дии-дии, мөхсөн булумахтанар.

      Кырдьаҕастар баалларыгар Мэхээлэ хаартылыыр сирин чуҥнуу киһи барар. Атын сүүйтэрэрэ ыкса чугаһаабыт буоллаҕына, хаартылаах дьиэ таһыттан аты күрэтэн кэлэллэр. Кимиэхэ сүүйтэрэн эрэрэ эмиэ быһаарыллар. Дэлэ киһи эккирэтэн кэлэн сүүйүүтүн ылан барбат кырдьаҕастара! Ол быыһыгар мүччү туттаран сүүйтэрэ охсор.

      Кырдьаҕастар өлбүттэрин кэннэ дьэ көҥүл барда. Ойоҕо Өрүүнэ намыһах уҥуохтаах, мылаарыйбыт суон дьахтар – үчүгэй майгыннаах. Кини төгүрүк сирэйин мытырыччы туттан, харахтарын кыараҕастык быһыччы көрөн баран, үксүтэр күлэн быыһыгырыы сылдьар. Мэхээлэ олус сүүйтэрдэҕинэ Өрүүнэ эмиэ оонньуур. Иккиэн сүүйтэрэллэр. Өрүүнэ этиспэт, кыыһырдаҕына дьэ ордук саҥарбат буолар, уһун уктаах тимир хамсаҕа табах тардан сүр наҕыллык унаарытара эрэ арыый түргэтиир. Ол эрээри, кини күүстээх, баламат. Мэхээлэ хас эмэ хонукка хаартылаан, сүөһүтүн бастыҥын толоонтон туттаран ыла-ыла, дэлби сүүйтэрэн баран илистэн, салбаҕыран кэлэр. Хотун түҥнэри хайыспытынан табах тардан унаарытар, кини кэлбитигэр кыһаммат. Мэхээлэ сыгынньахтанан баран, табахтаары, кураанахтаммыта ырааппыт саппыйатын тэбии сатыы турар.

      Дьиэ иһэ чуҥкунуу чуумпурар.

      Онтон хотун туран чэй тардаары остуолга чааскылары уурталыыр. Ол сылдьан эрин аттынан ааһан иһэн, сүр хатаннык «Ньаах!» диэн часкыйа түһэр да, харытын таһынан эрин ороҥҥо тиэрэ хаһыйан ааһар.

      – Һок! Иирдэ дуу! – диэн Мэхээлэ дьардьыгыныы түһэр уонна сибилигин туран өлөрсүөхтүү кырыктаахтык көрөн-истэн сирэйиттэн-хараҕыттан уот сардыргыы олорор.

      Этиһии суох.

      Хотун

Скачать книгу