Исповедь = Аһыллыы. Айсен Дойду
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Исповедь = Аһыллыы - Айсен Дойду страница 2
Иван Иннокентьев,
член Союза писателей России,
заслуженный работник культуры РС(Я)
Хоһооннор. Стихи
Аар Кудук Мас
О-о, бу тураахтыыр эбиккин!
Аҕыс иилээх – саҕалаах
далан дойдум тулааһына,
кэтит дойдум биттэҕэ,
айгыр – силик айхаллаах
Аар Кудук Маспыт бэйэлээх,
Алахчын Хотун иччилээх
Орто дойдум тутааҕа!
Амарахтыыр аймахтарга,
урааҥхайдыыр сахаларга
иитэр Ийэ – мас буолан
туругурдаан турдаҕыҥ!
Айбыт айыы аҕалаах,
иэйэхситтиир ийэлээх,
билэр–өйдүүр төбөлөөх,
астык ааллаах атыырдаах,
ирдиир – көрдүүр ыллыктаах,
содуоллаһар суоллардаах,
туруолаһар туруктаах,
самнархайдыыр сайылыктаах,
кыргыһыылаах кыстыктаах,
кыайар – хотор хоннохтоох,
албан ааттаах эр киһи!
Тэтэркэйдиир имнэрдээх,
имигэстэй илиилэрдээх,
мэтэгэркээн түөстэрдээх,
хойуу – субуй суһуохтаах,
кылбаа көмүс ытарҕалаах,
илин – кэлин кэбиһэрдээх,
кылыгырыыр симэхтэрдээх
саха аймах кэрэтэ,
дьиэлээх кэргэн ийэтэ!
Айыыһыттан айдаран,
Иэйэхситтэн имэҥнэнэн
кэргэниниин таптаһан,
оҕолорун төрөтөн,
саха дьонун элбэтэн,
үөскүүрүгэр кыһаллан
хотун дьахтар барахсан!
Аламай күнүм анныгар,
уйгу – быйаҥ дойдубар
хайгыыр хотун дьахтарым
уонна дохсун эр киһи
көрсө түһэн – билсиһэн,
төлөннөөхтүк таптаһан,
хоонньохтоһон – холбоһон
олохторун тэрийбиттэр,
уйаларын оҥостоннор
оһохторун оттубуттар,
бур – бур буруо таһаарбыттар,
элбэх оҕо төрөтөннөр,
аймах – уруу үөскэтэннэр,
далбар түөлбэ тэрийэннэр
үөрэ – көтө олорбуттар!
Алгыс
Күлүмнүүр күндү күннээх,
дьэҥкир ыраас халлааннаах,
унаар урсун уулардаах,
күөхтүү хампа тыалардаах,
дьоллоох дьоһун дьоннордоох,
айгыр – силик бэйэлээх
албан ааттаах Орто дойдум!
Түһүлгэҕэр төннөммүн
сэргэлэргин кууһабын,
кэлбит кэми уруйдаан
ахтар – таптыыр Алахчыммар
ытык тоҕой саламаҕа
маҕан кылбын ыйыыбын!
Арыы түөлбэ алаастардаах,
сытар сылам сыһыылардаах,
сүөгэй сүүрэр сүөһүлэрдээх,
кымыс сыттаах сылгылардаах
далбар далан дойдубут.
Манна ааннаан олорор
Айыы