«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык. Наталья Михалева-Сайа

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык - Наталья Михалева-Сайа страница 20

Жанр:
Серия:
Издательство:
«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык - Наталья Михалева-Сайа

Скачать книгу

туппуппут дии, быйыл Ытык Күөл ууга барбытыгар тоҕо ким да айдаарбатый, тоҕо элбэх тутуу онно ыытыллыбатый?» – диэн бэйэбин доппуруостаан ыксаппыттара. «Таас тутууга киһи ылбычча сатаабат, мындыр буолууну эрэйэр үлэ тоҕо эрэ бүтэһигэр биһиэхэ эргийэн кэлбит буолар дии. Холобур, остуолбалары туруору ууран таһаарар үлэ. Оттон тэлгэтии эҥин курдук судургу үлэ кэлиилэргэ тиксэр дии. Тоҕо?» Мин ити ыйытыыларга кыайан хоруйдаабаппын билэллэр уонна соруйан итинник ыйытан тургутан көрөн баран, бэйэлэрэ быһааран киирэн бараллар.

      Ити кэмҥэ мин саҥа дьиэбэр көһөн олорор этим. Биир сарсыарда эрдэ баҕайы тастан кэлэн балкоммун оҥорон тиҥийэн-таҥыйан барбыттарыттан уһуктан кэллим. Балкоммуттан сахалыы саҥа иһиллэр, туттуу-хаптыы, тыас-уус бөҕө. Салгыы төрдүс этээскэ тахсыбыттарын көрбүтүм уонна Александров «балконнары оҥорууга саха уолаттара ылсан сылдьаллар» диэбитин өйдөөн кэлбитим. Тутууга үлэ итинник үллэһиллэр эбитин урут хантан билиэмий?

      Мин итини тоҕо кэпсиибиний? Ханнык баҕарар суруналыыс түбэһэ түһэн суруйбут, көрдөрбүт дьоруойдардаах. Ханнык эрэ тэрилтэ кыһалҕаларын сырдаппыт, ис иһигэр киирэн кинилэр үлэлэрин ымпыгын-чымпыгын да үөрэппитэ элбэх буолар.

      Мин итини «Кэпсиэ» кэнниттэн дьоруойум олоҕо саҥа таһымҥа тахсыбытын иһин суруйабын. Арай Уйбаан: «Мин олоҕум, дьиҥэ, олус ураты ээ. Толору кэпсиир, суруйар буоллар, элбэх ыччакка үөрэх да буолуо этэ. Оҕо сылдьан үчүгэй үөрэнээччи буолбатах этим. Атаҕа суох аҕабар көмөлөһөн тыа киһитин хара үлэтигэр күүскэ эриллэн улааппытым. Ол кэммин ат сүүрдээччи оҕо буола сылдьыбытым сүрдээҕин киэргэппитэ. Саха атыгар тапталбын хайдах этиэхпин, кэпсиэхпин билбэппин. Саҥа киһи-хара буолан иһэммин, биир түгэнтэн тэһииркээн дьэллик баран бырадьаагалыы да сылдьыбытым. Тоҕо эрэ култуурунай-сырдатар училищеҕа киирэн, кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитим. Арыгыны да амсайбытым. Онтон сылгыга өр умсугуйан үлэлээбитим. «Элгээйи» сопхуос ыһыллан, үллэстии буолбутугар санаам түспүтэ аҕай. Онтон хас да буолан күүспүтүн түмэн, коммерция суолунан дөбөҥнүк барбыт, Москваҕа кытта маҕаһыыннана сылдьыбыт кэмнээх этибит. Массыына сүүрдэн аҕалыынан эмиэ дьарыктана сылдьыбытым. Ол тухары барыта мүччүргэннээх сырыы, биир уол оҕо ханна төрөөн өлбөтөҕөй, биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай, диэх курдук. Кэнники бу куоракка кэлиэхпиттэн мас тутуунан дьарыктанан бардым, санаам наһаа сытар үлэтэ буолан, дьоллоох курдук сананабын… Эн итини кэпсээтэхпинэ суруйуоҥ суоҕа дуо?» – диэн олох миэхэ эриллэн хаалла.

      – Айыкка! Бэйэм да санааларбын, иэйиилэрбин тиһэр солом суох. Ол эн хаста милииссийэҕэ түбэспиккин суруйарбар кинилэр погоннарыттан саҕалаан хаайыы иһэ хайдах буоларыгар тиийэ билиэхтээхпин. Оччоҕо эрэ итэҕэтиилээх айымньы тахсар. Үлэтэ бэрт дии!

      – Оттон мин барытын кэпсиэм ээ…

      – Ээ, оттон ону бэйэҥ суруйдаххына хайдаҕый?

      Киһиэхэ «кыра да наада» диэн этии дириҥ ис хоһоонноох. Ардыгар биир этиинэн өй-санаа уган биэрии, киһи бэйэтигэр эрэлин уһугуннарыы

Скачать книгу