Түүл буолан сүтүмэ. Галина Нельбисова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Түүл буолан сүтүмэ - Галина Нельбисова страница 16

Түүл буолан сүтүмэ - Галина Нельбисова Таптал таабырына

Скачать книгу

төттөрү автобус тохтобулун диэки тиэтэйэ-саарайа хаамаллар. Киинэлээн, театрдаан эрдэхтэрэ. Оттон пааралар… Киэһээҥҥи Сэргэлээх устун сиэттиһэн хаамар уолаттары, кыргыттары кини долгуйа, кыратык ымсыыра даҕаны көрөр! Дьоллоох да буолуохтара, эмискэ бэйэ-бэйэлэрин булсубут, харах көрүүтүнэн хайҕаспыт, сүрэхтэрэ тардыһалларын билбит эдэркээн сүрэхтэр… Чэ, бэйи, этэргэ дылы, биһиги да уулус-сабытыгар күн тыгар, бырааһынньык кэлэр ини?! Кинилэр да 57-с хосторун аанын долгуйа тоҥсу-йуохтара, көрсүһүүгэ ыҥырыахтара. Тохтуу түһэн баран ол барыта кэлиэ!

      – Хайы-ы, бу кыыс түннүгү одуулаһан хоһоон суруйа олорор дуу? – Марианна тоҥон-хатан, омун-нуран киирэн кэллэ.

      – Абыраммыт киһигин, уруок бөҕөтүн ааҕан! Сарсын эйигинниин барсыам этэ. Бүгүн сүрэҕэлдьээн сыт да сыт буоллум. Хайа, бу туох кумааҕытай? – Марианна остуолга уурбутун көрө охсон ыйытта.

      – Дьэ биһиги да хоско «Держать в холоде» кэлбит. Варяҕа баһыылка.

      – Ур-раа! Субуотаҕа тэринэн аһыыр эбиппит. Варя үөрүүһү дии.

      – Уолаттарбытын ыҥырарбыт дуу, Рома барахсаны иҥин, – Марианна дьээбэлэниэх санаата кэллэ.

      – Оок-сиэ, биһиги дьоммут бэһиэн аччыктара сүр буолуо, тугу да ордорбот буоллахтара дии. Варя – хаһаайка бэйэтэ билиэ, баҕар, бэйэтин курсун уолат-тарын ыҥырыа.

      – Оннук ээ. Чэ син биир 57-с хоско дьоро киэһэ, астаах-үөллээх күн буолсу! Бастаан баһыылканы хоско киллэриэххэ наада, – Марианна баһыылка кэлбитин туһунан биллэриини Варя оронугар ууран кэбистэ.

* * *

      Сэргэлээххэ, субуота күн буолан, сарсыардаттан туох эрэ ураты сүпсүгүрүү, өрө көтөҕүллүү баар кур-дук. Дашалаах бүгүн эмиэ хаһааҥҥытааҕар да сэргэх-тик уһугуннулар, өссө ороҥҥо сытан ким туох былааннааҕын ырытыһыы буолла.

      – Аня, бүгүн дьиэлээмэ эрэ. Биирдэ баҕас хоһунан үҥкүүгэ түһүөҕүҥ, – Марианна улахан киһи быһыы-тынан киэһээҥҥи былааннарын иилиир-саҕалыыр са-наалаах сытар.

      – Барбат ээ. Бэҕэһээ киэһэ тылын биэрбитэ. Варя барыбытын ханна эрэ илдьиэх буолбатаҕа дуо? – Даша ойон туран таҥнан барда.

      Варялара аанньа уһукта илик быһыылаах, саҥарбат.

      – Даа-даа, салайар кадрдары бэлэмниир техникум-ҥа үҥкүүлүү барыах буолбуппут. Айыкка, мин манна хаалар буоллаххытына дьиэлиибин. Эмиэ акаары баҕа-йытык истиэнэни өйөөн тураары. Хаста да сырытты-быт, наар биир хартыына дии. Саатар атын дьону киллэрбэттэр, – Аня кыргыттарын кытта хаалар са-наалаах сытар эрээри, кыратык «атаахтыыр».

      – Чэ, туруоҕуҥ эрэ. Үҥкүүнү саныы сытан хойу-таары гынныбыт. Бастатан туран үөрэх! Варвара – краса, уһугу-ун! – Марианна көрүөх бэтэрээ өттүгэр тура охсон, суунар тэрилин, чаанньыгын туппутунан көрүдүөргэ таҕыста.

      Кыргыттар, чэйдии, сирэйдэрин-харахтарын оҥос-то охсоот, үөрэнэр корпустарын диэки хаамыстылар.

      – Даша-а! – Даша эмискэ бэркэ билэр куолаһын истэн тохтуу түстэ.

      – Оо, Оля, хата, хайаан көрүстүбүт! – Даша үөрүү-түттэн дьүөгэтин кууспаҕалаан ылла.

      – Этимэ

Скачать книгу