Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Эр киһи уонна дьахтар - Егор Неймохов страница 26

Эр киһи уонна дьахтар - Егор Неймохов Билиҥҥи кэм прозата

Скачать книгу

кэргэнин Динаны кытта остуол баһыгар олордулар уонна графины луоска кырыытынан тоҥсуйан тыҥкынатта:

      – Доҕоттор, эһигини мүнүүтэҕэ да иллэҥнээбэттэрин, бары олус эппиэттээх үлэҕэ сылдьаргытын билэбин… – дии-дии күлбүтэ буолла, – ол эрээри бу киэһэ саатар аһылык кэмигэр сынньаныҥ, төлөпүөннэргитин араарыҥ, үлэбит туһунан сыыйа-баайа кэпсэтиэхпит…

      Кырдьык даҕаны диэбиттии, бары төлөпүөннэрин араартаатылар. Ыалдьыттар кимнээхтэрин билбиттэрэ – бары да туспа тэрилтэлээхтэр, тутуу, суол оҥоруутун эҥин курдук улахан тыын боппуруостарынан дьарыктанар араас фирмалары салайаллар эбит. Ол иһин хара ааныттан кэпсэтии-ипсэтии үп-харчы хамсааһынын, барыстаах үлэхтэри ылыы, ханна хас мөлүйүөннээх үлэ оҥоһуллубутун, ким тугу барыыһырбытын-ночоотурбутун туһунан буолла. Иһит-хомуос тыаһаата, бары уруккуттан билсэр буолан, тута кэпсэтии, күүгүнэһии саҕаланна.

      Бэргэннээх бу хампаанньаҕа күһүҥҥү уойбут-топпут хоҥор хаастар ортолоругар кэлэн түспүт ырбыт-дьүдьэйбит сааскы чыккымайдардыы сананнылар, олох бу бырааһынньыгар туспа дьон курдук буолан, саҥата суох сукуһан олордулар, бэл аһыах да санаалара кэлбэт, бакаалларга кутуллубут отон уутун сыппайбыта буоллулар. Кинилэри кыраҕытык кэтии кэннилэригэр турар официант уолаттар, кураанахтаатылар да, сонно толортоон иһэллэр. Ыалдьыттар тириттилэр-хоруттулар, эр дьон бинсээктэрин эмиэ устан, олоппосторун өйөнөрүгэр иилэ бырахтылар. Күлсүү-салсыы, ол олорон кэпсэтиилэрин хайысхата син биир үлэлэригэр иэҕиллэ турар, өй-санаа барыта хантан, хайдах гынан бизнеһи тупсарар туһунан буолла. Ол быыһыгар тыл этэллэр, бары бастаахтар бүппүттэрин кэнниттэн хаһаайын Бэргэҥҥэ дьэ тыл биэрдэ:

      – Динам бииргэ үөрэммит доҕотторугар – Ксенья, Бэргэн Ивановтарга… – диэн буолла.

      Бэргэн турда уонна маннык үтүө дьиэни-уоту туттубут дьонун хайҕаата, билиҥҥи кэмҥэ үгүстэр соһуйан-уолуйан, сорохтор урукку былааска бэлэмҥэ үөрэнэн хаалбыттарынан саҥа үйэҕэ оннуларын булбакка сылдьалларын бэлиэтээтэ («ол иһигэр мин» дии сыста) уонна кэпсээҥҥититтэн иһиттэххэ, баар дьон бары бизнестээх, үбү-харчыны оҥорор дьон эбиккит, үйэ уларыйбытынан аны судаарыстыба буолбакка, эһиги курдук дьонтон барыбыт кэлэр кэскилбит, норуоппут, ыччаппыт дьылҕата тутулуктанар диэн баран:

      – Сүрэххитигэр чэпчэки, сиэпкитигэр ыарахан буоллун! – диэн тост көтөхтөрдө.

      Кини этиитин сөбүлээтилэр, ким эрэ: «Тугунан дьарыктанаҕын?» – диэн ыйыппытыгар, Бэргэн хоноччу туттан баран, дорҕоонноохтук эттэ:

      – Кэргэним оскуолаҕа биэлсэр, оттон мин харабылбын, дуоһунас кирилиэһигэр боростуой норуоту кытта баарбыт уонна онон киэн туттабыт! Кэргэним наар оҕолору кытта бодьуустаһар, ити курдук ким эрэ материальнай уйгунан, оттон ким эрэ дьоҥҥо духуобунай баайы иҥэриинэн дьарыктанар, – диэтэ.

      – Оннук-оннук, – кылгас хаалтыстаах, маччаҕар сүүһэ, кэннин диэки тарааммыт уһун баттаҕа хайдах эрэ кэриэйдии дьүһүннүүр киһи биһирээн санныга

Скачать книгу