«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык. Наталья Михалева-Сайа

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык - Наталья Михалева-Сайа страница 22

Жанр:
Серия:
Издательство:
«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык - Наталья Михалева-Сайа

Скачать книгу

«кэпсиэлэри», араадьыйа дьиэтигэр туоруур холлоҕоһу, «кыһыҥҥы саады» ааһа баран, уһуннук түһэн-тахсан тиийэр ыраах баҕайы түгэх хоско олохтообуттара. Омос санаатахха, «атах-бытах» үлэһит оннук хоспоххо тиксиэхтээх курдук. «Куһаҕаннык санаабат инигит? Бу урукку телерадиокомитет эрдэхпитинэ муҥутуур тойоммут-хотуммут олорон ааспыт кэбиниэттэрэ этэ. Улаханнык толлон, бэйэ бодобутун тардынан киирэр хоспут этэ», – диэбитэ Николай Иннокентьевич. Ол эрээри ити кэбиниэппит миэхэ олус табыгастаах хос буолбутун бэлиэтиэхтээхпин.

      «Кэпсиэ» экраҥҥа тахсан, көрөөччүгэ биһирэтэн истэҕин аайы, миигин кытта билсиэхтэрин, тугу эмэ кэпсиэхтэрин баҕалаахтар олус элбээн барбыттара. Хас биирдиилэрин кытта кэпсэттэхпинэ, миэхэ үлэлиирбэр чаас да хаалыа суох курдук этэ. Ити, бастакы көрүүгэ, оннук улахан моһуок буолбатах курдук эрээри, үлэһит киһиэхэ син биир иһэ истээх кыһалҕа буолар. Ол кыһалҕаттан биһиги хоспутугар тиийэр суол мунааҕа быыһаабыт эбит. Дьон ыйдара-ыйдара кэлэн иһэн син биир булбакка, төннөн хаалбыт түгэннэрэ элбэҕин кэнники хас да оннук кэпсээннээх дьоҥҥо «тутулламмын» билэбин. Кэбиниэппит оннук чиэски сиргэ турарынан туһанан, ардыгар мин онно хоно хаалааччыбын… Ол саҕана дьиэм диэн «Холбос» уопсайын биир хоһо, онно кыргыттарбын кытта үһүөн олоробут, утуйарбытыгар кыараҕаспыт. Мин «Күөх ньургуһун» сэһэммин оннук, үлэбэр утуйа сылдьан суруйан бүтэрбитим. Олус солото суох буолан, дьиэм суоҕуттан улаханнык санаарҕаабакка да ол кэми аһарбыт эбиппин. Хайдах эрэ күлүүлээх-оонньуулаах, мүччүргэннээх түгэҥҥэ түбэһэн сылдьардыы, күүрээннээхтик уонна үөрэ-көтө олорбутум.

      Саас этэ. Ньургуһун туһунан биэрии бэлэмниибин. Ырыаһыт, хоһоонньут ыалдьыттардаахпын, «Хара сир устун…» ырыа ааптардарын кытта мырааҥҥа уһуллубут сюжеттаахпын, устуудьуйаҕа остуолбар биир иһиккэ араҕас ньургуһун дьөрбөтө, биир иһиккэ Сунтаартан сөмөлүөтүнэн кэлиэхтээх күөх ньургуһун дьөрбөтө туруохтаахтар. Барыта бэлэм курдук да, туох эрэ сиппэтэҕин сүрэҕим таайар: ньургуһун туһунан өссө туох эрэ дьикти, ураты кэпсээн баар буолуохтаах… Дьэ оннук сиппэтэх санаалаах олордохпуна, ааны тоҥсуйдулар. Тыый, ким булан кэллэҕэй? Арай биир эдэр дьахтар киирэн кэллэ: «Уо, дьэ буллум ээ! Эрэйинэн киһи булан кэлэр сиригэр олорор эбиккит… Көр, быйыл мырааҥҥа хаһааҥҥытааҕар да элбэх ньургуһун үүммүт. Дьонум Хатыҥ Үрэххэ олороллор: ийэм сааһыран баран холбоспут кэргэниниин. Ол кэргэнэ уус идэлээх. Ньургуһун маннык хойуутук үүммүтүн бэлиэтээн ыалларын ыҥыран «Ньургуһун ыһыаҕа» диэни тэрийэн ыыттылар…»

      – Эн эрэ миэхэ итэҕэс этиҥ…

      – ???

      – Эн курдук киһини кэтэһэн олорбутум ээ, – күлэбин.

      Итини тоҕо суруйарым буолла? Хайдах эрэ өйбөр хаа-

      лан хаалбыт: хоспут, ньургуһун, соһуччу киирэн кэлбит эдэр дьахтар уонна Хатыҥ Үрэх мыраанын бүрүйэ үүммүт араҕас ньургуһун тыалтан долгуҥнаан ылар намчы көбүөрэ, сааһыран иһэн дьоллорун булбут эр киһилээх дьахтар олоҕу уруйдаан ыспыт ураты ыһыахтара…

      «Күһүҥҥү

Скачать книгу