Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Эр киһи уонна дьахтар - Егор Неймохов страница 34

Эр киһи уонна дьахтар - Егор Неймохов Билиҥҥи кэм прозата

Скачать книгу

ымманыйбатах бэйэтэ, ийэлээх аҕатын иккиэннэрин иэдэстэриттэн сыллаталаан ылбыта. Ксенья умса түһэн сыттыгы сытырҕалаата – сүрэҕи-быары ортотунан сайа охсор оҕотун сыта баар, ол иһин этиэхтэн ураты үөрүү кутун-сүрүн долгута халыйда, сыттыгы түһэҕэр туппутунан олордо. Сүрэҕин чопчута кырачаанын үлтү түһэрэн кэбиһиэм диэбиттии, сэрэнэн аан маҥнай көтөхпүт, үүт сыттаах быллайбыт сирэйиттэн сыллаабыт сайыҥҥы күнүн өйдөөтө…

      Кини Бэргэнниин бэс ыйыгар үөрэхтэрэ бүтэн, дипломнарын ылан, ону бэлиэтиир банкекка сылдьан бараннар, куоракка хаалбыттара. Дина атырдьах ыйыгар оҕолонуохтааҕа, ону кэтэһэн, бары сиэрин-силигин ситэрэн, докумуонун толорон, оҕону бэйэлэрин анныларынан суруйтаран, анаммыт сирдэригэр хоту үлэлии тиийэр баҕалаахтара. Дьиэлээх хаһаайыннара Дьарааһын кинилэр эбии өссө икки ый олорор санаалаахтарын истэн утарбатаҕа, бу оҕолору иҥэ-дьаҥа суохтарын, дьону мунньубаттарын уонна куортамнаһар харчыларын уталыппакка, болдьоҕун аһарбакка төлөөн иһэллэрин иһин сөбүлүүрэ.

      Оттон Бэргэннээххэ бэйэлэригэр туспа түбүк-садьык буолбута – Дина оҕото улахан буолан, эрдэттэн балыыһаҕа харыстаныыга киллэрбиттэрэ, онон күн ахсын кэриэтэ баран көрсөллөрө, үүт аһылык, кефир, дьаабылыка эҥин илдьэллэрэ. Эт-арыы олох аччаабыта эрээри, хата, фрукта чааһа дэлэйэ – Кавказ ыччаттарын итии дойдуга үүнэр отонноро быстыбата, бинэгирээтигэр, ананаһыгар тиийэ мэлдьи баара. Сахалар фруктаҕа үөрэммэтэх буолан, эбиитин сыаната да бас быстар ыараханыттан уонна бырааһынньыкка эрэ амсайар күндү ас курдук санааннар, улаханнык тууһугурбаттар этэ, биирдэ эмэтэ үөрүүлээх түгэннэргэ эрэ ылаллара.

      Ксенья хантан эрэ: «Оҕо ийэтин иһигэр сылдьыаҕыттан барытын өйдүүр үһү, онон кинини төрүү илигиттэн кэрэҕэ уһуйуллуохтаах», – диэни истэн, Үөрэх министиэристибэтиттэн хоту баралларыгар ылбыт борогуоннарын харчытын харыстаабакка, сүрдээх сыаналааҕын үрдүнэн, улуу худуоһунньук Левитан туһунан чаҕылхай ойуулардаах улахан альбом-кинигэни атыылаһан, Динаҕа илдьибитэ. Сиэстэрэ кыыһынан утахтарын, мииннэрин кытта кинигэни ыыппытын, Дина: «Хаһан ааҕыам буоллаҕай, эчи ыйааһына да ыарахана бэрт», – диэн суруйан төннөрбүтүн, Ксенья: «Бэлэхтиибин, хайаан да аах, саатар ойууларын көр, оҕоҕо наада», – диэн хардаран, сиэстэрэттэн хаттаан илдьэн биэрэригэр көрдөспүтэ.

      Дьэ онтон биирдэ төрүүр дьиэ аанын атыллаат, үгэстэринэн, аллара эркиҥҥэ көстүүлээх сиргэ ыйаммыт ким саҥа төрөөбүтүн суруйар испииһэктэригэр: «Петрова Дина, уол, 4 кг. 800 гр.» диэни ааҕаат, Ксенья үөрүүтүттэн саҥа аллайбыта уонна аттыгар турар Бэргэнин кууһа түспүтэ. Кэмниэ-кэнэҕэс күүтүүлээх оҕолоро күн сирин көрбүт эбээт! Уонна оҕо наһаа улаханын сөхпүттэрэ, маҥнайгы оҕо диэтэххэ дьэ сүрдээх эбит!

      Икки апельсинтан ураты туга да суох көннөрү билсэ кэлбит буоланнар, сонно төннөн, күөх баһаарга тэбиммиттэрэ. Онно сиэх быһаҕас ырбаахылаах, килэрийбит-молоруйбут грузин дуу, армян дуу киһититтэн сүүрбэ биэс солкуобайга көтөх муҥунан сибэкки

Скачать книгу