Вануату – дьол уйата. Даана Сард
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Вануату – дьол уйата - Даана Сард страница 7
– Өлүөх курдукпун. Турар кыах суох. Хата, бу уолаттарынан пиибэтэ атыылаһыннар эрэ! Абырахтаныахха наада!
– Точно! Уулусса нөҥүө кыра маҕаһыын баар. Ыт атахтар сүүрэн баран аҕалыҥ эрэ!
– Ээ, суох, – Костя, Мишаны урутаан, өрүһүспүттүү эттэ.
– Бай! Ол тоҕо? – Гриша соһуйбута буолла.
– Пиибэни 18 саастарыттан саҕалаан атыылыыллар, оттон биһиги уон алталаахпыт эрэ, – Костяттан саҥата нэһиилэ тахсарга дылы.
– Тууй-сиэ, манна эн сааскар ки-им да наадыйбат, оннооҕор 13 саастаах оҕолор пиибэ атыылаһаллар, сымыйанан «төрөппүттэрбитигэр» диэн куотуналлар. Олорго холоотоххо, эһиги диэн сиппит-хоппут дьээдьэлэр буоллаххыт. Чэ, элбэхтик этиттэримэҥ, барыҥ. Кэллэххитинэ кэпсэтиэхпит!
Уолаттар хостон таҕыстылар. Кирилиэһинэн аллара түстүлэр. Вахтер дьахтар соһуйбуттуу көрдө эрээри, Миша обургу билигин кэлиэхпит диэн дакылааттаата.
– Ньиэрбинэйдээн бүт, – Миша инники хааман иһэн тииһин быыһынан саҥарда.
– Һы, хайдах ньиэрбинэйдиэм суоҕай? Эмиэ онно-манна булкуллан эрэбит. Пиибэттэн саҕаламмыт дьыала хаһан да үтүөнэн түмүктэммэт.
– Куһаҕаны биттэнимэ, барыта этэҥҥэ буолуо, – Миша маҕаһыын аанын тэлэччи аһан бастакынан киирдэ.
Табаара эрэ түргэнник атыыга барарыгар баҕалаах дьахтар Миша сааһын сураһа да барбата: онон ити чааһыгар Гриша уот харахха эппит буолан таҕыста. Миша пакет муҥунан пиибэ ылбытын Костя сөбүлүү көрбөтө, тахсаат да, тоҕо итиччэ элбэҕи атыыластыҥ диэн туоһулаһааччы буолла.
– Оттон киһини хат-хат сүүрдүөхтэрэ дии? Наадалаах этэ ол! Уонна кэччэгэй аатырыахпын баҕарбаппын.
– Бэйэҥ олох иһимэ! – Костя мас-таас курдук эттэ.
– Һы, эн миигин бобор-хаайар мамочка үһүгүн дуо? Уоскуй! – Миша сөбүлээбэтэхтии тыбыырда.
– Истэххинэ хайдах курдук хонтуруолгун сүтэрэргин бэйэҥ билэҕин! Бачча эппиэтинэстээх түгэҥҥэ кэлэн баран туттунуоххун!
– Биир бытыылкаттан туох да буолуом суоҕа, куттаныма!
– Барыта биир бытыылкаттан саҕаланар…
– Айка да айка, ньаҕайданан түһэҥҥин, киһини сылатаҕын даҕаны! Хайдах баччааҥҥа диэри эйигин тулуйан кэлбитим буолла?
– Ким кими тулуйбута өссө биллибэт.
Ити курдук уопсайга уолаттар этиһэ-этиһэ киирдилэр. Гриша кинилэри суунан-тараанан, быдан сэргэхсийбит көрүҥнээх көрүстэ.
– Маладьыастар! – диэтэ.
– Мэ, Гришаня, тут, – Миша пакеты уунна.
– Стоп! Мин эһиэхэ ханнык да Гришаня буолбатахпын. Манна миигин бука бары Николас, эбэтэр кылгатан Ник диэн билэллэр.
– Һы, хайдах ол эмискэ Николас буолан хааллыҥ? – Костя соһуйбутун кистээбэтэ, – ама киһи баҕардаҕын аайы аатын уларытыан сөп үһү дуо? Холобур, мин Костябын, аҕам аата Константин, эһэм эмиэ. Биһиги