Скачать книгу
олус сылайда. Билиардаабыт хосторун дьыбааныгар улаханнык хотторбут эрэ утуйан хаһыҥыратар. Кини дьон көрөрүгэр эрэ харчынан харса суох ыһыахтанарын, киэптиирин, сөхтөрөрүн сөбүлүүр. Ыалдьыттар баалларыгар, баһаалыста – «сулус» ырыаһыттар диэн, ресторантан наймыламмыт официаннар диэн. Онтон бырааһынньык бүттэ, киэһэ буолла да – хайдыбыт хоруудаҕа түһүү буолар, Карп кэппиэйкэни да ордук ороскуоттаабат, инньэ гынан дьиэни-уоту көрөр-истэр үлэһит дьахтар туһунан истиэн да баҕарбат. Дина бырааһынньык кэмигэр хотун бэйэтэ, бырааһынньык бүтэн, дьон тарҕаста да, иһити уонна дьиэни сууйааччы хамначчыт дьахтар таһымыгар түһэ охсор. Наһаа сылайар да хайдах гыныаҥый, кини туох да тутуура суох, этэргэ дылы, турар бэйэтэ бу кыһыл көмүс килиэккэҕэ кэлэн киирдэҕэ. Килэйбит-халайбыт этээстээх дьиэҕэ-уокка кэлэригэр биир эрэ чымадаан баайдааҕа, онтон атын кини кэрэхсэтэрэ диэн туох кэлиэй, иирэ талахтыы дьылыгырас быһыыта-таһаата, номоҕон мөссүөнэ да бу баайга-дуолга тэҥнэһэр кыаҕа суоҕа. Тойоно санаата алдьаммыт күнүгэр ону биллэриэн, хайа баҕарар сирэй-харах анньыан да сөп. Аны, Карп бэйэтэ этэринии – «деловой партнердарын», быһата, үп-харчы ылсар-бэрсэр тэҥнээхтэрин эрэ кытта көрсүөхтээх, намыһах таһымҥа турааччылары билиммэт, бу сырыыга Ксеньялааҕы мааны ыалдьыттары кытта тэҥҥэ ыҥырбытын улаханнык сөбүлээбэтэҕэ. Бииргэ үөрэммит, наһаа истиҥ дьүөгэм диэн нэһиилэ тылын ылыннарбыта. Онтуката ханна баарый – дьоно бастакы остуолга нэһиилэ олороот, адьас атын өйдөөх-санаалаах, үп-харчы, баай-дуол өттүнэн букатын ураты эйгэҕэ сылдьар дьону кытта хайдах да тэҥник туттан кэпсэтэр-ипсэтэр кыахтара суох эбитин өйдөөн, саҥата-иҥэтэ суох эрдэ тыас хомуммуттар, барбыттарын билбэккэ да хаалбыт. Этэргэ дылы, Ксеньялаах икки этээстээх дьиэҕэ квартира дуомнаахтар, күннэтэ оптуобуска анньыалаһан кэлэллэр-бараллар, харчылара хамнастан хамнаска тиийэр буоллаҕына баһыыба. Оттон кини эрин эйгэтин дьонун тыла-өһө: коттедж, лимузин, Куршавель, бутик…
Дьүөгэтэ ааҕы, арааһа, сыыһа ыҥырбыт, куоракка маҥнай көрсө түспүччэ, соһуйбучча кэлэ сылдьыҥ диэн кэбиспитэ, мэйиитин хайа эрэ улаҕатыгар төрөппүт оҕом бу күн сиригэр баар диэн өйдөбүлэ ааспакка-арахпакка сылдьар быһыылааҕа. Ол иһин кинини иитэр дьону көрөөт, дэлэй-былас бардаҕа. Эмиэ да оҕолооҕум туһунан Карп биллэҕинэ киэҥ айдаан, улахан иирээн тахсыа диэн, Ксеньялааҕы бэйэтигэр чугаһатан, кинилэри албыннаһан, ону-маны ордугу-хоһуну кэпсии сылдьыбатыннар диэн ньымааттаһар быһыыта эбитэ дуу? Эрим эрэ билбэтэр диэн баҕалаах, ол иһин күлүгүттэн да дьаарханар курдуга, барыттан бары дьулайыы, дьиҥ санаатын кистии-саһыара сатааһын, быһата, элбэх айа тардыллыбыт хонуутугар сылдьар курдук өрүүтүн куттанар, сэрэнэр-сээбэҥниир дьик-дьах турук олус сылатар уонна доруобуйаны да күүскэ айгыратан эрдэҕэ…
Дина күөгэйэр күннэригэр элбэх уол сүрэҕин долгуппут, бэйэтэ да хардары таптал таарымтатыгар ылларбыта балачча буолуохтааҕа. Сорохтору кытта арахсыы хаһан да оһуо суох курдук сырҕан бааһы үөскэттэ диэн ытааһын-соҥооһун, айманыы-сайманыы да баара, ол эрээри барыта ааһар, сыл-хонук үгүһү оһорор, ити курдук Русланныын
Скачать книгу