«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык. Наталья Михалева-Сайа
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык - Наталья Михалева-Сайа страница 3
Ол саҕана үлэһиттэр бэйэлэрин икки ардыларыгар «бэрэсидьиэннэр уларыйаллар, арай кини уларыйбат» диэн дьаралыктаан кэпсэтэр салайааччылара Николай Иннокентьевич Петров тэлэбиидэнньэҕэ дириэктэрдиир этэ. НВК бэрэсидьиэннээх, ол аннынан тэлэбиидэнньэ уонна араадьыйа дириэктэрдэрэ диэн ботуччу сололор бааллар. Кини миигин ыҥыран ылла, кэбиниэккэ киирбитим били илиинэн суруйбут кумааҕыбын эргим-ургум тута олорор эбит уонна эттэ: «Мин бу эн суруккун ырытан баран бүппэппин. Чахчы саҥа, сонун бырайыак эйиэнэ эрэ эбит. Ол гынан баран маны дьэ хайдах олоххо киллэрэбит?» – диир. «Хайдах киллэриэхпит суоҕай?…» – мин олус уустугу суруйдум дии санаабат этим, биир киһи санаата хоторун бүтүн тэрилтэ хайдах кыайыа суоҕай диэн саарбахтаан көрбөккө хоруйдаспытым.
Сотору «12-с ханаалбыт» аһыллаары хамсааһын бөҕө буолан барда. Били мин «Кэпсиэ» диэн бырайыагым киэбинэн нэдиэлэҕэ түөртэ быһа тахсар буоллубут: икки күн сахалыы, икки күн нууччалыы. Сахалыыны ыытааччылар мин уонна Анатолий Гоголев, нууччалыыны ыытааччылар Альбина Данилова уонна Анатолий Сергеев этибит. Тэлэбиидэнньэ устуоруйатыгар аан маҥнай аналлаах стилист ыҥыран, Алексей Семенов этэ, тас көрүҥмүтүн оҥордулар. Онтубут Альбина Данилова баттаҕын уот кыһыл өҥҥө кырааскалаан кэбиһэн, көрөөччүлэр ортолоруттан саҥа-иҥэ, одуу-чинчи таҕыста. Аны миигин «блондинка гынан кэбиһиэ» диэн куттанаммын, «только натуральный цвет» дии-диибин, төбөбүн саба туттан олорбутум. Инньэ гынан, «натуральнайга наһаа чугас» «красное дерево» өҥнөммүтүм. Ол да буоллар стилист: «Фиолетовый бы Вам очень подошел», – диэбитэ. Дьиҥэ, эдэр эрдэххэ эгэлгэ да өҥнөнөн, уларыйан-тэлэрийэн көрүөххэ баар этэ буоллаҕа.
Устуудьуйабытыгар барнай устуойка эҥин туруоруллан, ыытааччылар көһө сылдьан олоробут, ыалдьыттарбыт биэрии устата хаста да уларыйыахтарын сөп, кинилэри кытта көҥүллүк, туран эрэн кытта кэпсэтэр кыахтаахпыт. Кылгас сюжеттар, мэлдьи үлэлиир рубрикалар кэпсэтиини ситэрэн-хоторон биэрэллэр. Ити бэйэтин кэмигэр өрөбөлүүссүйэҕэ тэҥнээх көстүү этэ.
Уруут-урут, Саха сиригэр күөх уот саҥа көстөрүн саҕана, биэриилэр бары быһа эфир быһыытыгар-майгытыгар барар кэмнэрэ эмиэ баара үһү. Ол гынан баран кэнники, биһиги ол турунарбыт саҕана, «быһа эфир» диэн хаалтыстаах дьон хамсаабакка олорон төлөпүөнүнэн