Исповедь = Аһыллыы. Айсен Дойду
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Исповедь = Аһыллыы - Айсен Дойду страница 3
Күн Өркөн дьонноро
бүгүн мустан тураллар.
Күнү көрсө кэлэннэр
эрэнэллэр, кэтэһэллэр,
илиилэрин өрө уунан
кэп туонар курдуктуу
истиҥнээхтик иэйээхтээн
күүрээннээхтик көрдөһөллөр.
Күлүм аллай!
Маҥхалыырым барахсан,
Күөгэллиирим көмүһүм,
Алахчыным хотунум…
Истэбин! Көрөбүн!
Сирэйиҥ сиэрдийбит,
мөссүөнүҥ мөлтөөбүт,
хараҕыҥ уута халыйбыт –
онно ахтар Дьөһөгөйүҥ
күн буолан кылбайбыт,
сах курдук сарыаллаабыт…
Кэтэһэҕин кэлэрбин…
Истэбин! Көрөбүн!
Түһэбин… төннөбүн!
Үчүгэйи баҕаран,
ньүксү нөрүөн нөргүйэн
истэр истиҥ сүрэхпиттэн
баҕараммын этэбин.
Көмүс күммүт күөрэйдэ,
күүтэр кэммит кэлээхтээтэ!
Айгыр – силик аан дойду
саһарҕаттан сырдаата,
соргулуурдуу сандаарда.
Айхаллыыбын, алгыыбын!..
Аньыы – хара араҕыстын,
кирдээх санаа кэбэлийдин,
хара хабыр халбарыйдын!
Алыас! Алыас!
Сотуллубат суоллардаах,
ыһыллыбыт ыллыктаах,
оломтолоох олохтоох
дьарылыктыыр дьылҕалаах,
туругурдуур туруктаах,
тосхоллордуур тускуллаах
сайдар саха дьонноро,
айыыларбыт оҕолоро…
Наскыл! Тускул!
Күөгэл – нусхал!
Уруй! Айхал!
Люблю
Люблю я в людях чистоту и цельность,
Когда в словах – святая простота,
В поступках, жестах – не суета, а дельность,
В глазах открытых – неба высота.
Тебя хотел бы видеть я такой –
Учтивой, милой, умной, нежной,
И в сердце верном – ангельский спокой,
Когда вокруг так много скверны.
Когда вокруг балдеж и суета,
Народ везде базарит неразумный,
Нужны мне – разум, доброта,
Мне нужен мир – прекрасный и не шумный.
Я ухожу от пьянства, бардака,
Где все обман и скучная игра,
Я убегу от жизни дурака
В мир Высшей Правды и Добра, –
В твой лучший мир, где голоса столетий
Звучат божественно, как музыка Вивальди,
Где в царстве Красоты, Гармонии на свете
Все в жертву отдают – искусства ради,
Где в штормовых морях белеют паруса,
Творений гениев рождается так много,
Где свято чтут и деда, и отца
И в храмах светлых славят в песнях Бога!
Люблю я в людях чистоту и цельность,
Когда в словах – святая простота,
В поступках, жестах – не суета, а дельность,
В глазах открытых – неба Высота!
Исповедь
Ветер, звезды, река,
крыши, окна, столбы…
дни, года и века…
я такой же как вы –
из толпы –
миллионная часть, миллиардная доля,
я – вселенская пыль,
семя