Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Эр киһи уонна дьахтар - Егор Неймохов страница 25

Эр киһи уонна дьахтар - Егор Неймохов Билиҥҥи кэм прозата

Скачать книгу

дьонун ортолоругар саха киһитэ омуктар нэлэкилэрин эринэ тардынан, төбөтүгэр туох эрэ куорсуннардаах бэргэһэни анньынан, илиитигэр үҥүү тутан, үөрэ-көтө турар, аны Республика Президенэ кими эрэ кытта эйэ дэмнээхтик кэпсэтэр, онтон булчуттар таас хайа үрдүгэр аһыы олороллор, бултарын – хас да чубукуну хаарга тэлгэппиттэр, аны ыһыах быһыылаах – бары сахалыы таҥастаахтар, оһуохайга хааман хотолдьута сылдьаллар. Мааны ыалдьыттар киинэни көрө-көрө үөрдүлэр-көттүлэр:

      – Хайа, ити эйигин хаһан түһэрбиттэрэй?

      – Африка ханнык дойдутай?

      – Чубукулары кыайбыккыт, Дьааҥы хайалара дуу?

      Киинэ бүттэ, экран умулларын кытта дьиэлээх хаһаайын Карп сцена үөһэ баар буола түстэ уонна артыыстардыы хаҥас илиитин тарбахтарын бинсээгин эҥээригэр батары анньан баран, аҕыйах тылы эттэ:

      – Биһиги күндү доҕотторбутун көрсүһэр күҥҥэ маҥнай бэрт кыратык уруккуну санатар түгэннэри көрдөрдүбүт, эмиэ саҥаттан дьиэҕэ-уокка наллаан сынньанар субуота үүммүтүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит уонна эһиэхэ анаан, саха эстрадатын «сулустарын» күүһүнэн эҕэрдэ кэнсиэри саҕалыыбыт. Мантан ыла тылы ылар биллиилээх конферансье уонна диджей Куллугуратыы Куонаан, кини салайан ыытыа.

      Хаһаайын саҥатын дорҕооно да сүтэ илигинэ, хантан эрэ баар буола охсубут муус маҥан көстүүмнээх хатыҥыр эдэр киһи кирилиэскэ наадыйбакка, сценаҕа биир ыстаныынан эрчимнээхтик ойон тахсан, кытарбыт хобордооххо үктэммиттии, биир сиргэ таба турбакка тэйиэккэлии сылдьан, маҥнай уустаан-ураннаан эҕэрдэлээтэ, бэрт элбэх үчүгэйи, ол иһигэр үрүйэ уутунуу үллэ турар үгүс үптээх буолалларыгар баҕарда уонна биллэрэн чоргутта:

      – Билигин кэнсиэрбитин саҕалыыбыт – эстрада сулуһа Туналҕана Куо, дохсун ытыс тыаһынан көрсөбүт!

      Бэргэн маны көрөн олорон, сүрдээҕин дьиктиргээтэ – эстрада ырыаһыттарын тыйаатыр сценатыгар хам-түм көрөр эбит буоллаҕына, ол дьоно чааһынай киһи ыҥырыытынан кэллэхтэрэ, оок-сиэ, харчы баар буоллаҕына, тугу баҕарар оҥоруохха сөп үйэтигэр үктэннэхтэрэ. Түргэнник да хаппыталыысым дойдутугар кубулуйа оҕустулар, бу артыыстар барахсаттары туох диэн буруйдуоҥуй, хамнастара быыкаайык, ол иһин аҕыйах да солкуобайы эбинэр баҕаттан, кыһалҕаттан араас бырааһынньыктарга кыттан эрдэхтэрэ.

      Оттон үп-харчы эргийэр тымырдарын тутан олорооччу тойотторго билигин сиэр-майгы, чиэһинэй быһыы, сэмэй буолуу диэн өйдөбүллэр ыраах быраҕыллан, быылынан-буорунан сабыллан эрэллэр быһыылаах, Москваттан саҕалаан, кинилэр Дьокуускайдарынан түмүктээн, ханна баҕарар арыычча кыаҕырбыт киһи өйө-санаата – байарга, байарга уонна байарга эрэ диэн. «Бил баһыттан сытыйар» дииллэринии, салайааччылар судаарыстыба харчытыгар үлэлэри оҥортороллорун манньатыгар араас «откаттарынан» сирэйэ-хараҕа суох уоран-халаан тиэрэ байбыттарын көрө сылдьан, кыра да дуоһунастаах киһи үпкэ-харчыга сыстар түгэн эрэ тоҕоостор, «сатабыллаах – саһыл саҕалаах» диэн баран, уоруу суолунан бара турарыгар тиийэр. Ол киһи уоран

Скачать книгу