Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Эр киһи уонна дьахтар - Егор Неймохов страница 35

Эр киһи уонна дьахтар - Егор Неймохов Билиҥҥи кэм прозата

Скачать книгу

дьону эмиэ үөһэттэн аллара көрөр улуу үрдүкү күүс киҥкиниир киэҥ халлааҥҥа баара буолуо дуо? Улуу өй дуу, күүс дуу баар буоллаҕына, тоҕо бу кинилэри оҕолонор дьолтон матарда? Туох буруйу оҥорбуттарын иһин? Чэ, ону көннөрөр кыах суох, ол иһин биир эрэ нөрүөн-нөргүйэн көрдөһүү баар – күн анныгар бүгүн кэлбит оҕолорун аһыннын, харыстаатын… Эбэтэр Таҥара сиргэ баар хас да миллиард киһи кыһалҕатын биирдиилээн кыайан ситэн көрбөтө дуу, оччоҕо итэҕэйээччилэр бука бары тоҕо күннэтэ малыыппа ааҕалларый? Арааһа, антах олох атын кээмэй, ким баҕарар көрдөһүүтүн арааран истэр албас, сирдээҕи көннөрү киһи төбөтүгэр сатаан батан киирбэт улууканнаах билии-көрүү баар буолан эрдэҕэ…

      …Өҥүрүк куйаастар ааһаннар, салгын сөрүүдүйэн эрэрэ эрээри, күн уотуттан туох барыта күндээрэ сырдаабыт күнэ үүммүтэ. Уоппуска кэмэ, дьон даачаларыгар, тыаҕа эбэтэр соҕуруу сынньана сылдьар буолан, куорат дьоно-сэргэтэ арыый аччаан, оптуобустарга үтүрүһүү-хабырыһыы кэм ама, арай сотору үөрэх саҕаланаары, кэлиилээх-барыылаах болуоссаттарга тэнийбит оскуола дьаарбаҥкаларыгар ийэлэрин батыһа сылдьар оҕо аймах саҥата салгыҥҥа эймэһийэн олороро.

      Диналаах балыыһаттан тахсар күннэрэ үүммүтүгэр, Бэргэннээх балыыһаҕа такси үлэһэн тиийбиттэрэ. Динаны батыһыннаран, оҕону көтөҕөн аҕалбыт сиэстэрэҕэ бытыылкалаах шампанскайы кытта хоруопкалаах кэмпиэти биэрбиттэригэр, күлэ-күлэ эппитэ:

      – Уолгут бөдөҥө сүрдээх, бэйэтэ хааман бардын.

      Оҕону бэйэтин да, киртиппит сууларын да сууйарга бэлэм уулаах-хаардаах сир диэн, эмиэ сайыҥҥы уоппускаларыгар тыаҕа барбыт Бэргэн таайын аах дьиэлэригэр аҕалбыттара. Дина маҥнай утаа оҕотун эмтэрэн, кинилэри кытта олорбута. Саҥа ийэлээх аҕа сонуннарыгар оҕолорун былдьаһа-былдьаһа көтөҕөллөрө, уолчаан соччо-бачча ытаабат этэ, тиэрэ көтөхтөрө сылдьан, ыас хара харахтарынан сүр боччумнаахтык дьиэ үрдүн одуулаһарын көрө-көрө үөрэллэрэ:

      – Оок-сиэ, хайдах өрөмүөн ыытыахха сөбүй диэн толкуйдуур быһыылаах, – сып-сымнаҕас сирэйиттэн сырылаччы сыллыыллара, дьикти сытыттан мэйиилэрэ туймаарыҥныыра, «дьэ бу дьол» диэн саныыллара.

      Дина сыыйа эмиийиттэн арааран, уолчааны гре-кефир диэн анал оҕо үүтүнэн аһатар буолбуттара. Бэргэн күннэтэ үүт куукунатыгар баран уочараттыыра, кефир иһитигэр баата бүөлээх аһылыгы аҕалбытын бытыылкаҕа кутан, суосканан иһэрдэллэрин уоллара сүр омуннаахтык эмэн чомурҕатарын көрө-көрө үөрсэллэрэ. Дина эмтэрбэт буолуоҕуттан эмиийин үүт киирбэт гына былаатынан тууна баанан кэбиспитэ уонна кинилэртэн барбыта, ити тухары оҕотуттан матарыттан хомойор курдук биир да тылы быктарбатаҕа. Бэргэннээх маннык күндү бэйэлээҕи, маҥнайгы оҕотун туох да саҥата-иҥэтэ суох, аһыйбакка-харыһыйбакка биэрбит Динаттан сөҕө да, махтана да санаабыттара да, тастарыгар биллэрбэтэхтэрэ.

      Дьэ ити курдук оҕолоро арыый бороохтуйан, үөрэх саҕаланыытын куоттара сыһан, анаппыт хоту оройуоннарыгар тиийбиттэрэ. Кинилэри күүтэн олороллоро, сүрдээх үчүгэйдик көрсөн, тута дьиэнэн-уотунан хааччыйбыттара.

Скачать книгу