Вануату – дьол уйата. Даана Сард
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Вануату – дьол уйата - Даана Сард страница 9
– Ону баҕас ким сириэй? Аһыыр, уһуннук утуйар, күүлэй тэбэр туох куһаҕаннаах буолуой? Ол эрээри мин өссө кыргыттар төбөлөрүн капитально иирдэрбин астынабын, – диэн саайда Николас.
– Да-а? Хайдах ол иирдэҕин? – Миша сэргэхсийэ түстэ.
– Кистэлэҥ суох. Ханнык баҕарар кыыска «таптыыбын» диэн этиэҥ эрэ кэрэх, кини – эйиэнэ.
– Куораттар ама оччо сэлээрчэхтэр үһү дуо? – Миша итэҕэйбэтэҕэ буолла.
– Куорат кыргыттара диигит да, манна улахан аҥаардара – тыалар. Эрэйдээхтэр бары тапталга наадыйаллар, бары кэргэн эрэ тахсар баҕалаахтар, төбөлөрүн иһэ, короче, любовь-морковь эрэ. Оттон эһиги ити чааһыгар хайдаххытый?
– «Хайдаххытый» диэн тугу ыйытаҕыный? – Мишка өйдөөбөтөҕө буолла.
– Кырыллыбытынан мальчиктаргыт дуу, эбэтэр кыргыттар төбөлөрүн эмиэ иирдэҕит дуу? – Николас пал гыннарда.
– Бу да киһи мээнэ-мээнэ ыйыттаҕын?! – Миша кыбыстыбыта буолла.
– Чэ, Костя – биллэр дьыала. Оттон эн, Мишка?
– Тугуй?
– Оттон, ломайся гыммаккаҕын, кэпсээ ээ.
– Ээ, табыгаһа суох, – диэт, Миша Костя диэки кылап гынан көрөн ылла: толлоро итиччэ эбитэ дуу?
– Кэпсээ-кэпсээ. Кимтэн кыбыстаҕын? Бары бэйэ дьоно олоробут, – Николас арахсар аат суох.
– Ну… короче… Хатыҥнаахха Таня диэн атыылааччы баар, – Миша салгыы эмиэ кинини аһатар-сиэтэр киһи аҥаардас Николас эрэ буоларын курдук Костяҕа кырыытынан олорон кэпсээн барда, – эн кинини билэриҥ саарбах. Ол эрээри биһиэнин курдук кыракый дэриэбинэҕэ оннооҕор ыттар ааттара, хаһаайыннара кимнээх буолаллара кытта биллэр. Короче, ол Таня атын, ханнык эрэ хотугу улуустан кэлбит. Эриттэн арахсыбыт, биир оҕолоох.
– Хайа, олох дьиҥнээх мачо эбиккин дии! – Николас итини эрэ көһүппэтэх буолан, бэл диэтэр, харахтара кэҥээтилэр. Оттон Миша, аттыгар Костя кулгаах харах буолан олороруттан баттатан эбитэ дуу, чочумча саҥата суох ах барда.
– Чэ-чэ, итиччэ быктаран баран, салгыы кэпсээн ис! Хайдах билсибиккитий? – Николас ыкта.
– Биирдэ ийэм маҕаһыыҥҥа килиэп атыылаһыннара ыыппыта. Үлэ чааһа бүтэн эрэрэ, тоҕо эрэ маҕаһыыҥҥа ким да суоҕа. Таня миигин үөрэ-көтө көрсүбүтэ, «тугу атыылаһаҕын?» диэн ыйыппыта.
Мин «икки бухааҥка килиэп» диэбитим уонна харчыбын ууммутум. Кини буоллаҕына, килиэптэрбин пакекка уган баран, мичээрдии-мичээрдии харахтарын миигиттэн араарбакка турбута. Ыытыан баҕарбата сирэйигэр сурулла сылдьара. Мин даҕаны тоҕо эрэ ханна да ыксаабат киһилии, биир сиргэ тоһоҕонон сааллыбыт курдук турбутум. Таня эмискэ: «Маҕаһыыммын сабар кэмим кэллэ, ааннарбын хатыырбар көмөлөһүөҥ дуо?» – диэбитэ. Мин аккаастаныам дуо, сөбүлэстэҕим дии. Ити курдук иккиэн көмөлөөн түннүктэри, киирэр ааны саппыппыт. Бэйэм буоллаҕына, ити кэмҥэ уора-көстө дьахтары кэтээбитим. Таня төһө да сааһынан миигиттэн быдан аҕа буоллар, тас дьүһүнүнэн киһи сирбэт дьахтара. Кыратык суон эрэ, ону да хараҕыҥ үөрэннэҕинэ,