Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Эр киһи уонна дьахтар - Егор Неймохов страница 23

Эр киһи уонна дьахтар - Егор Неймохов Билиҥҥи кэм прозата

Скачать книгу

style="font-size:15px;">      – Динара Игоревна, ханна барабытый?

      Дина кинилэр диэки хараҕын быраҕан ылла:

      – Бэйи, бу дьону маҥнай тиэрдиэххэ, аадырыскытын этиҥ эрэ, – уонна тиийэр сирдэрин истэн баран соһуйда, – онно тугуй, ол дэриэбинэҕэ дьиэ туттубуккут дуо?

      – Суох, туох дьиэтэ кэлиэй, манна саҥа олохсуйбут дьоҥҥо, – диир Бэргэн, – итиннэ Ксенья оскуолаҕа биэлсэрдиир буолан, киниэхэ уопсайга квартира биэрбиттэрэ.

      – Уопсайга квартира даа? – Дина соһуйбут курдук хатылаан ыйытта уонна бэйэтэ бэйэтин уоскутардыы саҥарда: – Ол эрээри тыаттан саҥа киирдэххит, барыта – иннигитигэр.

      – Биһиэхэ ол да сөп, үҥсэргээбэппит, – диэтэ Бэргэн кыйыттыбыттыы.

      – Оҕолоор, бэйэ-бэйэҕитин кытта көрсүбэтэххит ыраатта дии уонна атын кэпсээн суоҕар дылы баайы-дуолу аахсымаҥ. Кырдьык, Дина, биһиги, куоракка саҥа киирбит дьон, ити да дьиэ көстүбүтүгэр үөрэбит. Бэйэҥ туох эрэ уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктанар быһыылааххын дуу? – диэн Ксенья ыйытта.

      Дина мүчүк гынна:

      – Бар дьоммут туһугар кыһаллыахтаах буоллахпыт дии, ол иһин араас уопсастыбаннай хамсааһыннарга харса суох кыттабын, олус уустук, норуоппут кэскилэ барыта быһаарыллыан сөптөөх мүччүргэннээх кэмҥэ кэллибит, оннук түгэҥҥэ мунукка-ханныкка саһан сытар табыллыбат. Оҕолоор, кэлэр субуотаҕа биһиэхэ кэлэ сылдьыҥ эрэ, кэргэммин билиһиннэриэм, дьиэбин-уоппун көрдөрүөм.

      – Туох эрэ бырааһынньык буолар дуу? – Бэргэн чуолкайдаста.

      – Суох, субуоталарга мин кэргэним бизнескэ бииргэ үлэлиир дьонун ыҥыртаан сынньанааччылар, үксүн тыаҕа бултуу-алтыы барааччылар, бу сырыыга халлаан тымныйда, ыраата үүтээннэригэр айанныахтарын өрүс мууһа тура илик, онон дьиэбитигэр бырааһынньыктыахпыт диэн эппитэ.

      – Эс, эн кэргэҥҥиттэн хайдах эрэ толлобут, партнердара да олус сүрдээх-кэптээх буолуохтара, онно биһиги курдук судургу дьон туох диэн тиийиэхпитий? – Ксенья салла санаабытын кистээбэтэ.

      – Мин кэргэним Карп киһи курдук киһи, баҕар, омос көрөргө тоҥкуруун курдук буолуо да – билсэн-көрсөн бардахха, кимтэн кэпсээннээх-ипсээннээх, оттон билигин кыратык кыаҕырбыппыт диэн улахан кэпсээҥҥэ киирбэт. Сахалар төрдүбүтүн ырыттахха, оннук тиэрэ байбыт, аан дойду миллиардердарын кытта тэҥҥэ турар киһибит былыр да суоҕа, билигин да тахсара ыраах, онон бары биир төрүттээх-уустаах, тэҥ дьоммут диэн кэбиһиҥ.

      Чочумча ах бардылар, түннүк нөҥүө Туймаада киэҥ сыһыыта элэгэлдьийэр, от-мас кэмчи, иинэҕэс иирэлэр, сэппэрээктэр ааһаллар, ол оннугар массыына быыһа-арда суох субуллар, тэйиччи түөртүү-биэстии этээстээх дьиэлэр аттыларыгар араас саҥа тутуулар көстөллөр. Суоппар хотунуттан көҥүллэтэн баран араадьыйатын холбоото – ыраах хоту дойду, туундара туһунан ырыа дьүрүһүйэр, бары ону иһиллиирдии чуумпуран олордулар, Бэргэн хоту олохторун, кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга дьүкээбил уота халлааны барытын сырдата күлүмнүүрүн-чаҕылыҥныырын туоххаһыйа өйдөөтө, оттон Ксенья дьүөгэтэ кыаҕырбыт-байбыт эрээри,

Скачать книгу