Үһүйээннэр, номохтор. Багдарыын Сүлбэ

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ страница 35

Жанр:
Серия:
Издательство:
Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ

Скачать книгу

Никонович Стручков (1912). Мэҥэ улууһа, Дьабыыл нэһилиэгэ. Баргыдай аҕатын ууһа. 1991 с. суруйбутум.

      АМПААРДААХ АЛААС

      Ампаардаах Алаас диэн улахан сир баар. Дириҥ уулааҕынан, улахан соболооҕунан аатырбыт сир. Былыр-былыргыттан киһи аймах тоҕуоруйан олорбут сирэ. Бу сир былыргы аата Муҥха Баалы диэн эбитэ үһү. Илин бас, баһын халдьыытыгар былыр сэриилэһээри, кыргыс үйэтигэр, ампаар туппуттара турар. Бу алаас олохтооҕо Поповтар төрүттэрэ мин оҕо эрдэхпинэ Бөлтөккөй Бөтүрүүс диэн оҕонньор баара. Кини кэпсээнинэн, бу ампаар тула киһи уҥуоҕа уонна сылгы уҥуоҕа мээнэ ыһылла сытара үһү. Ону айыырҕааннар, хомуйтаран ылан, көмнөрбүттэрэ үһү диэн буолар.

      Бу Поповтар төрүттэрэ баай дьон уолларыгар илин улуустар баайдарын кыыһын ойох ылбыт. Хайа улууһа биллибэт. Просто илин диэн. Ол кыыһы уол сүгүннэрэн киирэн испит. Бу сир халдьыы өттүнэн Халдьыы Үрэҕэ ааһар. Ол Ампаардаах Алааһы аппанан сибээстиир. Аппа киирэр буоллаҕа. Онон ол аппанан киирэннэр, ол Ампаардаах Алааһы өҥөс гына түспүттэр. Дьахтар буоллаҕына, бу сири өҥөйөөт, ат миинэн иһэн, эригэр сыста түһэн, эппит: «Бу дьүһүннээх сиргин арбаан-хайҕаан кэпсээбитиҥ дуу?» – диэбит.

      Онтон ата бүдүрүйбүт. Сотору соҕус буолан баран. Кыыс атыттан сууллан түспүт. Ол түһэн, тыла суох буолан, өлбүт.

      Баай ыал кыыһа туох да баһаан симэхтээҕэ, энньэлээҕэ эбитэ үһү. Ону ол алаас халдьыытыгар атын симэхтэри, дьахтар симэхтэри көмөн кээстэр. Онон сир аннынан ханан эрэ кылаат сытар диэн сабаҕалыыллара. Ханан сытара, ханан көмпүттэрэ букатын биллибэт.

      Илин улуустар истиилэригэр кыыскытын күтүөккүт өлөрөн кээспит диэн тиийбит. Онтон илдьит ыыппыттар илин улуустар: «Сэп курдук сэрэнэн олоруҥ, ох курдук оҥостон олоруҥ. Биһиги сэриилээх тиийэбит», – диэн.

      Онно күтүөт, сэриилэһэргэ бэлэмнэнэн, туттарбыт ампаара диэн кэпсииллэр. Дьэ, онно күтүөт сэриилэһэрдии бэлэмнэнэн, бу ампаары туттарбыта үһү.

      Кырдьык да, тула өттө барыта чуолҕаннаах этэ. Ол уоттанан хаалбыт. Ол чуолҕана букатын сир кырсыгар тиийбит этэ. Дьэ онон, бу сир аата уларыйан, Ампаардаах Алаас диэн аатырбыта үһү.

      Алексей Дмитриевич Артемьев-Мойук Өлөксөй (1911). Мэҥэ улууһа, Үөһээ Алтан нэһилиэгэ. Саҥкычах аҕатын ууһа. 1989 с. кэпсэппитим.

      КҮРДЬЭХ КӨППҮТ

      Былыр аҥаардас биир эмээхсин олорбут. Ити Күрдьэх Көппүккэ. Ол буоллаҕына соҕотох ынахтаах эбит. Саас хойутаан кэлбит. Ынаҕар хаар күрдьэн биэрэр үһү. Хонуу таһааран. Дулҕаҕа.

      Күрдьэҕин батары анньан баран, сынньана олорбут. Онно күрдьэҕэр кэлэн кэҕэ эппит. Эмээхсин үөрбүт. Күөххэ үктэнэр киһи буоллум диэн. Ол гынан баран, ол түүн өлөн хаалбыт.

      НАМ

      Василий Николаевич Попов-Бочоох (1909). Нам улууһа, Хатырык нэһилиэгэ. Дьаакынаан аҕатын ууһа. 1982 с. кэпсэппитим.

      СИЭЛЛЭЭХ ОЙУН

      Сиэллээхтэр Өтөхтөрө диэн сир баар. Сиэллээх ойун, дьону бэтиэхэлээри итиэннэ ардах иҥин түһэрээри гыннаҕына (тууһут идэлээх эбит), киирэн, төбөтүн ууга уган баран илгиһиннэҕинэ, быыкаайык

Скачать книгу