«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык. Наталья Михалева-Сайа

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык - Наталья Михалева-Сайа страница 15

Жанр:
Серия:
Издательство:
«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык - Наталья Михалева-Сайа

Скачать книгу

опроһум ааста, сюжетым ааста, арай көрөөччүлэрбиттэн ыйытыы суох. Хайыахпыный, били кэлбит дьахтарбын кытта олох туһунан уһатан-кэҥэтэн кэпсэтэрбэр тиийдим. «Зал иһин толорор музыка…» диэн ырыанан эҥин эргийэн, эҥсилгэннээх кэпсэтии буолар хабааннанна. Хата, киһим айаҕа син аһылынна. Өссө биир тойуксуттаах этим, кэргэн тахсыбатах кыыс суланар ырыатын (тылын бэйэм суруйан биэрбитим) толоруохтааҕа. Дьиҥэ, бастаан оннук ис хоһоонноох тойугу толоруон баҕарбатаҕа, онтон үөрэтэн, эрчиллэн көрөн баран: «Толорор эбиппин, кырдьык, кэргэн тахсыбатах элбэх кыргыттар ааттарыттан ыллыыбын, норуодунай театрга оруол толоро турар курдук. Уобарас буолабын. Бэйэм иккис кэргэммэр олоробун», – диэн, күлэ-күлэ, сөбүлэспитэ. Эрчиллэрбитигэр олус үчүгэй этэ. Арай доҕоор, онтум быһа эфир кэмигэр бастаан саҕалаан иһэн тылын таһы-быһа умнан кэбистэ. «Туох ааттаах табыллыбат киэһэбит буоллаҕай?!» – диэн испэр ыксыы саныы-саныыбын, тойуксуппун быыһаан ыллаҕым дии. Кини кэнники Туймаада ыһыаҕар үҥкүү тылын этэн массыына бириис сүүйэн турар. Көрүстэхпитинэ, ол биэриини саныы-саныы, күлсээччибит.

      Һуу, дьэ, биир чааспыт кэмниэ-кэнэҕэс бүттэ. Күһэллэммин, оннооҕор «көрөөччүлэр ыйытыылара» диэн бэйэм эрдэ бэлэмнээбит биир-икки ыйытыыбын биэрэргэ кытта тиийдим. Тэлэбиидэнньэ үлэтигэр итинник эрдэ бэлэмнэммит ыйытыыны биэрэр албас, ньыма баар, дьиҥэ, ону мин туттубат буола сатааччыбын. «Көрөөччүлэр ыйытыы алҕаска да биэрбэтилэр, тоҕо бэрдэй?» – диэн санаалаах устуудьуйаттан тахсан төлөпүөннээх хоско бардым. Арай администраторым көтөх муҥунан кумааҕыны суруйбут, дэлби тиритэн, кытаран хаалан баран өссө да кимниин эрэ кэпсэтэ, ыйытыы ыла олорор!

      – Хайа, ыйытыы бөҕө киирбит эбит дии, тоҕо киллэрэн биэрбэтиҥ?

      – Оттон эрий да эрий буолаллар батта, киһи туруупканы уурар да кыаҕа суох…

      Чахчы, көрөөччүлэрим барахсаттар хаһааҥҥытааҕар да көхтөөхтүк, аналы булбакка соҕотох сылдьыыны саха омук биир уһугулаан турар улахан кыһалҕатын быһыытынан көрөн эгэлгэ да этиилэри эппиттэр, ыйыппыттар, туруорсубуттар этэ! Саҥа үлэлээн эрэр администратор кыыс төлөпүөнтэн хайдах да арахсар кыаҕа суох биир чаас устата быыстала суох ону суруйа олорбут!

      Бу биэриигэ олус уйаҕастык Мииринэй, Нерюнгри куоракка олорооччу саха эдэрчи дьонуттан: дьахталлартан да, эр да дьонтон киирбит этиилэри мэлдьи саныыбын. Кинилэр өрөспүүбүлүкэҕэ олорор, 25-тэн үөһэ саастаах, соҕотох сылдьар саха дьонун туһунан кииннэммит биир бааны оҥоруохха, суорумньуну судаарыстыба суолталаах үлэ чэрчитигэр киллэриэххэ эҥин диэн туруорсубуттар этэ. Уонна биһиги биэриибит, чуолаан мин, соҕотох дьону түмэр хамсааһыны саҕалаабытым курдук ылыммыттар, өйдөөбүттэр эбит этэ: олох хойукка диэри онтон-мантан төлөпүөммүн булан «били суорумньу үлэлиир дуо?» диэн ыйытааччылар… Ону таһынан, салалтабытыгар эмиэ тиийэллэр эбит. Биирдэ дириэктэрбит Николай Иннокентьевич: «Тоҕо уонна ким мин төлөпүөммүн суорумньуһут нүөмэрэ диэн биэрдэ? Сүгүн үлэлэтэллэрин аастылар…» – диэн күлүү аҥардаах эппитин истибиппит.

      Төһө

Скачать книгу