«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык. Наталья Михалева-Сайа
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык - Наталья Михалева-Сайа страница 19
Өскө ол биэрии кэнниттэн Саха сирин үрдүнэн мас олордуута элбээбит буоллаҕына – махталлаах. Ол эрээри… Ол эрээри дииргэ тиийэбин, итинник хайысхаҕа киһи олус сэрэхтээхтик сыһыаннаһыахтаах эбит. Мин ураты дьоҕурдаах дьону кинилэр хас биирдии этиилэрин, көрүүлэрин кытта сөбүлэһэр буоламмын таһаартыыр буолбатах этим. «Бу курдук санаалаах, дьоҕурдаах дьон эмиэ баар. Кинилэр санааларын биһиги истэр, оттон кинилэр бэйэлэрин көрүүлэрин кэпсиир бырааптаахтар», – диэн этэрим. Онтум баара, суруналыыс бэйэтэ да билбэтинэн, киэҥник иһитиннэрии тэрилин нөҥүө өйдөрө-санаалара бөҕөргүү илик дьон кутугар-сүрүгэр сыыһа өйдөбүл олохсуйарыгар күүскэ көмөлөһөн кэбиһиэн сөп эбит. Итэҕэлбит биир сүрүҥҥэ киирэ илик кэмэ буолан, Харатаала да, атын да итинник дьарыктаах дьон, айылҕалара хайдах этэринэн дьайаллар. Ону дьон олус кэбэҕэстик ылынар, эмиэ итэҕэлин сүнньүн билбэт буолан. Холобур, мин ити ыҥырыылаах ыалдьытым кэнники өссө сайдан, «соргу» диэн саха дьоллоох тылын, өйдөбүлүн туттуллууттан таһаара сыста. Аны били батас туһунан кэпсээни биһиэхэ аҕаларга сыһыаннаах киһи кыс-хаар ортото дьиэтэ умайан, күл-көмөр үрдүгэр туран хаалбытын туһунан сурах кэлбитэ (төһө дьиҥнээҕин билбэтим).
Ол иһин мин итэҕэлбит биир сүрүҥҥэ киириэн, халбаҥнаабат тирэҕин булуон баҕарабын. Ол туһуттан айылҕалаах дьоммут иллээх түһүлгэни төрүттээн, сүбэлэрин холбоон, норуоттарын туһугар дьоллоох-соргулаах суолу арыйар ытык үөрэҕи айыахтарын, сиэри-туому бигэргэтиэхтэрин баҕарабын.
«Саха үлэһит омук дуо?». Урут, сэбиэскэй саҕана, хаһыакка, араадьыйаҕа, тэлэбииһэргэ инники күөҥҥэ үлэһит киһи тутуллара. Ол суруналыыстартан буолбатах, ордук үөһэттэн ирдэбил, хайысха баарыттан тутулуктаах эбит. Сэбиэскэй кэм, хайдаҕын да иһин, «үлэһит киһи былааһа» диэн этэ, онтун да быһыытынан чэрдээх илиилээх киһини уруйдууру-айхаллыыры ирдиирэ. 90-с сылларга, мин суруналыыстыка аартыгар саҥа үктэнэр кэммэр, үлэһит киһи мэтириэтин айар олус уустук буолбута. Тоҕо диэтэххэ, дойду олоҕо айгыраан, үлүскэннээх үлэ-хамнас мэлийбитэ, үлэһит киһи ханна эрэ ситиһиилэнэрэ, ол туһунан кэпсиэн-көрдөрүөн баҕарар санаата үөдүйэрэ отой суох буолбут кэмэ этэ. Онон, кэпсиир-көрдөрөр тэрилтэлэр үлэлэрин сүрүн ис хоһоонугар төрүт култуура, спорт, искусство, социальнай кыһалҕалар тоҕо анньан киирбиттэрэ уонна хойукка диэри иһитиннэрии кураанахсыйбыт салгынын аІаардастыы толорбуттара.
Мин итини суруналыыстыка итэҕэһин курдук саныырым уонна Сунтаарга да үлэлии сылдьан, Дьокуускайга даҕаны, үлэһит киһини дьоруой гынан таһаарар түгэн тосхойдоҕуна, олус үөрэрим. Ол эрээри оннук түгэн биирдэ эмит тосхойоро. Дьэ ити мин испэр иитийэхтии сылдьыбыт санаабын уот харахха этэр киһи көстүбүтэ! Арай мобильникпар билбэт нүөмэрбиттэн эрийдилэр. Тоҕо эрэ ыллым. Сунтаардыы «ыллыыр» саҥа иһиллэр:
– Ити суруналыыстар эһиги мэлдьи ырыаны-тойугу, ыһыаҕы, ол-бу күрэхтэһиини көрдөрөн тахсаҕыт дии. Оттон саха үлэлии турарын тоҕо биирдэ