«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык. Наталья Михалева-Сайа
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык - Наталья Михалева-Сайа страница 14
Бу рубрикаҕа биһиги көр-күлүү театрын артыыстарын кытта бэркэ тапсан үлэлээбиппит. Кинилэр диэтэх дьон, сценарийы кэпсээтиҥ да, айан-оонньоон, киһи эрэ айаҕын атан олорон көрүөх түгэннэрин туруора охсон кэбиһэллэрэ. Мурун туһунан биэриигэ мунна хаһыҥырыыр эрин кытта эрэйи көрөн утуйа сатыыр дьахтары, о.д.а. «Ералашка» маарынныыр устуулары сорох көрөөччүлэр умнубатах буолуохтаахтар.
6. ТАБА ТАЙАНЫЫЛАР. ТИЭМЭЛЭР
«Хайа, толкуйдаабыт рубрикалара үксэ аара суолга көөрөттөн түһэн испит холоон да биэрии эбит», – дии саныаххыт, баҕар. Ол эрээри «Кэпсиэ» дьону тардыбыт сүрүн ньымата – кэпсэтэр тиэмэни, биэрии тосхолун таба тайанан булуута эбит. Холобур, ити «мурун туһунан биэрии» диэтим дии. Ити тиэмэ биһиэхэ лор-быраас сүрүн ыалдьыт буола кэлэриттэн сылтаан толкуйдаммыта. Төһө да хаптаҕай буоллар, бу тыыннаран-тыбыырдан сылдьар муннубут барахсан туһунан, түөрэ хаһан кэпсээн бардахха, бараммат сэһэн буолуох курдуга…
Олохпут эгэлгэ көстүүлэригэр, айылҕаҕа, киһи киһиэхэ сыһыаныгар, дьоҕурга-талааҥҥа, тэрилтэлэр үлэлэригэр, тылга-өскө, хамныыр-харамайга, философия өйдөбүллэригэр, айымньыларга… туохха-туохха анаабатахпытый, биһиги биэриибит ис хоһоонун?!
Ол эрээри саха дьонун саамай долгутар, кинилэр сүрэхтэрин ыппытынан киирэр тиэмэлэр бааллар эбит этэ.
Устуудьуйаҕа олорон, мэктиэтигэр, көрөөччүлэртэн дирдиргэс сүүрээн субу тиийэн кэлэрин билэргэ дылы этим. Оннук буолбута, биһиги аІаардас сылдьар, олох устун бииргэ хаамсар доҕордорун булбатах дьон кыһалҕаларын туһунан кэпсэтиини тэрийбиппитигэр. Оннук буолбута, түөрт устуруока күпүлүөтү суруйууга бүнүікүл бириистээх сааскы кус булдун туһунан биэриибитигэр; оннук буолбута, Дьокуускай куоракка саха тыллаах оҕо саада, оскуола элбиирин туруорсар төрөппүттэр бөлөхтөрүн таһаарар биэриибитигэр; оннук буолбута, бастакы Бэрэсидьиэн Михаил Ефимович Николаевка анаммыт таһаарыыбытыгар;