Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Эр киһи уонна дьахтар - Егор Неймохов страница 27

Эр киһи уонна дьахтар - Егор Неймохов Билиҥҥи кэм прозата

Скачать книгу

хаһаайка ыалдьыттара, – диэтэ.

      Онон, чаас аҥаарын иһинэн дьиэлэригэр баар буоллулар. Ксенья массыынаттан тахсаат да, тууйулла сылдьыбыт санаатын тута кэпсээбитинэн барда:

      – Ити билбэт дьахталларым аттыгар турбахтаан баран ыксаан куоттум, кинилэри кытта кэпсэтэр да кыаҕым суох эбит диэн санаатым, кэлин аҕыйах ыйга ким туох дьиэни, массыынаны атыыласпытын, хайа дойдуларынан сылдьыбытын куоталаһар курдук ырытыһан бардылар. Биһиги үйэбит тухары харчы мунньунан массыына дуу, саҕынньах дуу ыллахпытына үөрүөхпүт, оттон кинилэр аҕыйах ый иһигэр! Ити гынан баран, ылар да, биэрэр да иэһэ суох, туох да санаата-оноото суох сылдьыы – мин санаабар, ханнык да баайга бэриллибэт саамай улахан дьол!

      Бэргэн хардарбата, ол эрээри кыараҕас аан хоско таҥастарын уста туран көрдөҕүнэ, Диналаах коттеджтарын кэнниттэн, оо, квартиралара муҥнаах кыра да эбит! Утуйар хоһу, сааланы, оҕолорун хоһун да холбоотоххо кыараҕас. Хоско Ксенья таҥаһын уларытта киирдэ, оттон икки киһи кыайан ааһыспат куукунатыгар Бэргэн киирэн хаадьаҥалыыр мас олоппоско олордо уонна улам кыйыттыах курдук кыынньан барда. «Коммунизмы тутааччы моральнай кодексын» тутан абыраннаҕа бу! Ыт уйатын саҕа «чыбы» квартираны бас билбиттэриттэн үөрбүтэ – онто ханна баарый, Диналаах аҥаардас бильярдыыр хосторо кини квартиратын дуомуттан икки-үс бүк киэҥ. Киһи киһиэхэ тиийбэтэ, тэҥэ суох буолара диэн сүрдээх да эбит! Кэлин аҕыйах ыйга саҥа дьиэ, сонун массыына атыылаһаллар, Дина «биир төрүттээх-уустаах, бары тэҥ» дьоммут диирэ хантан кэлиэй?!

      Бэргэн үйэтигэр туох да куһаҕаны оҥорбокко, бэл биирдэ да итириэр диэри арыгылаабакка, мэлдьи илэ өйүнэн, этэллэригэр дылы, «туох да куһаҕан тахсыбат киһитэ» аатыран, көбүс-көнөтүк, сыыһа-халты хамсаммакка сылдьыбыта. Оттон Дина көртөн-нартан маппатын, күүлэйтэн да туора туран хаалбатын түмүгэ буолан, Эллээйчик үөскээн хааллаҕа, киһиэхэ албыннаттаҕа диэн наһаа аһыналлара, ол бэйэтэ «Лан крузер» массыынатын мииммитин курдук, хайдахха дылы саҥа үүммүт олох ахсым атыгар «лап» гына олорсон, сааһырбыт да буоллар, лаппа кыахтаах киһиэхэ эргэ тахсан, байыы-тайыы суолунан иннин диэки ыраах барбытын көрөн сөҕөҕүн. Бииргэ үөрэммиттэрэ да икки ардылара сир уонна халлаан курдук тэйэн, баай-дьадаҥы буола охсубуттар, кинилэрдиин тэҥнэһэр аны кыаллыбат, суол ортотугар хааллахтара… Санаа-оноо үүйэ-хаайа тутар, суох, маннык сатаан олоруо суох, таһырдьа тахсан хаамыталыы түһэн кэллэҕинэ сатаныыһы…

      Бэргэн сонун бүрүнэ быраҕынна да, таһырдьа баар буолла. Хайыы-үйэ хараҥаран эрэр. Кинилэр дьиэлэрэ дэриэбинэ кытыытыгар баар, онон тута хонууга тахсан, көнө сиринэн сирэйин хоту саллаҥнаата, иннигэр туох да көстүбэтин үрдүнэн, дьөрү сэппэрээк да үүммэтэх киллэм хонуунан хааман иһэрин билэрэ, халлаан ичигэһигэр соторутааҥҥа диэри бадараанынан баһылла сыппыт суол кэллэ, хата, тоҥмут, онон лүһүгүрэс буорга үктэнэн эрэйдэммэккэ туораата. Балачча хаамта, кэннин хайыстаҕына, дэриэбинэ чаҕыл уоттара сүр сытыытык тырымнаһаллар. Тэйиччи массыына тыаһыыр, тоҥ хонууга кини атаҕын тыаһа бүтэҥитик лүһүгүрүүр, ол курдук дэриэбинэттэн

Скачать книгу