Эргэ өтөх хоноһото. Иннокентий Сосин

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Эргэ өтөх хоноһото - Иннокентий Сосин страница 6

Эргэ өтөх хоноһото - Иннокентий Сосин Көстүбэт эйгэ кистэлэҥэ

Скачать книгу

барыахтаах сирин диэки салайан кэбиспит. Ата түүн үөһэ айанныылларыттан салгыбакка, төттөрүтүн үөрбүт курдук, кулгаахтарын чөрөтөн, сиэллэрин силэйэн, биир тэҥник айаннаан сирилэтэн барбыт.

      Өтөх саҕатыгар тахсыытыгар балаҕан диэкиттэн: «Оо, абаккабыт даа баар эбит ээ! Эрдэ тутуу былдьаспаккабыт. Куоттардахпытын!», «Ситэри оҥоһуулаах уол оҕо эбиккин! Сиэттэрбэккэ куоттаҕыҥ», – диэн дьахталлар хаһыылара иһиллибит. Уодай куттаммыта өссө улааппыт, атын бокуойа суох кымньыылаабыт.

      Нөҥүө күнүгэр сарсыарда күн тахсыыта ыалга тиийэн үс үрүйэ төрдүгэр түбэспит быһылаанын туһунан сиһилии кэпсээбит. Онуоха, дьиэлээх киһи Уодай кэпсээнин болҕойон олорон истэн баран:

      – Ол хотуттар эмиэ эр киһини бултаһан эрдэхтэрэ, – диэн баран, аал уотун диэки көрөн кэбиспит.

      – Ити туох дьахталларый? Тоҕо эр киһини «бултаһалларый?» – диэн Уодай чуолкайдаһаары ыйыталаспыт.

      – Ити дэриэтинньик дьахталлар, олорбуттара сүүрбэччэ сыл буолла.

      – Хайдах? Ити курдук уот оттунан, ас аһаан…

      – Кинилэр уот оттуохтара дуо? Эн хараххын баайаллар. Ити эн хоммут дьахталларын өтөр буолабуола, баччаларга дьиэлэригэр олоро түһэ-түһэ сүтэллэр. Эн дьиҥэ, былыр үйэҕэ быраҕыллыбыт, дьон олорботох, тоҥ хаһаа дьиэҕэ хоно сырыттаҕын.

      – Мин тоҕо тоҥон хаалбатым? Ол кэннэ онно уот-күөс мааны этэ дии. Олус сылаастык, үчүгэйдик сынньанан турбутум.

      – Эйиигин дэриэтинньиктэр абылаатахтара дии.

      – Ити дьахталлар хайдах дэриэтинньик буолбуттарай? Кэпсээбэккин ээ, – Уодай дьиэлээх киһиттэн көрдөспүт.

      – Сүүрбэттэн тахса сыллааҕыта, биһиги бу дойдуга олохсуйуохпут иннинэ, ити дьиэҕэ икки ыал, ол тэҥэ биир эр киһи балта дьахтар буолан бары дьукаахтаһан олорбуттар. Наар булдунан айахтарын ииттэн, аҕыйах сүөһү сыыстанан, син бэркэ олорбуттар. Куһаҕаннара диэн икки ыал тухары оҕоломмотохтор. Эр дьон бултаан, аһы-үөлү булаллара, оттон дьахталлар сүөһүлэрин көрөллөр. Арай ол олороннор, биирдэ эр дьон бултуу тахсан баран, дьиэлэригэр эргиллибэтэхтэр. Бадаҕа, ханнык эрэ быһылааҥҥа түбэспит быһыылаахтар. Дьахталлар ус сааһы быһа кэтэһэ сатаан баран, биир күн үһүөн ыйанан өлөн хаалбыттар. Ону чугаһынан ыал-көс суох сирэ, онуоха эбии уу-хаар хаайан, сылдьыһыы даҕаны суоҕа эбитэ буолуо, дьахталлар өлүктэрин, ууллан тохтубутун, үөн-күрдьэҕэ ыспытын, киһи чугаһаабат буолбутун эрэ кэннэ булбуттар. Онон, дьахталлар уҥуохтара хараллыбакка хаалбыт.

      Чугастааҕы ыал (чугаһа да диэн үс көс иһинэн) ким да сылдьыбат, ырааҕынан тумна хаамар сирдэрэ буолбут.

      ДЬАХТАР ОТ МУСПУТА

      Мин тус бэйэм, баччаҕа этэҥҥэ сылдьыахха, абааһыны көрбөтөҕүм. Дьиҥэр баран эттэххэ, көрүөхпүн даҕаны баҕарбаппын. Ол да буоллар, билигин даҕаны эргэ быраҕыллыбыт өтөхтөргө, киһи уҥуохтаах сирдэргэ соҕотоҕун сылдьыахпын куттана, дьаархана саныыбын.

      Сэрии саҕана

Скачать книгу